Ыраах учаастактарынан оттуур мобильнай биригээдэлэр 24 199 туонна оту чөкөттүлэр. Инньэ гынан, кыстыыр от 99,6 %-а хааччылынна! Бу – өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники сылларга ситиһиллэ илик кирбии буолар.
Маны таһынан 11 904 туонна сенаж бэлэмнэнэн, 23 854 туонна сиилэс угуллан, былаан туһааннааҕынан 92 % уонна 100 % толоруллан иһэр.
Оттооһуҥҥа тоҕус улуус уонна киин куорат былааннарын куоһардылар. Нам улууһа 31 567 туоннаны оттоон, сорудаҕын 115 % толордо. Бу курдук Абый улууһа 2 446 (139 %), Өлүөхүмэ улууһа 17 203 (112 %), Дьокуускай куорат 11 549 (106 %), Ньурба улууһа 31 586 (105 %), Хаҥалас улууһа 32 516 (105 %), Амма улууһа 33 229 (103 %), Үөһээ Халыма улууһа 675 (103 %), Мэҥэ Хаҥалас улууһа 45 380 (103 %), Кэбээйи 10 724 (101 %) туоннаны оттоотулар. Былааннарын 100 % -- Таатта (37 176), Уус Алдан (32 797), Бүлүү (26 916), Горнай (12 139) улуустара толордулар.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0