Дьокуускай куорат бары үөрэх тэрилтэлэригэр Саха Сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ, Саха Сирэ сайдарыгар олус элбэҕи оҥорбут, үлэлээбит салайааччы Михаил Ефимович Николаевка анаммыт тэрээһиннэр буолуохтара. Ил Дархан Ыйааҕынан сэтинньи 13 күнэ сыл ахсын бэлиэтэнэр өрөспүүбүлүкэҕэ инновация күнүнэн биллэриллибитэ.
Айсен Николаев бэлиэтииринэн, Саха Сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ Арассыыйа састаабыгар саҥа Саха Сирин тэриллиитин кэмигэр элбэх национальностаах норуотугар бэйэтин туохха да тэҥнэммэт сүдү кылаатын киллэрбитэ - бэйэҕэ эрэллээх буолууну уонна харса суох дьулууру. Ити кэннэ айымньылаах сайдыы ураты энергияны үөскэтиигэ тирэҕирбитэ, экэниэмикэҕэ, култуурунай-духуобунай олоҕор күүс- көмө буолбута.
- Михаил Ефимович Николаев бары хайысхаларга новатор этэ. Саҥа уонна хорсун быһаарыылары ылынартан толлубакка, бары эйгэҕэ күргүөмнээхтик киллэрэрэ – үөрэҕирииттэн, мэдиссиинэттэн, тыа хаһаайыстыбатыыттан саҕалаан бырамыысыланнаһынан, социальнай уонна да атын тутаах хайысхаларынан түмүктээтэххэ, - диэн Дьокуускайдааҕы үөрэх управлениетын пресс-сулууспата бэлиэтиир.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0