Атырдьах ыйын 9 күнүнээҕи туругунан, 35 тыһыынча туонна үүт соҕотуопкаланан, сыллааҕы сорудах 64 % толорулунна. Былырыыҥҥы сыл туһааннаах кэмин кытары тэҥнээтэххэ, көрдөрүү 5,7 %-ынан тупсарыллан иһэр диэн Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Быйыл үүт соҕотуопкатыгар 3,5 млрд солкуобай субвенция көрүллүбүтүттэн улуустарга 2,8 млрд солкуобай, ол эбэтэр 80,41 %-а тиэрдиллэн турар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 44 тэрилтэ (хаһаайытыба) үүтү тутан астыыр.
Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан, 2024 с. тохсунньу 1 күнүттэн үүт субсидията биир киилэҕэ 65 солкуобай буолбута, былырыын 60 солк этэ. Манна соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр 15 солкуобайы эбэннэр, биир киилэ үүт сыаната 80 солкуобайга тэҥнэстэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0