Бу аахсыйа Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр, дойду суверинитетын уонна оҕолорбут кэскиллэрин көмүскүү анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьон холобурдарыгар оҕо аймаҕы патриоттыы тыыҥҥа иитэр сыаллаах тэриллэр.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ оҕолору эҕэрдэлээн, бу дьаһал суолтатын тоһоҕолоон, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара тыл эттилэр. Быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэрэ, быыһыыр-баһаарынай сулууспа байыастара бэйэлэрин маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр.
Ураты болҕомто анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр уурулунна, кинилэргэ кэлэр үөрэх дьылын устатыгар Муус дыбарыаһыгар уонна сөтүөлүүр бассейнҥа сылдьар абонеменнар, олимпиадаларга кыттар сэртипикээттэр туттарылыннылар.
– Ийэ дойдуга, Арассыыйаҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ эрэллээх, бэриниилээх буолуу, кинилэринэн киэн туттуу билигин хас биирдиибититтэн ирдэнэр саамай сүрүн хаачыстыба буолар, – диэтэ Сардаана Гурьева итиэннэ аахсыйаны өйөөбүт биэдэмистибэлэр салайааччыларыгар махтанарын биллэрдэ диэн киһи быраабын боломуочунайын пресс-киинэ иһитиннэрэр.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0