Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Сахаларга ураты иэйиилээх таптал туһунан номоҕунан Алампа Дуунньатыгар таптала буолар. Оттон күүстээх, бэриниилээх доҕордоһуу туһунан П.А.Ойуунускай уонна М.К.Аммосов олохторун тухары алтыһыылара сэһэҥҥэ сылдьар.

Сахаларга ураты иэйиилээх таптал туһунан номоҕунан Алампа Дуунньатыгар таптала буолар. Оттон күүстээх, бэриниилээх доҕордоһуу туһунан П.А.Ойуунускай уонна М.К.Аммосов олохторун тухары алтыһыылара сэһэҥҥэ сылдьар.

Саҥа олоҕу тутарга туруммут доҕордуулар

 Үөрэхтэрин бүтэрэн арахсалларыгар Ойуунускай Аммосовка хаартыскатын бэлэхтиир уонна суруйар: “Доҕорум Максим! Биһиги доҕордоһуубут бу бэлиэтин сүтэрбэккэ илдьэ сырыт... Икки сыл устатыгар эн биһикки хайдах эйэлээхтик олорбуппутун, революция күннэригэр хайдах күүркэйэн күүскэ үлэлээбиппитин өйдүү-саныы сырыт. Эн Платонуҥ 12.05.1917 с.” Кинилэр төрөөбүт норуоттарын дьолун иһин охсуһааччылар, саҥа олоҕу тутааччылар буолан, бииргэ үлэлээбиттэрэ-хамнаабыттара. Ону кытта кинилэр бэйэ-бэйэлэрин бэркэ өйдөһөр дьон этилэр: олоххо көрүүлэрэ да, норуот духуобунай баайыгар сыһыаннара да барыта сөп түбэһэрэ.

Платон Ойуунускай уонна Максим Аммосов Дьокуускайга устудьуоннуур сылларыттан билсэн, доҕордоһон барбыттара, биирэ Таатта, иккиһэ Нам уолаттара этилэр. Максим толору эттээх, арыый өндөс уҥуохтаах, оттон Платон кыра, хачаайы эбит. В.Давыдова маннык ахтыбыт: “Кинилэр куруук бииргэ сылдьаллара, биир ыалга, билиҥҥи Каландарашвили уулуссатыгар олорбуттара”.

Ыарахан кэмнэригэр бэркэ өйөһөллөрө. Устудьуон уолаттар тиийиммэттэрэ-түгэммэттэрэ үгүс, кинилэр бииргэ олорон, кыттыһан аһыыллар уонна биир кыһын биир сону уларса сылдьан кэтэн кыстаабыппыт диэн ахталлара. 1917 сыл күһүнүгэр Ойуунускай үөрэнэ баран иһэн, Киренскэйгэ туох баар таһаҕаһын, харчытын уордаран ылбыт, онуоха доҕоро Максим сүүрэн-көтөн үп хомуйан ыыппыт.

Талааннаах дьон барытыгар талааннаахтар

Эдэр уолаттар көргө-нарга эмиэ бэрт көхтөөхтөр, мустан оонньууллар, сценка туруораллар эбит. Аммосовтаах Ойуунускай наһаа ырыаһыттарын, үҥкүүһүттэрин, юмордаахтарын бэлиэтииллэр. Кинилэр иккиэн А.И.Софронов „Дьадаҥы Дьаакып“ драматыгар сүрүн оруоллары толорбуттар. Ити оруоллары кэлин кинилэр курдук чаҕылхайдык оонньооботохторо диэн ахталлар. Талааннаах дьон барытыгар талааннаахтар. Репетиция кэмигэр дьээбэлэнэр эбиттэр, онуоха режиссердара Алампа кыыһыран: „Нохолоор, исполкомҥутугар баран мэниктээриҥ!“ – диэбитин ахталлар. Тыаһыт Сэргэлээх даачатыгар киэһэ сынньаналларын-оонньуулларын туһунан маннык кэпсээбит: «Кинилэртэн саамай бэртэрэ сүүрэринэн даҕаны, доруопканы охсорунан даҕаны, хабарынан даҕаны, гуттаперча мээчигин табарынан даҕаны Аммосов этэ. Кини таппыт сирэ кытаран тахсар, иһэр даҕаны буолара. ... Платон Алексеевич эмиэ олус көхтөөх, биһиги кинини күүскэ сүүрдүөхпүтүн баҕарбаппыт да, сүүрэн арахсар. Ким да кинини бырахпат, быраҕар да түбэлтэҕэ «сыыһан кэбиһэбит». Ыарыһаҕын билэбит. Биир түбэлтэни өйдөөн хаалбыппын. ... Оонньуу сыддьан, Максим Кирович, олус үрдүк доруопканы оҕуста, кэннинэн чинэрийэн иһэн, ынах сааҕар олоро түстэ. Хаар маҥан бүрүүкэтин кэннин сутуйбут, Платонунаан сиэттиһэн сөтүөлүүр сиргэ киирдилэр. Чочумча буолан баран, биһиги уора-көстө киирэн көрдүбүт. Ыстааны икки өттүттэн тутан сайҕаан, cyуйa тураллар эбит. Маайкаларын устубуттар. Кинилэр доҕордоһууларын ымпыгын-чымпыгын сиһилии истибэт этибит, ол эрээри «доҕордуулара буолуо» дии саныырбыт... Итини, курданалларынан ууга киирэн, маҥан ыстааны икки өттүттэн тиирэ тардан сууйа турар икки киһини сип-сибилигин да илэ бааччы көрөр курдукпун»».

         “Саха хара үлэһиттэрин мунньаммыт союз оҥорбуппут”.

Ойуунускай доҕоругар ыыппыт 18 суруга көстүбүтэ. Олору Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сылыгар В.Н.Протодьяконов кинигэнэн таһааран турар. Доҕоттор үгүстүк суруйсууларыгар ыра санааларын үллэстэр эбиттэр. Кинилэр автономия туһунан бэрт эрдэттэн саныыллар эбит, ол туһунан Ойуунускай маннык ахтар: “Олунньутааҕы революция 1-гы күннэриттэн ыла Максим Аммосов биһикки саха хара үлэһиттэрин мунньаммыт союз оҥорбуппут. 1917 с. кулун тутар 27 күнүгэр буолбут көҥүл мунньахха М.К.Аммосов куорат оҕолорун аатыттан эппитэ: “Мы добьемся себе лучшего богатства  - прав на самоопределение”.

Уолаттар Ярославскайдаах Петровскай салайар социал-демократ кистэлэҥ куруһуогар сылдьаллар, онно аан бастаан революционнай идеялары истэллэр, манна иитиллэн тахсаллар. Альперович Б.Б. маннык кэпсиир: “Эдэрдэртэн Платон  Алексеевич,  Максим  Кировичтыын  ырааҕынан  ордук чорбойор  дьон  этилэр  —  ордук  дириҥник,  киэҥник  ырыталларынан,  лоп-бааччы,  хомоҕойдук  да  кэпсииллэринэн. Салайааччыларбыт  уонна  үөрэнээччилэр  бу  икки  табаарыстарбытын  улаханнык  ытыктыырбыт.  Биһиги,  эдэр  дьон, кинилэри  ордугургаан,  хаарыаны,  кинилэр  таһымнарын ситиспит  киһи  диэн  ымсыырарбыт.  Платон  Алексеевич политическай  даҕаны,  уус-уран  даҕаны  литератураны  бэркэ умсугуйан  ааҕар,  үөрэтэр  быһыылааҕа,  нууччалыы  иҥнигэһэ суох,  хомоҕойдук  санарара.  Литературнай  тылга,  уобурастаан этиигэ улахан дьоҕурдааҕа  соччоттон ала-чуо  көстөрө. Куруһуок  кыттыылаахтара  бары  РСДРП  кэккэтигэр ылыллыбыт  кэммититтэн  ыла  араас  общественнай-политическай  сорудахтарга,  эппиэттээх  мунньахтарга  үгүстүк  сылдьарбыт.  Маныаха  ситиһиилээхтик  Платон  уонна  Максим  сылдьыбыт буолаллар.  Агитационнай,  тэрийэр-салайар  үлэҕэ  кинилэр улахан талааннаахтара онно чахчы  биллибитэ”.

 

“Саха уус-уран тыла сайдыа”

Ойуунускай айар үлэҕэ эрдэттэн тардыстар буолан, саха литературатын, норуот айымньытын өлбөт-сүппэт суолталарын туһунан санаатын доҕоругар суруйар уонна саха уус-уран тыла сайдыа диэн этэр. Максим доҕорун уус тылын сөҕөр, талааныгар эрдэттэн сүгүрүйэр эбит. Ол иһин айылҕа кэрэ хартыынатын көрөн баран  Максим маннык саҥа аллайбытын доҕотторо ахталлар:”- Ок-сиэ,  кэрэ  да  хартыына!  Саамай  сөптөөх  тоҕооско көһүннэ ээ... - Уонна, туохтан эрэ хомойбуттуу, өрө тыынна: - Саха  поэзиятыгар  биир  туйгун  хоһоон  айыллыаҕа  дьэ  бу таах хааллаҕа...-  Ол  хайдах?  -  Дора  Жиркова,  Максимы  ситэри  этитээри быһыылааҕа,  өйдөөбөтөхтүү тутунна.—  Платон  манна  суох  диэн  хомойобун...”

 

“Уоттаах тыыҥҥын чаҕытыма, модун санааҕын төлөрүтүмэ!”

 

М.К.Аммосов уонна П.А.Ойуунускай эдэрдэриттэн бэртээхэй араатар дьон этилэр, кинилэр ханна тыл этиэхтээхтэрин иһиттилэр да, дьон барыта ол сиргэ муста түһэрэ. Куорат мунньаҕар Максим Платоҥҥа хайаан да тыл этэҕин диир, “Маннык дьикти күннэргэ эппэтэххэ хаһан, ханна тыл этиллиэй” – диэммин, титирии-титириибин тыл ылан, трибунаҕа ойон таҕыстым. Онтон ыла билиҥҥэ диэри үлэһит норуот кыһыл былаахтаах трибунатыгар Максим биһикки тыл этэр дьон буолбуппут. Оччоҕо эдэр ыччаттан тумуһурдаан туран хамначчыт, хара норуот иннигэр этээччи иккиэйэх этибит”. Ол туһунан Ярославскай 1919 с. “Правда” хаһыакка  маннык ахтыбыт: “Простой народ слушает выступления молодых пламенных патриотов. Это были яркий Максим Аммосов, талантливый Платон Слепцов, скромный Александр Попов и др.” Аммосовы “Чаҕылхай Максим” диэн ааттаабыттара. Оттон Ойуунускай норуот айымньытын тылынан уус-ураннык,  истээччини эрэ абылыырдык этэр.  Эдэр уолаттар социалистическай идиэйэни кэпсииллэригэр, саха норуотун кэскилин, дьолун туһунан омуннаахтык-төлөннөөхтүк кэпсииллэрэ.

  “Аммосов  кыра соҕус унуохтаах буолан баран,  чуор  куоластаах  этэ.  Кини  тыл  этэрин  хаста да истибитим.  Хаһан даҕаны суруллубуту аахпат буолара.  Уһун соҕустук,  тыынын  ыла-ыла,  субуруччу  хааһахтан  хостообут курдук  сүрдээх  чуолкайдык  ыраастык  нууччалыы  этэрэ,  араас түгэннэри  даҕатан  сүлүһүннээх  тыллары  эттэҕинэ,  киһи  этин сааһынан  киирэрэ,  онон  болҕомтону  ордук  тардара.  Платон Алексеевич  сахалыы  уустуктаан-ураннаан  этэринэн  ордук курдук буолара Максим  Кировичтааҕар. Сынньалаҥҥа Максим  Кирович кадриль  үҥкүүнү  С.Васильев  кэргэнин  кытта  үчүгэйдик үҥкүүлээн сөхтөрбүтэ” – диэн ахтыы баар..

Тылларын күүһүнэн, этэр санаалара дириҥинэн кинилэр араас киирсиилээх улахан мунньахтарга утарсааччыларын кыайаллара. Оннук туруорсан кинилэр Сахаларын сиригэр автономнай республиканы олохтообут үтүөлээх дьон быһыытынан саха норуота баарын тухары үтүө тылынан ахтылла туруохтара. Эдэр уолаттар норуоттарын туһугар ыар таһаҕаһы, эппиэтинэһи сүгэр күүстээх санаалаах дьон буолбуттара.

 

“...Уоттаах улуу модун санаабыт

Уҕарыйыа дии санаабаппын”.

 

Мүччүргэннээх, кутталлаах күннэр үөскүүллэр. 1918 с. күһүн Аммосовтааҕы борокуотунан сыылкаҕа ыыталлар, дьон-норуот атаара киирэр, онно кинилэр: “Табаарыстар, биһиги төннүөхпүт!”, - дии-дии бараллар. Хаайыыттан мүччү туттаран иккиэн Томскайга тиийэн учууталлыыллар.

Ойуунускай Максим Колчак сэриитин кэмигэр кыраныыссаны туораан, Москваҕа тиийбитин туһунан суруйар. Ол барарыгар Платоҥҥа кэриэс суругун хаалларбыт : “Уоттаах тылгын чаҕытыма, модун санааҕын төлөрүтүмэ!” Доҕорун бу суругар хардаран, Платон Ойуунускай Казанкаҕа олорон, 1919 с. тохсунньутугар “Син биир буолбаат?!!” диэн хоһоонун доҕоругар анабыллаан суруйар:

Аан ийэ дайдыбытыттан

Арахсыбыппыт да иһин,

Уоттаах улуу модун санаабыт

Уҕарыйыа дии санаабаппын.

         Автономияны олохтооһун

Аммосов, Ойуунускай бу сылларга хардары-таары Москваҕа, Омскайга сылдьан, туруорсан автономия боппуруоһун быһаартараллар. Аммосов Ойуунускайга: “16 февраля 1922 г. 9 часов вечера Президиум ВЦИК принял решение образовать автономную республику”,-  диэн телеграммалаабыт.

Лазарев Д.П. ахтыыта: “Саха  АССР  автономиятын  ылбыта  15  сыла  туолбутун  1937 сыллаахха  от  ыйын  саҥатыгар  Дьокуускайга  да  уонна  Москватааҕы  да  Ленинградтааҕы  землячестволарга  да  биир  кэмҥэ киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Ол  Москватааҕы  бастакы  улахан  көрсүһүүгэ  автономнай республикалар  представителлэрэ,  Саха  сирин  Москваҕа,  Ленинградка  уо.д.а.  куораттарга  үөрэнэр устудьуоннара,  урукку политсыылынайдар,  Саха  сирин  Москваҕа  баар  үлэһиттэрэ уо.д.а.  сылдьыбыттара.  Бу улахан  үөрүүлээх  мунньахха  Ем.Ярославскай Саха  сиригэр  революция туругурарыгар  тирэх  буолбут,  көмөлөспүт  дьоннор  бу  бааллар диэн М.К.Аммосовтаах, П.А.Слепцовтаах диэки ыйа-ыйа ордук истиҥ,  амарах  тылынан  ахтан  тыл  эппитэ”. 

Ойуунускай уонна Аммосов олохторун суоллара араас хайысхаламмыта. М.К.Аммосов улахан салайааччы буолан, Казахстаҥҥа, Киргизияҕа үлэлээбитэ. Ойуунускай 30-с сылларга олоҕун уус-уран литератураҕа, наукаҕа аныыр сыалы туруоруммута. Ол да буоллар кинилэр сибээстэрин быспатахтара, билсэ тураллара, эдэр саастарын куруук ахтыһа-саныы сылдьаллара.

 

“Киһи буолан баран, итэҕэһэ ханна барыай, доҕор?!”

Амма Аччыгыйа доҕордуулар тустарынан маннык ахтыбыт: “Саха дьонуттан Ойуунускай Максим Кирович Аммосовы уһулуччу таптыыр быһыылааҕа, эмискэччи өйдүү түһэн, сүр эйэҕэстик ахтыталаан ааһар буолара... Биирдэ саалана сылдьаммыт Сугун күөл кытыытыгар чэйдии олордохпутуна, эмиэ туох да ситимэ суох, кини Аммосовы өйдөөн тугу эрэ саҥарбыта. Онуоха мин ыйыппытым:

-Максим Кирович туох эмэ итэҕэстээх этэ дуо...

-Һы! Киһи буолан баран, итэҕэһэ ханна барыай, доҕор?! Холобура буоллаҕына... Туох итэҕэстээх киһи эбитэ буолла... Чэ, холобура, кини, Максим, араас саҥаттан саҥа уураахтар бырайыактарын оҥортуу охсоро үксэ бэрт буолара. Саҥардыы ылыммыт уураахпыт бар дьоҥҥо ситэ тарҕана илигинэ, Максим саҥа уураах бырайыагын суруйа охсон аҕалар... Чэ, итинтэн атын итэҕэстээҕин өйдөөбөтүм ээ. Мэлдьи сыыстан-буортан өрө тэйэ, үөрэ-көтө, үлэлии-хамныы сылдьар киһи...”

Платон Алексеевич кэргэнэ Борисова А.Н. маннык ахтыбыт: “П.А.Ойуунускай үгүс ахсааннаах доҕотторун туһунан кэпсиир буолан баран, Максимы – Максим Аммосовы көтүтэр сатаммат.

Максимы мин биирдэ эрэ көрбүтүм. Оттон билиитин эрдэттэн билэрим. Платон Максимы ахтыбакка аһарбыт күнэ, бука, суох эбитэ буолуо, оччо таптыыра, оччо сөбүлүүрэ кини бу дьикти киһини. Максим хаартыската Платон оронун үрдүгэр таастаах араамаҕа, саатын аннынан, ыйанан турар буолааччы. Ким да ону тыыппат, устубат, арай сөп-сөбүгэр быылын сотобут, ыраастыыбыт уонна оннугар төттөрү ыйыыбыт.

Өрө лаһыгыраан, өрө бачыгыраан, көстөр дьүһүннүүн, саҥарар саҥалыын ураты киһи этэ Максим. Уҥуоҕунан Платоннааҕар өндөс, куҥа-тааһа да быдан халыҥ, өрө тарааммыт ньалҕаархай баттахтаах, тырымнас сытыы харахтардаах киһи Саргылаананы, кыһыл оҕону, таптаан өрө-таҥнары сахсыйарын ас астыы сылдьан көрбүтүм. Максим Москваҕа туох эрэ мунньахха кэлэ сылдьар быһыылааҕа, наһаа тиэтэйэрэ, чэйдээт, баран хаалбыта. Тугу кэпсэппиттэрин истибэтэҕим…»

П.А.Ойуунускайы куруук үлэлиирин эрэ көрөрбүт...”

М.К.Аммосов 1937 сыллаахха тутуллубутун истэн, Ойуунускай санаата улаханнык түһэр. Кини репрессия туһунан бэркэ билэ-истэ сылдьар: олус ытыктыыр киһитэ Серго Орджоникидзе өлбүтэ, Сергей Кировы өлөрбүттэрэ, аны аатырбыт ленинецтэри – Бухарины, Каменевы, Зиновьевы сууттаабыта буолан баран ыппыттара. Оттон Максим Кирович тутуллуута олох да улахан иэдээн буолбута. П.А.Ойуунускайы куруук үлэлиирин эрэ көрөрбүт диэн ахталлар: утуйарбытыгар суруйа олорор буолара, сарсыарда турарбытыгар эмиэ хайы-үйэ тура охсон үлэлии олорор буолара диэн. Ол бэйэтэ, кэргэнэ ахтарынан, хоһун уотун умуруоран баран оронугар сытар идэлэммит уонна наһаа дириҥник өрө тыынар эбит. Ол курдук киниэхэ эмиэ алдьархай ааҥнаабытын сэрэйбит.

П.А.Ойуунускай уонна М.К.Аммосов иккиэн биир кэмҥэ олорон, үөрэнэн, үүнэн-сайдан, үлэлээн-хамсаан, ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн олорбуттара. Ол эрээри ыарахан кэмҥэ тэҥҥэ олохторо быстан, өссө да норуоттарын туһугар күүрээннээхтик үлэлиэхтэрэ хааллаҕа.

Ол курдук П.А.Ойуунускай олоҕун барытын уус-уран айымньыларын айарга уонна наукаҕа аныырга былааннаммыта. Тэрийбит институтун үлэтин-хамнаһын уонунан сылларынан инникитин былааннаабыта, учуонай буолар эдэр дьону сүүмэрдээн литературанан, норуот айымньытынан дьарыктанарга күөртээбитэ. Кини айымньыларынан норуотугар тыыннаах хаалыаҕын өтө көрбүтэ:

Үс саха төрүөҕэр

Үөрүүлээх күнүгэр

Мин ырыам ылланыа –

Мин аатым ааттаныа!...

 

Варвара Окорокова, тыл үөрэҕин билимин дуоктара, профессор.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением