Уолаттар ытык иэстэрин толороору, Аҕа дойдуларын көмүскээри Саха сиринээҕи военкоматтан, «Боотуртан» баҕа өттүлэринэн бара сатаабыттар даҕаны, кими эрэ хааныҥ баттааһына аһары үрдүк, аармыйаҕа сылдьыбатаххын о.д.а. биричиинэнэн чугаһаппатахтар.
Аныгы үйэҕэ баҕалаах киһи куйаар ситимигэр киирэн, атын эрэгийиэнтэн байыаннай эппэрээссийэҕэ үүтү-хайаҕаһы булан барыан сөп. «Телеграм» нөҥүө Чечен өрөспүүбүлүкэтигэр баар «Ахмат» байыаннай түмсүүнү кытта сибээстэһэн, Грознайга спецназтарга дьарыктана кэлэргэ ыҥырыы туппуттар.
Эттэрин-сииннэрин онно дьарыктаан баран инники кирбиигэ кааска, бронежилет барыларыгар тиийбэккэ, кыһыл илиилэринэн, бейсболканан киирсибиттэр.
Үгүстэр бааһыран, ким эрэ илиитэ-атаҕа суох хаалбыт, ким улаханнык эчэйэн, инбэлииккэ тахсыбыт. Ол туһунан «Ахмат» байыаннай түмсүү чилиэннэрэ норуодунай дьокутааты кытта көрсүһүүгэ кэпсээтилэр.
Саамай кыһыылааҕа, Чечен өрөспүүбүлүкэтиттэн барбыт буоланнар, маннааҕы военкомат кинилэри билиммэт эбит. Уолаттар эрэгийиэннээҕи төлөбүрдэрин кыайан ылбакка сылдьалларын, Саха Сириттэн тиийэр гуманитарнай көмө, тепловизор, тиэхиньикэ, таҥас-сап кинилэргэ тиийбэтин туһунан эттилэр.
3-4 командировкаҕа баран кэлбиттэр даҕаны, биир сууккаҕа 8000 солк. төлүүбүт диэн эрэннэрбит харчыларын эмиэ ыла иликтэр. Көрсүһүүгэ эп-эдэркээн уолаттар илиилэригэр тимири, Елизаров аппараатын кэтэ сылдьаллар, илиитэ-атаҕа суох дьон кыайан кэлбэтэхтэр. Инбэлииккэ тахсыбыттарын үрдүнэн, Саха Сирэ даҕаны, Чечен да өрөспүүбүлүкэтэ көмө харчыны төлүү илигэ хомолтолоох. Докумуон сүтэн хаалбыт, тиийэ илик диэн көлбөрүтүнэ олороллорун эттилэр. Маннааҕы военкомат социальнай төлөбүрү Рамзан Кадыровтан ирдэһиҥ диэбит.
Анал байыаннай эппэрээссийэ кыттыылаахтара аһаҕас микрофоҥҥа ити курдук ким-туох кыһалҕалааҕын иһитиннэрдилэр. Хоту улуустарга көтөргө билиэт сыаната ыараханынан сибээстээн, Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ чэпчэтиини олохтууру, дьиэнэн, сир учаастагынан хааччыйыы боппуруостарын түргэнник быһаарары туруорустулар.
Инники кирбиигэ бэйэлэрин харыстаммакка киирсэн, эчэйии ылан баран бойобуой наҕараада ылбатахтарын бэлиэтээтилэр. Саха Сириттэн ыытыллар көмө барыта «Боотурдарга» барара, кинилэр арыыланан хаалаллара этилиннэ.
Александр Подголов уолаттар кыһалҕаларын истэн баран, хас биирдиилэригэр көмөлөһөргө бэлэмин биллэрдэ, сибээстэһэ сылдьарга суотабай төлөпүөнүн биэрдэ. Социальнай төлөбүрдэрин ыларга сайабылыанньа суруйалларыгар сүбэлээтэ.
Вице-спикер анал байыаннай эппэрээссийэ кыттыылаахтарын сир учаастагынан хааччыйарга сокуон барыла оҥоһуллубутун туһунан билиһиннэрдэ. Быһа холоон, бу боппуруос аны саас быһаарыллыан сөп.
Оттон дьиэнэн хааччыйарга олорор сирдэринэн муниципальнай тэриллиигэ уочаракка туруохтаахтар.
Ол туһунан сиһилии «Ил Түмэн» хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 3