Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

АГАТУ салалтата «Россельхозбаан» Саха сиринээҕи салаатын кытары бииргэ үлэлэһэн, быйылгы үөрэх сылыттан «Пиэрмэр оскуолата» үлэлиир буолла.

АГАТУ салалтата «Россельхозбаан» Саха сиринээҕи салаатын кытары бииргэ үлэлэһэн, быйылгы үөрэх сылыттан «Пиэрмэр оскуолата» үлэлиир буолла.

Ол туһунан АГАТУ идэтийбит эбии үөрэхтээһиҥҥэ институтун дириэктэрэ, экэниэмикэ билимин хандьыдаата, доцент Галина Даянова маннык кэпсиир:

– «Пиэрмэр оскуолата» үлэтин 2019 сыл иккис аҥарыттан саҕалаабыта, биир үөрэх сылыгар иккилии долгунунан (түһүмэҕинэн) ыытыллан, быйылгы үөрэх дьылыгар ахсыс уонна тохсус түһүмэхтэрэ буолар. Биһиги 2023-2024 үөрэх сылыттан, ол эбэтэр ахсыс түһүмэхтэн киирэн эрэбит. Бу оскуолаҕа үөрэтээччи – АГАТУ, сакаастааччы – Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ итиэннэ Бааһынай хаһаайыстыбалар уонна кэпэрэтииптэр ассоциациялара, оттон үбүлээччи «Россельхозбаан» буолар. «Россельхозбаан» биһиги курдук, «тыа хаһаайыстыбата» диэн тылы улаханнык туттубат, наар «агробизнес» диир, «Пиэрмэр оскуолатыгар» бастатан туран, үп-харчы эргиирин эридьиэстэрин, батарыы, маркетинг уонна логистика тустарынан биридимиэттэри үөрэтэри ирдиир, онно анаан-минээн бу бырайыагы үлэлэтэр. Инньэ гынан, үөрэтэр бырагыраамаҕа бу тиэмэлэр хайаан да киирэллэр.

Даянова_--_1.jpeg

Биһиги үбүлээччибитин уонна сакаасчыттарбытын кытары сүбэлэһэн бараммыт, өрөспүүбүлүкэҕэ саамай киэҥник тарҕаммыт көрүҥмүт ынах сүөһүнү уонна сылгыны иитии буоларын учуоттааммыт, үлэбитин бу икки хайысхаттан саҕалыырга быһаардыбыт. Онон тиэмэлэринэн үөрэтэр бырагыраамаҕа экэниэмикэ, бааһынай хаһаайыстыба тэрээһинэ, агротуризм, судаарыстыба өйөбүлүн ырычаахтара, бизнес-былааны оҥоруу, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын батарыы, маркетинг, логистика, сэртипикээссийэ, стандартизация, үлэ көмүскэлэ, итиэннэ биллэн турар, ынах сүөһүнү уонна сылгыны көрүү-истии, аһатыы-сиэтии технологията, бэтэринээрийэ төрүттэрэ киллэрилиннилэр. Ону «Россельхозбаан» АУо үрдүкү салалтата бигэргэттэ. Пиэрмэрдэр сүөһүнү-сылгыны сөпкө аһатан-сиэтэн, үчүгэй хаачыстыбалаах бородууксуйаны ылалларын таһынан, ороскуоту ааҕыы, дохуоту ылыы итиэннэ бородууксуйаны рекламалаан батарыы ньымаларын барытын билиэхтээхтэр. Барыстаахтык үлэлээннэр, сыраларын тилиннэриэхтээхтэр.

Докумуоннары хомуйууну ааспыт атырдьах ыйыттан саҕалаабыппыт, интэриэһиргээччи да, ыйыталаһааччы да син балачча элбэх. Дьоннор саҥа саҕалааһыны билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕарар эбиттэр. Барыта 30, икки бөлөҕүнэн 15-тии, киһини ылыахпыт. Үөрэхпитин балаҕан ыйын 20 күнүттэн саҕалыахпыт.

Биир түһүмэх төһө уһунуй?

– Үс ыйдаах. Үөрэх күнүскү, хас биирдии куурус, ол эбэтэр түһүмэх, 256 академическай чаастаах. Бастаан тирэх чаас диэн барыларын бииргэ үөрэтиэхпит, салгыы салааларынан (ынах сүөһүнү иитии уонна сылгыны үөрдээн иитии) араарыахпыт. Лиэксийэлэри АГАТУ преподавателлара уонна «Россельхозбаан» Саха сиринээҕи салаатын исписэлиистэрэ ааҕыахтара. Бу үс ыйтан биир ый практикаҕа ананар, курсааннар бастыҥ көрдөрүүлээх, улахан хаһаайыстыбаларга стажировкаланаллар. Ханнык хаһаайыстыбаларга практика ыытыллара барыта быһаарыллан турар. Кууруһу түмүктүүргэ курсааннар туох билиини ылбыттарын көрдөрөннөр, бырайыак оҥорон көмүскүөхтэрэ уонна идэни үрдэтэр эбии бэлэмнэниини барбыттарын туоһулуур дастабырыанньалары ылыахтара. Оттон сааскы түһүмэххэ докумуону олунньуттан хомуйуохпут, кууруһу муус устартан ыытыахпыт. Ити курдук, биир үөрэх сылыгар иккилии куурус, күһүҥҥү уонна сааскы диэн, ыытыллан иһиэхтээх. Үөрэтии босхо, «Россельхозбаан» бырайыага буолан, кини үбүлүүр. Биир түһүмэххэ 1 мөл 375 тыһ солк көрүлүннэ, инньэ гынан, курсааннары босхо үөрэтэбит, олорор сирдэрин, биллэн турар, көрүллүбүт суума иһинэн төлүүбүт.

Манна бааһынай хаһаайыстыбалар салайааччылара, үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорууга олохтоохтук ылсан үлэлиэн баҕарар ханнык баҕарар киһи, ол иһигэр чааһынайдар уонна биирдэм дьарыктаахтар үөрэниэхтэрин сөп. Сааһынан хааччах суох. Ити эрээри, Идэтийбит эбии үөрэхтээһин института буоларбыт быһыытынан, оскуоланы эрэ бүтэрбиттэрин туһунан аттестаттаах дьону ылар кыахпыт суох, анал орто биитэр үрдүк үөрэхтээх дьону ыламмыт идэлэрин үрдэтиэхтээхпит. Ирдэбил оннук.

666666.jpeg

Саҥаттан саҥа таһымҥа

– Кэлэр түһүмэхтэргэ үөрэтии, сакаасчыттары кытары сөбүлэһии бэрээдэгинэн, сибиинньэни, көтөрү, табаны иитии хайысхаларыгар, сиртэн үүнээйини ылыыга, ыҥырыаны иитиигэ уо.д.а. буолуон сөп.

Атын эрэгийиэннэр үлэлэрин билистэххит буолуо.

– Билсэн. Кинилэр бастаан эмиэ киэҥник тарҕаммыт дьарыктарынан саҕалаан баран, иккис сылларыттан атын салаалары талар, дьарыктарын саҥаттан саҥа таһымҥа таһааран иһэр эбиттэр. Холобур, бырайыакка эрдэттэн үлэлээбит Башкоркостан уонна Татарстан курдук эрэгийиэннэр билигин номнуо ресторан бизнеһигэр куурустардаахтар. Онно бастакы кууруска сылдьыбыт пиэрмэрдэр кэлэн бэйэлэрэ да үөрэнэр итиэннэ саҥа курсааннары логистика, маркетинг эридьиэстэригэр, кафелары, рестораннары кытары дуогабардары түһэрсиигэ үөрэтэр, үлэлэрин уопутун үллэстэр эбиттэр. Дуогабарынан уопсастыбаннай аһылык кииннэрин этинэн, үүтүнэн, оҕуруот аһынан хааччыйыы кинилэргэ бородууксуйаны үрдүк сыанаҕа батарыы быстыбат тиһигэ буолар.

«Пиэрмэр оскуолатыгар» үөрэммит дьон кэлэр өттүгэр туох эмит чэпчэтиинэн туһаныахтара дуо?

– Кинилэр «Россельхозбаан» иһинэн үлэлиир араас бырайыактарга уонна граннарга кытталларыгар кэккэ чэпчэтиилэринэн туһанар кыахтаахтар. Ол курдук, сир учаастагын барыстаах усулуобуйаҕа түүлэһиэхтэрин, араас дьаарбаҥкаларга атыылыыр миэстэ төлөбүрүгэр чэпчэтиинэн туһаныахтарын, үп-харчы боппуруостарыгар исписэлиистэри көмөлөһүннэриэхтэрин, бааһынай хаһаайыстыбаларга аналлаах федеральнай бырагыраамалар граннарын куонкурустарыгар кытталларыгар эбии баалы аахтарыахтарын сөп. Куурустары бүтэриигэ оҥоһуллубут кэскиллээх бырайыактар өйөбүлү ылыахтарын сөп.

Раиса СИБИРЯКОВА

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением