Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Арчы дьиэтигэр Айыы Итэҕэлин түсчүттэрэ, дьону-норуоту кытта түс үлэлии сылдьар айылҕаттан айдарыылаахтар, билим үлэһиттэрэ, суруналыыстар, Айыы Үөрэҕин сэҥээрээччилэр мустан, киһи-аймах бу атааннаах-мөҥүөннээх орто бараан дойдуга буола турар уустук быһыы-майгы тирээбит, олоххо бэрт улахан уларыйыы, хамсааһын бара турар күнүгэр-дьылыгар норуот бигэ туруктаах, көмүскэллээх буоларыгар туох суол-иис баарын туһунан киэҥ кэпсэтиини таһаардылар.
Семинарга А.В.Саввинов-Алгыстаах Өлөксөөн, алгысчыт, А.Н.Павлов-Дабыл, Айыы итэҕэлин төрүттээччитэ, А.С.Саввинов, философскай билим доктора, А.Е.Захарова, филологическай билим кандидата, Олоҥхо киинин директора, С.Н.Лукина, Айыы Үөрэҕин тарҕатааччы, Хомус Сайдара Саарын кыыһа, ХИФУ аспирана, А.А.Холмогорова, Айыы Үөрэҕин тарҕатааччы, Сыдьаайа, Байдам Филипповтар, Тирэх үөрэх кыһатын сүрүннээччилэрэ, С.К.Григорьев – Алгыс От, отоһут, П.И.Корякин- Таҥ Бүө, историк-архивист, П.М.Тихонов, олоҥхоһут-алгысчыт араас хайысханан Айыы Үөрэҕин, Саха Итэҕэлин, Олоҥхо суолтатын туһунан ирэ-хоро сэһэргээтилэр.
Арчы дьиэтигэр дьон толору мустубутун сылыктаатахха, Саха Итэҕэлигэр кэлии улааппыт. Манна саастаах дьону сэргэ эдэрдэр бааллара үөрдэр. Өбүгэлэрбит биһиэхэ сүдү бэлэҕи хаалларбыттарын өйдөөн ылынан, олохпутугар суолдьут сулус оҥостон, бүппэт тыыннаах бүтүн олох эргиирин үгэһин тутуһан олордохпутуна САҤА ТЫЫННАНАН күн-ый быатын толору тутан, кэскили төрүттүөхпүт диэтилэр мустубут дьон. Ону кытта бары биир киһи курдук норуоту сомоҕолуур биир соҕотох күүс баар, ол - Итэҕэлбит – диэн бэлиэтээтилэр.
Бу курдук, араас суоллаах-иистээх, олоххо көрүүлээх дьон, дьэ, бииргэ мустан, кэскили түстээтилэр, түөрэҕи олортулар.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0