-- Күн бүгүҥҥү туругунан, хотугу таһаҕас 66,9%-на ыытылынна. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, быйыл арыый урутаан иһэбит. Өрөспүүбүлүкэ хоту өттүгэр уопсайа 356697,5 туонна таһаҕаһы илдьэрбит былааннанар. Аартыка өрүстэригэр суудуна айана хойутаан саҕаланарынан, анал хонтуруолга сылдьар», – диэн Дмитрий Лепчиков билиһиннэрдэ.
Ил Дархан таһаҕаһы кэмигэр тиэрдэргэ сорудахтаата. Ону тэҥэ миниистир ойуур баһаардарын билиҥҥи туругун отчуоттаата.
-- Ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Сунтаар уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар салҕанар. Баһаардар ыраах, ыарахан тиэхиньикэ тиийбэт сирдэригэр тахсаллара бэлиэтэнэр. Балаһыанньаны учуоттаан умуруорууга үлэлиир күүһү элбэтэр миэрэлэри ылабыт. Нэһилиэнньэлээх пууннары уонна экэниэмикэ эбийиэктэрин көмүскүүргэ РФ ЫБММ, «Полярные авиалинии» авиахампаанньа ааллара уонна зондировщик сөмөлүөттэр туттуллаллар, – диэтэ Дмитрий Лепчиков.
Көрсүһүү түмүгэр Ил Дархан: «Нэһилиэнньэ олоҕор, доруобуйатыгар кутталы үөскэппэт уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр тахсар хоромньуну аҕыйатар сүрүн сыал-сорук буолар», — диэн бэлиэтээтэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0