Дьокуускай куоракка кус уонна мас көтөрүн булдугар көҥүлү маннык аадырыстартан тиийэн ыйытыаххытын сөп:
Курашов уул., 30/1 – СӨ Экологияҕа министиэристибэтин булка кэтэбилин уонна уһулуччу харыстанар сир-уот департаменыттан;
202 мкр, 18/2 куорпус – СӨ Экологияҕа министиэристибэтин судаарыстыбаннай экологияҕа кэтэбилин кэмитиэтиттэн;
Свердлов уул, 14 – Биологическай баай-дуол, уһулуччу харыстанар айылҕа баайын-дуолун уонна пааркаларын дириэксийэтиттэн.
Улуустарга этиллибит булка көҥүлү Экологияҕа министиэристибэтэ улуустааҕы салааларыттан ылаллар. Ону таһынан сайаапкалары e-yakutia.ru судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр саайтарыгар киирэн толоруохха сөп.
СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ кусчуттары уонна булчуттары булт көҥүлүн ылар кэмнэригэр социальнай дистанцияны тутуһалларыгар, бэйэни харыстанар сириэстибэлэри тутталларыгар ыҥырар.
СӨ Экологияҕа министиэристибэтин пресс-сулууспатын матырыйаалынан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0