Идэһэлээх ыал сүөһүтүн этин өлүүлээн араарда, уҥуохтаах өттүн хоргуннаах миин оҥостуо, куҥ өттүн курулуо, эрийэн эгэлгэ аһы тэлгэтиэ, кырбастаан күөс өрүнүө, бүдүргэйдээх миини бидилитиэ, сыалаах өттүн маанылаабыт дьонун күндүлүө. Итир сыаҕа сууламмыты итиилии сиэтиэҕэ, хаһа халыҥ сыатын сырылаччы буһарыа. Ис-үөс үрүҥ-хара диэн араарыллыа, сааскы диэки күүс-сэниэ эбинэргэ диэн антах соҕус анньыллыа, түгэҕин диэки ууруллуо. Субайдаммыт хаан оһоҕоско кутуллуо, мааныланар ыалдьыкка буһарыллыа, өттүк харата, илии тутуура буолуо. Өбүгэ саҕаттан үтүө үгэһинэн кэһии гынарга диэн бастыҥа, мааныта ууруллуо.
Убаһа этэ тоҥнуу сииргэ, буһаран сииргэ диэн тус- туспа сааһыланыа, атын-атын иһиккэ угуллуо, буккуллубатын диэн суруллуо.
Сабардаабыт былыт саппаҕырдыбатын, бүрүйбүт былыт мунчаардыбатын, тоҕотун токоолоспокко, төрүөтүн түөрсүбэккэ үүммүт күнтэн үөрүөххэ, мичик аллайан сэбэрэлиин сэргэхсийиэххэ. Куһаҕаны, хооһохтооҕу хостуу-хостуу сонун оҥостумуоҕуҥ, саҥа күн үөрүүтэ соҥуорбуту да сонурҕаттын, санньыйбыты да сандаарыттын.
Уһугуннубут да сайаҕас саҥастыы санаалыын ырааһырыаҕыҥ,эйэҕэс эбээлии элэккэй майгыланыаҕыҥ, ийэлии ил эйэ тыыннаныаҕыҥ, үүммүт күнтэн көҕүлүүр күүһү булуоҕуҥ, туруулаһар сэниэни эбиниэҕиҥ.
Хаартыска: https://archive.ysia.ru/etot-den-v-kalendare/etot-den-v-kalendare-28-noyabrya/
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0