Саҥа интэринээт дьиэтэ «Аҕа көлүөнэ» бырагыраама «Демография» национальнай бырайыагын чэрчитинэн тутулунна. Тутуу бастакы сыбаайата 2021 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр түһэриллибитэ. Эбийиэк үбүлээһинэ – 600 мөл. солк. кэриҥэ.
«Төһө даҕаны судургута суох кэм буоллар, судаарыстыба саҥа эбийиэктэри тутууга улахан болҕомтотун уурар. Бу дойду туруктаах сайдыы суолун бигэтик тутуһан иһэрин көрдөрөр», - диэн Алексей Еремеева бэлиэтиир. Тутууга аныгы технологиялар уонна архитектура өттүнэн саҥа нымалар туһанылыннылар.
Намҥа кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ анаан социальнай дьиэ 1994 с. нэһилиэнньэ туруорсуутунан уонна улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн тутулла турар быраастар олорор уопсайыгар тэриллибитэ. Интэринээт 26 сыллаах үлэтин устата социальнай өҥөнөн 400-тэн тахса киһи туһаммыта биллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0