Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 5 oC

Киһи барыта ыраас салгынынан тыыныан, ыраас эйгэҕэ олоруон баҕарар. Ол эрээри, күннээҕи олохпут сиэринэн ас-үөл тобоҕо, эргэрэн туттуллубат буолбут таҥас-сап, мал-сал бөх буолан, сыбаалкаҕа тахсарыгар тиийэр.

Киһи барыта ыраас салгынынан тыыныан, ыраас эйгэҕэ олоруон баҕарар. Ол эрээри, күннээҕи олохпут сиэринэн ас-үөл тобоҕо, эргэрэн туттуллубат буолбут таҥас-сап, мал-сал бөх буолан, сыбаалкаҕа тахсарыгар тиийэр.

Дьэ, мантан саҕаланар сыбаалка олоҕо. Тыа сиригэр олорор ыал урукку өттүгэр туох баар умайар бөҕү-саҕы тиэргэҥҥэ буочука, баах туруоран баран, онно уматар буолбуппут, арай кыайан умайбат бааҥканы, бытыылканы сыбаалкаҕа таһаарарбы. Оттон билигин олох укулаата уларыйан, дьиэ таһыгар уматары бобор араас сатамньыта суох сокуоннар тахсаннар, бэл, туалет кумааҕыта кытта сыбаалкаҕа таһаарыллара ирдэннэ. Биир күннээх бөх – биир мөһөөччүк буолар буолла! Ону бөһүөлэккэ төһө ыал баар да, оччоҕо төгүллээтэххэ, бэйэтэ биир хайа саҕа бөх күннэтэ мунньуллан сыбаалкаҕа барар. Онно тэрилтэлэриҥ, маҕаһыыннарыҥ бөхтөрүн, араас хортуон дьааһыгар тиийэ эбэн кэбиһиэхэ.

Бу ааспыт сылларга биһиги бөхпүтүн мииринэйдэр хомуйаллар үһү диэн буолбута, онно-манна тимир дьааһыктар туруоруллубуттара. Онтубут күн аайы хомуллубакка, сыт-сымар бөҕөтө буолан, онуоха эбии ыттар ыскайдааннар, ый-күн ыһыаҕын ыһаннар, Сунтаар омуна суох бөххө көмүллүбүтэ.
Быйылгыттан бэйэбит бөхпүтүн бэйэбит хомуйар үһүбүт диэн иһиллибитэ. Улахан күүрээннээх Үлэ бырааһынньыгар ыбаалкаҕа киирэр аан ыраастаммыта, ырааһырар үлэ оҥкула уурулунна диэн буолбута. Бары үөрэн-көтөн, бөхпүт харчытын хаһан, ханна төлүүрбүтүн ыйыталаспыппыт. Мин саас, муус устарга, сыбаалка иһигэр киирэ сылдьыбытым, эргийэн тахсар үчүгэй баҕайы суол баар эбит, ортотугар кураанах сир буолунай. Массыынанан бөх тоҕо киирэр дьон тоһоҕону кэтэн тахсыахпыт диэн сэрэнэн, бөхтөрүн киирэр ааҥҥа быраҕаллар, онтубут ханна барыай? Тыал үрдэ даҕаны сири-сибиири биир гына ыһыллар. Бүгүн Сунтаар олохтоохторун батсааптарыгар эмиэ сыбаалка туһунан ыйытык күөрэйдэ. Онуоха улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Николай Александров маннык харданы биэрдэ:

– Сыбаалканы федеральнай сокуонунан, анал лиссиэнсийэлээх тэрилтэ эрэ хомуйара көҥүллэнэр. Улуус салалтата икки төгүл туруорсан, сыыһа дьаһаныы барбытын дакаастаан, бэйэбит дьоммут көҥүл ыланнар, сыбаалканы хомуйар быраабы ыллылар. Эр дьон кустаан кэллилэр даҕаны, үлэ былаан быһыытынан ыытыллыаҕа. Үлэ бырааһынньыгар бастакы хамсаныыта, саҕалааһына барбыта. Сыбаалка анал үлэһиттэрдэнэн, ханнык массыына кэлбитин-барбытын көрөр камера ыйанан олохтоохтук үлэлиэҕэ.
Бу курдук дьон-сэргэ долгуйар боппуруоһун бөлөххө көрөн олорон, улуус биир салайааччыта тута харда биэрбититтэн мин астынным. Аныгы олох сиэринэн, омуктар курдук, бөхпүтүн арааран мунньан сороҕун туһаҕа таһаарбыт киһи өссө ситэри үчүгэйбуолуо этэ. Бөх дьааһыктарыгар ыт киирэн ыспатын курдук дьаһаныахха, бөхпүтүн дьааһыктарга таба, чөкө быраҕыахха. Уонна урукку курдук, уматыллыан сөптөөх, быстах, кыра бөҕү-саҕы дьиэ таһыгар уматары көҥүллүүр куһаҕана суох буолуо этэ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Асчыттар түмүстүлэр

Балаҕан ыйын 25-29 күннэригэр Дьокуускай куоракка, Хомсомуол болуоссатыгар тыа…
04.10.24 16:01