Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC

Хайа да улууска Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыытыы туһааннаах улуус олоҕор- дьаһаҕар, култууратыгар, эпическэй нэһилиэстибэтин – олоҥхотун уонна олоҥхоһуттарын, кинилэр үйэлэр тухары илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрин сөргүтүүгэ, үйэтитиигэ улахан тирэх буолар.

Хайа да улууска Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыытыы туһааннаах улуус олоҕор- дьаһаҕар, култууратыгар, эпическэй нэһилиэстибэтин – олоҥхотун уонна олоҥхоһуттарын, кинилэр үйэлэр тухары илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрин сөргүтүүгэ, үйэтитиигэ улахан тирэх буолар.

Уус Алдантан саҕаланан

Олоҥхо ыһыахтарын чэрчитинэн улуустар бэйэлэрин түөлбэлэрин олоҥхолорун уонна олоҥхоһуттарын үйэтитиигэ араас өрүттээх үлэни көхтөөхтүк ыыталлара биһигини үөрдэр. Маҥнайгы ыһыахтарга маннык улуустар олоҥхоҕо аналлаах кинигэлэри таһаарыы соччо ыытыллыбатахтара диэххэ сөп. Онтон 2009 с. Уус Алдаҥҥа Олоҥхо национальнай кэмитиэтин  бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн дьокутаата Александр Жирков тэрийбит маҥнайгы сэминээригэр (кэлин «кэмпэриэнсийэ» диэн буолбута) Олоҥхо ыһыаҕын регламена чопчуламмыта.

Сэминээр матырыйаалларынан «Олоҥхо ыһыаҕын сиэрэ-туома» диэн хомуруунньугу оҥорон таһаарбыппыт. Дьэ бу кэмтэн ыла улуустарга олорон ааспыт олоҥхоһуттар албан ааттарын дорҕоонноохтук ааттыыр буолбуппут. Уус Алдаҥҥа култуура үтүөлээх үлэһитэ Мария Сивцева улуус нэһилиэктэринэн баай матырыйаалы хомуйбута биэс кинигэҕэ түмүллэн тахсыбыттара, поэт Сергей Васильев-Борогонскай аатынан түмэлгэ улуус олоҥхоһуттарын галереята арыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ хайыһарга чөмпүйүөнэ Семен Черноградскай биир дойдулааҕа Дмитрий Говоров «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун толорбутун Америкаттан кэлэ сылдьар бэрэпиэссэр Робин Харрис видеоҕа устан, үөрэнэр бособуойа быһыытынан тарҕатта.

Горнайдар улуустарын олоҥхоһуттарыттан суруллубут олоҥхолору барытын түмэн, 2010 с. «Олоҥхо ытык эйгэтэ» диэн кинигэни таһаарбыттара. Мэҥэ хаҥаластар улуустарын ыһыаҕар олоҥхоҕо аналлаах 23 кинигэни таһааран тураллар. Өлүөхүмэлэр айанньыт олоҥхоһуттар тохтоон ааспыттарын, ол түмүгэр олоҥхолооһун ураты эйгэтэ баар буола сылдьыбытын туһунан кинигэни 2020 с. таһаарбыттара. Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү, Дьааҥы, Чурапчы уонна Нам улуустара түөлбэлэригэр төрөөн-үөскээн ааспыт олоҥхоһуттар антологияларын таһаарбыттара. Олоҥхо институтун фольклористара олохтоох кыраайы үөрэтээччилэри кытары бииргэ үлэлээбиттэрэ ити курдук үтүө түмүктэрдээх буолбута.

Онон Олоҥхо ыһыахтара буолан ааспыт улуустарыгар олоҥхолооһун үгэстэрин үйэтитии, сөргүтүү үлэлэрэ ыытыллыбыттара уонна билигин да бу хайысханан үлэ бара турар.

Виктор_Васильев_1.jpeg

118 сыл анараа өттүттэн

Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа Амма улууһугар ыһылларынан, бу улууска туох үлэ барбытын уонна кэлэр өттүгэр барыахтааҕын анааран көрөр тоҕоостоох. Аммалар Олоҥхо ыһыаҕар 118 сыл аннараа өттүгэр бэлэмнэнии үлэтин саҕалаабыттар. Амматтан төрүттээх-уустаах, төһө да омугунан тоҥ нуучча буоллар, саха эйгэтигэр төрөөбүт-үөскээбит киһи, бэйэтин кэмигэр биллэр-көстөр этнограф уонна фольклорист Виктор Николаевич Васильев (1877-1931) 1906 сыллаахха Арассыыйа Наукаларын Академиятын Антропология уонна этнография мусуойун командировкатынан дойдутугар кэлэ сылдьан, оччотооҕу Боотуруускай улуус (Амма улууһа 1912 с. тэриллибитэ) олоҥхоһуттара Иннокентий Тимофеев-Теплоухов, Тимофей Захаров- Чээбий, Михаил Новиков-Мэлэх Мэхээлэ, Филипп Егоров балачча бөдөҥ олоҥхолорун суруйан ылан, Эдуард Пекарскайга бэчээттэтэригэр  тиксэрбитэ. Кини Чурапчы олоҥхоһута Иннокентий Тимофеев-Теплоухов «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхотун өссө өрөбөлүүссүйэ иннигэр бэчээккэ бэлэмнээбитэ олох уларыйыыта, кырастааныскай сэрии дьалхаана мэһэйдээн, бэчээттэммэккэ хаалбыта. Букатын кэлин саха фольклористикатын аҕата Николай Емельянов үөрэнээччилэрин кытары 1994 с. Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотун Э.К.Пекарскай «Образцы народной литературы якутов» сиэрийэтин салгыытын курдук былааннаан таһаарбыта.

Онон аммалар олоҥхолорун аан бастаан үйэтиппит, сурукка тиспит  фольклорист, этнограф Виктор Васильев албан аатыгар хоолдьуктаах бэйэбит сүгүрүйэбит. Кини баар буолан, Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии оччоттон саҕаламмыт диэн санааҕа кэлэбит.

Чээбий.jpeg

Чээбий оскуолата 

Амма аатырбыт олоҥхоһута Чээбий талба талаанынан, уустаан-ураннаан, хомоҕойдук этэринэн сөхтөрөрө. Ол да  иһин Былатыан Ойуунускай «Эмис Түмэппийин курдук этэн дьэргэлдьиттэхпинэ» диэбитэ кини толорор майгытын бэргэнник арыйан көрдөрөр. Норуот суруйааччыта Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап биир дойдулааҕын, олоҥхолуур идэҕэ уһуйбут учууталын Эмис Түмэппийин туһунан суруйбута кинини олоҥхоһут быһыытынан үрдэтэр. Чээбий төрөөбүтэ 150 сылыгар «Ала Булкун» олоҥхону икки тылынан, киирии ыстатыйалаан, быһаарыылардаан таһаарбыппыт. Ону таһынан, суруналыыс Прокопий Караканов «Аммабын Чээбийдии туойдахпына», кыраайы үөрэтээччи Екатерина Уварова «Улуу олоҥхоһут  Чээбий» диэн ахтыы кинигэлэрэ күн сирин көрбүттэрэ. Анкеталартан да, ахтыылартан да көрдөххө, Чээбийтэн олоҥхолуур идэҕэ уһуллубуттар Аммаҕа эрэ буолбакка ыаллыы улуустарга элбэх этилэр. Холобур, Николай Абрамов-Кынат, Иннокентий Бурнашев-Тоҥ Суорун, Евдокия Иванова, Устин Нохсоороп уо.д.а. Чээбийи умсугуйан истибиттэрин, олоҥхолуурга уһуйуллубуттарын анкеталарыгар бэлиэтээбиттэр, ахтыылар да бааллар. Дьэ ол иһин мин Аммаҕа Чээбий оскуолата баар этэ диибин.

Устин_Нохсоороп.jpeg

Устин Нохсоороп оруола    

Күннүк Уурастыырап ахтарынан, кини Устин Нохсоороптуун бииргэ үөрэнэ сылдьан, Чээбий олоҥхолуурун умсугуйа истибиттэр, «Сылгы уола Дыырай» олоҥхотун кэрэхсээбиттэр. Биһиэхэ биллэринэн, норуот ырыаһыта, олоҥхоһут Устин Нохсоороп бу олоҥхону Былатыан Ойуунускай тус сүбэтинэн сурукка-бичиккэ тиспитэ. Ону Ойуунускай аатынан  бириэмийэ лауреата Светлана Мухоплева бэчээккэ бэлэмнээбитэ 2008 с. «Саха боотурдара» сиэрийэ алтыс туомугар тахсыбыта.

Устин Нохсоороп олоҥхоһут быһыытынан кимтэн уһуйуллубутун, ханнык олоҥхолордооҕун табылыыссаларынан доҕуһуоллаан көрдөрөн турар. Кини кыыһа Люция Нохсооробо уонна сиэн балта бэрэпиэссэр Мария Прокопьева 1997 сыллаахха Устин  Нохсоороп олорон ааспыт олоҕун, кини эйгэтин туһунан  кинигэлэри бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыттара.

Устин Нохсоороп норуот музыкальнай култуурата сайдыытыгар, олоҥхо опера быһыытынан сайдыытыгар ураты оруоллаах. Бу өттүнэн кини талба талаанын сырдатыыга искусствоведение кандидата Виктория Григорьева таһаарыылаахтык үлэлиир. Кини Устин Гаврильевиһынан сирэйдээн, саха олоҥхоһуттарын ыллыыр-туойар ускуустубаларын, маастарыстыбаларын сиһилии үөрэтэр. Устин Нохсоороп олоҥхоһут быһыытынан олоҥхо ырыатын-тойугун, матыыптарын толоруутунан киэҥник биллэр. Этномузыковед Эдуард Алексеев бэлиэтээбитин курдук, кини толоруутун уонна истиилин билиҥҥи олоҥхоһуттар үгүстэрэ сүһэн ылан толорор буоллулар. Ол -- Амма олоҥхоһуттарын үгэстэрэ Саха Сиригэр ордук киэҥник тарҕаммытын кэрэһэлиир.

(Салгыыта кэлэр нүөмэргэ бэчээттэниэ).

Хаартыскалар ааптар архыыбыттан

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22