Бу лааҕырга Таатта улууһуттан эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ улуустарын араас оскуолаларын үөрэнээччилэрэ кэлэн дьарыктаналлар, сынньаналлар.
Бу ыйга Дьокуускайтан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт 9-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Анна Егоровна Местникова салалтатынан, үһүс сылларын кэлэн, дьарыктанан бардылар.
Оҕолор Мандар Уустуун алтыһан, лиэксийэлэрин истэн, уус түмэлин, моҕол ураһаны көрөн астыннылар, сөхтүлэр. Уолаттар быһаҕы охсорго, кыргыттар туоһунан тигэргэ үөрэннилэр.
Ону таһынан, түмэлгэ көмөлөһөн субуотунньуктаатылар. Баайаҕатааҕы бэтэринээринэй лечебница сэбиэдиссэйэ Ольга Ивановна Бурнашева кэтэх хаhаайыстыбатыгар сылдьан, ынах ыан, ньирэй аһатан, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын сиһилии билсэн, элбэҕи билэн-көрөн бардылар диэн Бэтэринээрийэ департаменын пресс-киинэ иһитиннэрэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0