Өбүгэбит билиитэ былыр сурукка-бичиккэ тиһиллибэтэҕэ, ол эрээри куттан кукка, сүртэн сүргэ бэриллэн – сахалыы тыыннаахпыт. Тус айылгыларынан аһыллан, ис туруктарынан төрүт билиини иҥэринэн уһуйуллубут, иитиллибит дьоҕурдаах дьоммут сурукка тиһэн өбүгэ үөрэҕэ, өбүгэ сэһэнэ баарын биллэрдилэр. Тэрис, Дабыл, Мандар, Санаайа үлэлэригэр олоҕуран Улуу Суорун таҥаралаах балаҕан ыйын билиһиннэрэбин.
Сайылыктан кыстыкка көһүү ыйа
Өбүгэлэрбит сайылыктан кыстыкка көһөн балаҕаҥҥа киирэллэр. Ол иһин бу ыйбыт балаҕан ыйа диэн ааттанар. Олоҥхоҕо балаҕан ыйыгар айыы дьонун дьиэтин-уотун ойуулааһын киирэр. Орто дойду олоҕор, балаҕаны, алгыс тохтуур өйдөбүллээх тутталлара. Улуу Суорун эйгэлэрэ: уус (кыһалаах уустар), тиэргэн (саха дьиэтэ-уота барыта), ойуун (алгыстаах ойууннар). Балаҕан ыйын түс киһитэ – Дыгын. Хараҥа уонна сырдык тэҥнэһиитигэр 21 күнтэн үүнүү алгыһа оҥоһуллар. (Таҥха.Дабыл, Тэрис. 2001с.)
Улуу Суорун халлаанын сүрүн сиэрэ – идэлээх буолуу
Л.А. Афанасьев – Тэрис саха норуотун муудараһа тыыннаах буолар ньымаларын түмэр дириҥ өйдөбүллэрин алгыһынан суруйбута. Ол Айыы Үөрэҕин сааһыламмыт систиэмэтэ буолар. Бу систиэмэ 9 халлаан уонна хас халлаан аайы 7 ыал тиһиктэнэн үөскээн тахсар. Улуу Суорун халлаанын сүрүн сиэрэ – идэлээх буолуу. Ити сиэртэн 7 сиэр үөскүүр: бэйэҕэр эрэн, дьоҕургун уһугуннар, идэҕин бул, идэҕэр туһаайылын, үөрэн, уһуйулун, идэни баһылаа. Бу сиэрдэри тутуһар киһи бэһис домун толорбутунан ааҕыллар. (Айыы Суола,Тэрис. 2002 с.)
Балаҕан ыйыгар саха ыала кыһыны быһа этэҥҥэ олорорго Алгыс ылаллара. Төрүт идэни түстүүр, дьоҕуру арыйар 9 чуолҕан харахтаах, 9 мутук уйалаах Улуу Суоруҥҥа аал уот уматаллар. Киһи идэни дьиэтэ-уота туруктаах буоллаҕына ылар.
Өбүгэтин ис кутун уһугуннарбыт киһи тус уратылаах, дуоспуруннаах буолар. Саха балаҕана 9 эйгэлээх: 1) аан ; 2) үлэ-хамнас; 3) идэ; 4) тойон; 5) төрүт; 6) кэскил; 7) ас-үөл; 8) баай-дуол; 9) дьиэ ортото. Ити эйгэлэринэн билигин ыал дьиэтин туттар буолла. Бу ыйга Улуу Суоруну олордуу, үс саастаах оҕоҕо саҥы киллэрии, киһи мэҥэтигэр алгыс, үүнүү алгыһа, дьиэ тускулун алгыһа, ыйга үҥүү, арыгылааһыны утарар туомнар оҥоһуллаллар. Идэ тарҕанарыгар Улуу Суорун уотун арыынан, сыанан, алаадьынан, сиэлинэн күндүлүүллэр. Дүҥүрү эбэтэр чуорааны биэстэ тыаһаталлар. (Айыы туомнара,Тэрис. 2005 с.)
Балаҕан орто дойдуну бэлиэтиир
Попова Г.С. – Санаайа балаҕан ыйын кэм кэрдии хаамыытынан, дьыл кэлиитинэн бэһис ый диэн бэлиэтиир, биэс тоҕус ахсаан ортотугар турар. Балаҕан бэйэтэ ортону – орто дойдуну бэлиэтиир. Тэйилгэ туомун толоруу үһүйээннэргэ баарын бигэргэтэр. Ол 23-24 күннэригэр түбэһэр, сырдык уонна хараҥа тэҥнэһиитэ. Санаайа балаҕан ыйын ис хоһоонун тоҕуһу кытта ыкса ситимниир. Балаҕан үөһэттэн кэлэр, Айыы суолун диэки, илин диэки ааннаах. Балаҕан эйгэтэ: 1) үтүө эйгэтэ – аан, күн уота биллэрик ороҥҥо түһэр (Одун, Чыҥыс); 2) үлэ – уҥа орон, күн диэки хайыһан турдахха (Дьөһөгөй); 3) идэ – ортоку уҥа орон (Улуу Суорун); 4) дьаһалта – бастыҥ уҥа уонна кэтэҕириин ороннор (Хотой Айыы) 5) төрүт – ортоку кэтэҕириин тойон, хотун ороннор (Айыыһыт); 6) кэскил эйгэтэ – атах кэтэҕирии, улахан кыыс, оҕолор оронноро (Иэйэхсит); 7) ас-үөл эйгэтэ - ортоку хаҥас (Аан Дьааһын); 8) баай-дуол – аан хаҥас өттө (Дьылҕа Хаан); 9) алгыс эйгэтэ – кыстык балаҕанын тэбэр сүрэҕэ көмүлүөк оһох. Уот сылааһа, сырдыга дьиэ 4 муннуктарынан уонна бары ороннорунан тарҕанан кэскил кэҥии уонна тарҕана турар. Саха ыала уоттарын тыыннаан, иччилээн, үрдэтэ олорорун сөбүлүүр.
Дьахтар быттанара диэн ол аата ыраастанар, күһүҥҥү кураан күннэргэ таҥаһы-сабы куурдунар, кыһыҥҥа бэлэмнэнэр. Балаҕан ыйыгар өбүгэни саныыр үгэс баар (Ис хоһоон. Санаайа.2004).
Удьуор тардыыта
Уус, оһуордьут идэтэ, уус кыһата баарын биллэрбит киһибит Б.Ф. Неустроев – Мандар Уус Удьуор төрдүн ситимин тиһигин ыһан кэбистэхпитинэ, олоҕу түстүүр улуу күүспүт мөлтүөҕэ диэн этэр. Онон Удьуор төрдө – Удьуор тардыыта диэн ытык ситими олохтуох тустаахпыт. Олох улуу күүһэ сир ийэ уутугар үөскээн баран, хонууга, салгыҥҥа сайа оҕустаран сайдан барарын курдук тыыннаах олох эргииринэн Удьуор Төрдө туһунан билиилэр бааллар: ууһааһын (уу, уус, төрүт уус, ийэ ууһа, аҕа ууһа, биис ууһа); удьуордааһын (удьуор, удьуор хаан); утумнааһын (утум, ситим); уруурҕаһыы (уруу ситимэ, уруу-аймах); аймах (аймахтыы, аймахтаһыы, аймах-хаан, киһи-аймах); сыдьаан (уруу-сыдьаан, тымыр сыдьаан, хаан-сыдьаан). (Ойуу тыла – Айыы тыла. Мандар. 2004)
Дьоҕуру арыйар Улуу Суорун Айыыһыппыт үс төрүт идэни орто дойдуга олохтообута: олоҥхоһут, уус, ойуун. Хас биирдии саха киһитэ удьуоруттан ити идэ ис тыынын кутугар-сүрүгэр бэрсиһиннэрэ сылдьар. Өбүгэттэн баайылаах идэлээх дьоммут бааллар: билгэһит, отоһут, күөсчүт, ойууһут, имииһит, булчут, оҕоһут, отчут, масчыт, уус, эмчит, олоҥхоһут, сылгыһыт, табаһыт, иистэнньэҥ ...
Төрүт идэбит сырдыкка, Айыы санааҕа, орто дойду олоҕун тупсарарга эрэ сирдиир. Идэбитин таба тутан айар-тутар албаспытын сайыннарыаххайыҥ, олоҕу киэргэтэр дьоҕурбутун арыйыаххайыҥ. Улуу Суоруммут сылаас уотунан айбыппыт үйэлээх буоллун, оҥорбуппут олохтоох буоллун.
Анна Холмогорова, Мэҥэ Хаҥалас.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0