Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан киин үлэһиттэрэ Аҕам саастаах дьон күннэрин чэрчитинэн, “Көмүс саас мичээрэ” диэн наһаа сылаас тыыннаах, үс күннээх лааҕыры тэрийдилэр.

С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан киин үлэһиттэрэ Аҕам саастаах дьон күннэрин чэрчитинэн, “Көмүс саас мичээрэ” диэн наһаа сылаас тыыннаах, үс күннээх лааҕыры тэрийдилэр.

Киирэн кэлээти кытта сарсыарда эрдэ 9 чаас дибэккэ сахалыы таҥастаах уолаттар, кыргыттар бу эйигин эрэ күүтэн турбуттуу үөрэ-көтө көрүстүлэр. Дьэрэкээн ойуулаах ыҥырыы суруктары, үс күннээх үлэ тосхолун туттардылар. Бу күҥҥэ улахан суолта биэрэн улуу уораҕай тойоно, лааҕыр начальнига Алексей Дмитриевич, сахалыы таҥаһын толору кэтэн тахсан эҕэрдэ эттэ. Улуус бастыҥ тойуксута Туйаара Алексеева алгыс тойугун туойан доллоһутта. Онтон лааҕырга сылдьар ”оҕолор” сиэрдэринэн сиэттиһэн баран урут кыһыл былаах кэнниттэн хаамар буоллахпытына билигин кыһыл былааччыйалаах баһаатайбыт Оксана Еремееваны кус оҕотунуу батыһан эти-хааны уһугуннарар үҥкүү -- сэрээккэҕэ таҕыстыбыт. Эдэркээн кэрэчээн үҥкүүһүт кыыс Мотя Лазареваны үтүктэн санаабытыгар ньургуһуннуу нуоҕайдыбыт, сибэккилии сэгэйдибит.

вк-го.jpeg

”Оҕолор барахсаттар” аһаабакка кэлбиттэрэ буолуо диэн сып-сылаас алаадьылаах, күөрчэхтээх, итии чэйдээх сандалыга олорон билсистибит. Екатерина Григорьева иилээн-саҕалаан араас соһуччу ыйытыылары биэртэлээн ситэрэн-хоторон билсиһиибит бэрт истиҥник таҕыста.
Дьэ, онтон доҕоттоор, элбэх даҕаны бэлэмнэнии үлэ барбыта көстөн таҕыста. Улуустааҕы остуол оонньууларын киэҥник тарҕатааччы Мария Егорова ГО диэн бэрт дьикти оонньууну үөрэттэ. Улуустааҕы кинигэ кыһатын “хакердара” Сергей Иванов, Мария Томская аныгы сибээс өҥөтүнэн хайдах туһанар, харыстанар туһунан сүбэлээтилэр. Өссө кэлэр өттүгэр босхо үөрэтэргэ сайаапка хомуйдулар. Сахалыы алпаабыт буукубаларын туруоран кырдьаҕас дьону үөртүлэр, онон үөрүүбүт «уоруу» буолара уурайда.

дьк_-_врач.jpeg

Норуот эмчитэ Григорий Попову кытары атах тэпсэн олорон сэлэстибит. Мин минньигэһи сиэҥ, арыыттан-сыаттан эмиэ аккаастанымаҥ диэбитин астына иһиттим. Ол да буоллар аһаҕас уокка буспут хоруорбут-кэриэрбит олус туһалаах диэбитин ороһуйа иһиттим. Баҕар мин билбэтим буолуо, ол эрэн ыйга биирдэ шашлыгы сиэҥ диэбититтэн манньыйдым.

вк_-баян.jpeg

Онтон доҕоттоор, муусука оскуолатыттан Ирина Ноговицына баянын сүгэн кэлэн урукку ырыалары тардан кэбистэ. Ырыабыт тыла экраҥҥа көстө турар буолан сатыырдыын-сатаабаттыын бары ыллаатыбыт. Улуу дьоппуон омук дьоно уһун үйэлээхтэринэн биллэллэр. Кинилэр сотору-сотору ханна баҕарар ыллыы сылдьабыт, ол иһин уһун үйэлээхпит дииллэр эбит. Дьэ, кинилэр обургулар билбит буолуохтаахтар.

вк_-_обед.jpeg

“Көмүс саас мичээрэ” лааҕырга 24 буолан, күн аҥаара сылдьабыт, иккитэ аһаталлар. Ол аһылыктарын оҕолор бэйэлэрэ аҕалаллар, буһараллар эбит. Бүгүн эбиэккэ дириэктэр бэйэтинэн сибиэһэй эт аҕалан отой сахалыы тотоойу мин истибит. “Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар” диэбит курдук лааҕырга ылыы бу 24 киһинэн бүттэ. Онон лааҕырбыт үчүгэйигэр ымсыырбыттар ыт атаҕын туттугут, аныгыскы кэрэ кэми күүтэҕит. Дьэ бу буотах дуо доҕоттоор, ыччаттарбыт биһиэхэ истиҥ сыһыаннара, кыһамньылара?

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением