Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Ол туһунан бу сарсыарда Ил Дархан Айсен Николаев  бэйэтин телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

Ол туһунан бу сарсыарда Ил Дархан Айсен Николаев  бэйэтин телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

«Киhи ѳйѳ сатаан ылыммат, ылыныан да баҕарбат… Михаил Ефимович Николаев, биhиги норуоппут дууhата… Бу сүҥкэн сүтүк туhунан этэргэ тыл тиийбэт.

Саха Өрѳспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ, дириҥник ытыктыыр улуу киhибит Михаил Ефимович Николаев сүрэҕэ тэппэт буолла.

Ыарыы уонна кутурҕан. Михаил Ефимович Саха Сиригэр оҥорбутун барытын ойуулаан кэпсииргэ тыл суох. Киниэхэ куруук бириинсиптээх буолуу, күүс, халбаҥнаабат кытаанах санаа, уhулуччу үтүѳ майгы уонна дьоҥҥо таптал олус сѳпкѳ дьүѳрэлэhэллэр этэ. Кини кэми ѳтѳ кѳрѳрѳ.

Саха Сирин хас биирдии олохтооҕор Михаил Ефимович күндү, чугас этэ. Бастакы. Улуу. Биhиэнэ. Биhиги киэн туттуубут, биhиги баайбыт-дуолбут. Үйэ Киhитэ. Эпоха.

Тиhэх күнүгэр диэри кини дьон интэриэhинэн олорбута. Уонна биhиги бүтэhик кэпсэтиибитигэр, ѳрүү да буоларын курдук, Саха Сирин инникитин, кини олохтоохторун туруктаах олохторун туhунан кэпсэппиппит. Онно ким билиэ баарай, маннык ис дууhаттан тахсар кэпсэтиилэр аны хатыланыа суохтарын… Бу улахан аhыы, сүтүк.

Кини санаалара, муударай сүбэлэрэ уонна этиилэрэ миэхэ олохпор куруук ыйынньык буолуохтара.

Михаил Ефимович дьиэ кэргэнигэр уонна чугас дьонугар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин. Саха Сирэ бүттүүнэ эhигини кытта бииргэ курутуйар.

Улуу киhи туhунан үтүѳ ѳйдѳбүл биhиги сүрэхпитигэр ѳрүү тыыннаах буолуоҕа. Биhиги дьыалаларбытыгар эмиэ…».

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24