Көрсүһүү кэмигэр болҕомто Саха сирин тырааныспарын тиһигэр уурулунна. Онуоха Ленскэйтэн Мииринэйгэ диэри айан суолун “Мухтуйа” учаастагар хапытаалынай өрөмүөн боппуруоһа таарыйылынна. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах массыына суола” национальнай бырайыак чэрчитинэн, 2023 с. Нүүйэ өрүһү туоруур 183 миэтэрэ усталаах муоста тутуллубута. Быйыл ол муоста өссө ситэриллэн оҥоһуллуохтаах.
Саҥа суоллары оҥоруу былааннанар. Ол курдук, Ленскэйтэн Пеледуйунан уонна Витиминэн Иркутскайга диэри барар суол оҥоһуллуохтаах. Бу үлэ Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2030 сылга диэри “Бүлүү”, “Өлүөнэ” уонна “Халыма” федеральнай суолларынан сырыыны сылы эргиччи хааччыйарга эппит сорудаҕын толоруу чэрчитинэн ыытыллар.
Энергетика боппуруоһа тумнуллубата. Быйыл Усть Куйга бөһүөлэгэр дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйа (АСММ) тутуутун сүрүн түһүмэҕэ саҕаланыахтаах. Онон, бу эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ, көрөн-истэн үлэлэтэр каадырдары олохтоохтортон бэлэмниир сорук турара бэлиэтэннэ. АСММ-ы тутуу бырайыага РИТМ-200Н диэн Арассыыйаҕа оҥоһуллубут реакторнай установкаҕа олоҕурар диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-киинэ иһитиннэрэр.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0