Ол курдук, ардахтар иннилэригэр, Ытык Күөл сэлиэнньэтин Ленин, Ойуунускай, Өксөкүлээх Өлөксөй аатын сүгэр киин уулуссаларыгар долохуна, бэс, хатыҥ, үөт уо.д.а. мастары олордууга субуотунньук буолбута. Көҕөрдүүгэ улуус дьаһалтатын, үөрэх, тыа хаһаайыстыбатын, успуорт салааларын, Норуот айымньытын дьиэтин, кииннэммит библиотека, бухгалтерия, балыыһа уо.д.а. тэрилтэлэр кэллэктииптэрэ үлэлээбиттэрэ.
Олордуллар талахтары, мастары улуус нэһилиэктэрэ хааччыйдылар: Алдан нэһилиэгэ- 40 кыһыл талаҕы, 40 долохунаны, Уолба нэһилиэгэ -- 80 үөтү, Орто Амма нэһилиэгэ -- 12 үөтү, 40 бэһи, Амма нэһилиэгэ -- 60 долохунаны, 20 бэһи, Уус Амма нэһилиэгэ -- 30 бузинаны, 20 бэһи, Дьохсоҕон нэһилиэгэ -- 66 хатыҥы, 48 талаҕы, Тыараһа нэһилиэгэ -- 30 хатыҥы, Игидэй нэһилиэгэ -- 40 хатыҥы, Дьүлэй нэһилиэгэ -- 43 хатыҥы аҕалан биэрдилэр.
Бэҕэһээ Ф.М.Охлопков аатын сүгэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар Норуот айымньытын дьиэтин күүстээх аҥардарын салайыыларынан улахан субуотунньук тэрилиннэ.
Барыта 150-ча киһи кыттыылаах көхтөөх субуотунньукка паарка эргэ-урҕа тутууларын көтүрдүлэр, охтубут мастары, чөҥөчөктөрү ыраастааннар тиэйдилэр.
Бу курдук иннибитигэр “Манчаары оонньуулара” диэн, биир да тэрилтэ туора турбакка, көхтөөхтүк, тэрээһиннээхтик кыттар.
- 6
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0