Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

«Берегиня» дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ көмөлөһөр киин Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор Намнааҕы салаата ыам ыйын 20 күнүттэн халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэртэн оҕолору ылары саҕалаата. Уопсайа уон оҕо Хатырыктан, Граф-Биэрэгиттэн, Маймаҕаттан киирдилэр. Төрөппүттэр маннык киин баарын билэн, дьиэлэрин-уоттарын дьаһанар-хомунар кэмнэригэр, оҕолоро үчүгэй усулуобуйаҕа, көрүүгэ-истиигэ сырыттыннар диэн санааттан, үөрүүнү кытары киин өҥөтүнэн туһаналлар.

Оҕолор киин иитээччилэрин, үлэһиттэрин  көрүүтүгэр-истиитигэр сылдьыахтара, иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаарыахтара.

3_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

“Берегиня” киин исписэлиистэрэ элбэх оҕолоох ийэҕэ, кыһалҕалаах кэмигэр ыйан-кэрдэн биэрэннэр, улахан өйөбүл буоллулар. Тустаах тэрилтэлэргэ сылдьан дьыалатын быһаарсарыгар, икки улахан оҕотун “Сосновый бор”  лааҕырга тэрийэн киллэрэригэр сүбэ-ама буолан көмөлөстүлэр. Ону таһынан, бу дьиэ кэргэҥҥэ  Жирков Дмитрий Семенович  I Хомустаах оскуолатын 1991 сыллаахха бүтэрбит дьон аатыттан көмө харчы туттарда.

2_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Киин дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор. Биир көрүҥүнэн “Кризисная куойка” өҥө буолар. Ыксаллаах быһыыга-майгыга бу өҥө олус быһаарыылаах буолла. Ол курдук, саҥа төрөөбүт, уон хонуктаах оҕолоох ийэ икки оҕотунаан бу өҥөнөн туһанна.  Ийэҕэ оҕолорун кытары тэҥҥэ сытар толору усулуобуйа тэрилиннэ, итии аһынан хааччылынна. Ыал ийэтэ манна киирэн уоскуйбутун, нус-хас буолбутун биллэрдэ, үлэһиттэргэ махтанна. Кинини кытары күннэтэ мэдэссиинэ үлэһитэ, психолог үлэлииллэр.

4_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Сардаана ЛУКИНА, Алена ШЕЛКОВНИКОВА

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24