Онон, сылгыһыт күнэ 2017 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Быйылгы Сылгыһыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күнэ муус устар 5-7 күннэригэр Дьааҥы улууһугар ыытыллыаҕа. Бырагыраама быһыытынан, араас улуустартан сылгыһыттар, сылгы исписэлиистэрэ, учуонайдар мустаннар, төгүрүк остуол тула олорон сылгыны иитии тирээн турар боппуруостарын туһунан кэпсэтиэхтэрэ, уопут атастаһыахтара, племенной сылгылар быыстапка-атыылара, ат сүүрдүүтэ уонна сылгыһыттар күрэхтэһиилэрэ тэриллиэҕэ.
Санатан эттэххэ, Сылгыһыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күнэ иллэрээ сыл Ньурбаҕа, былырыын Аммаҕа буолан ааспыттара. Былырыын Аммаҕа «Сылгыһыт күрэҕэр» 11 улуустан 19 хамаанда күөн көрсүбүтэ диэн тыа хаһаайысыбатын уонна ас-үөл бырагырааматын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1