Соһуччу булумньу
Ханнык баҕарар хаһыат эрэдээксийэтигэр улахан көмөнү уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннэр оҥороллор. Кинилэр улуустартан, ыраах нэһилиэктэртэн күннээҕи үлэни-хамнаһы сырдатар сонуннары, ыстатыйалары суруйан ыыталларын таһынан, олус интэриэһинэй, ааҕааччы кэрэхсэбилин тардар матырыйааллары хааччыйаллар.
Биһиги хаһыаппытыгар оннук киһинэн Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин архыыбын эппиэттээх үлэһитэ Регина Тимофеева буолар. Кини соторутааҕыта, саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, 1932-1937 сс. сир оҥоһуутун наркомунан (билиҥҥинэн тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн) үлэлээбит Степан Аржаков туһунан матырыйааллары «Госкаталог.РФ» саайтка көрдүү олорон, норуодунай худуоһунньук Михаил Носов оҥорбут үлэтин – саха чулуу дьонун мэтириэттэрин – булан ылбыт. Бу үлэлэр Сергиев Посадтааҕы судаарыстыбаннай историко-художественнай түмэл пуондатыгар хараллан турар эбиттэр.
– Онно биир сиэрийэнэн сылдьар алта мэтириэт баар, ол иһигэр, мин биир дойдулааҕым, аймаҕым, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бастакы сылларыгар снайпердар хамсааһыннарын төрүттэспит Дмитрий Гуляев мэтириэтэ көһүннэ. Биһиги Михаил Носов убайбыт мэтириэтин оҥорбутун туһунан эрдэ истэр этибит, манна, өрөспүүбүлүкэ түмэллэригэр көрдөөн баран, кыайан булбатахпыт. Национальнай художественнай түмэл үлэһиттэрэ: «Дмитрий Гуляев мэтириэтин Носов оҥорбутун туһунан катаалакка суруллубут эрээри, ханната биллибэт, буллахпытына биллэриэхпит», -- диэбиттэрэ ыраатта. Дьэ, онтукабыт соһуччу баҕайы Сергиев Посадка баара билиннэ. Докумуоннары хаһыстахха, Носов бу үлэлэринэн Москубаҕа быыстапкаҕа кыттыбытын уонна Ленинградтааҕы Нуучча судаарыстыбаннай түмэлигэр биэрбитин туһунан суруллар. Оттон хаһан, хайдах Сергиев Посадка тиийбитэ биллибэт, инньэ гынан, мин онно ыйытык ыыттым. Хардатын кэтэһэбин, – диир Регина Васильевна.
Биллэрин курдук, Саха АССР 20 сылынан, 1942 сыллаахха, «Социалистическай Саха Сирин бастыҥ үлэһиттэрин Бочуотун кинигэтэ» тахсыбыта. Худуоһунньук бу кинигэҕэ киллэриллибит дьонтон сүүмэрдээн, норуот хаһаайыстыбытын араас салааларыгар бастыҥ көрдөрүүлээхтэри уонна сэриигэ сылдьар хорсун байыастары талан уруһуйдаабыт быһыылаах.
Кимнээх мэтириэттэрэй?
Дьиҥинэн Михаил Носов төһө киһи мэтириэтин оҥорбута чуолкайа биллибэт, Сергиев Посадка алта киһи мэтириэтэ баар, барыларын сахалыы оһуорунан тулалаабыт. Мантан салгыы мэтириэттэр хайдах быһаарыылаах суруллубуттарын биэрэбит:
- Саха Егоров М.Г. – оҕуруот култууратыгар үрдүк үүнүүнү ситиспит «Саҥа суол» холкуос биригэдьиир-оҕуруоччута.
«Социалистическай Саха Сирин бастыҥ үлэһиттэрин Бочуотун кинигэтигэр» Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин биллиилээх оҕуруоччута Михаил Григорьевич Егоров туһунан маннык суруллубут: «Хас гектар ахсыттан 1940 с.--180 ц оҕурсуну, 260 ц помидору, 470 ц хаппыыстаны, 1941 с. – 282 ц оҕурсуну, 320 ц помидору, 423 ц хаппыыстаны ылла».
2. И. Лыткин – биллиилээх забойщик, саха.
«Социалистическай Саха Сирин бастыҥ үлэһиттэрин Бочуотун кинигэтигэр» Иннокентий Васильевич Лыткин туһунан маннык суруллубут: «Ыныкчаан бириискэтин забойщига. «Үлэҕэ туйгунун иһин» мэтээллээх. Тиэхиньиичэскэй нуорматын 1941 сыллаахха 169 %, 1942 сыллаахха 155-211 % толордо. Ыстахаанаптыы үлэ ньыматын устурууктарын дуоһунаһыгар таһаарылынна».
3. Д.И. Фещук – БСКП(б) Дьокуускай куораттааҕы кэмитиэтин урукку сэкирэтээрэ, генерал-лейтенант П.А. Белов хамандыырдаах Н-скай чаас подразделениетын хамыһаара, «Кыһыл Сулус» уордьан кавалера.
«Социалистическай Саха Сирин бастыҥ үлэһиттэрин Бочуотун кинигэтигэр» Дмитрий Иванович Фещук туһунан үөһэ этиллибит чахчыларга эбии «Ньиэмэс халабырдьыттарын ураты уоттаах сэриигэ хорсунун уонна эр санаатын көрдөрөн, «Кыһыл Сулус» уордьанынан наҕараадаланна», – диэн суруллубут.
4. Дмитрий Гуляев – кыһыл армеец, саха.
«Социалистическай Саха Сирин бастыҥ үлэһиттэрин Бочуотун кинигэтигэр» кини туһунан маннык суруллубут: «Модут нэһилиэгин Сталин аатынан холкуос чилиэнэ, Н-скай чаас байыаһа, снайпер. «Хорсунун иһин» мэтээллээх».
Дмитрий Алексеевич Гуляев (1917-1943) сэриигэ 1941 сыл, балаҕан ыйыгар ыҥырыллыбыта, снайпер буолбута. 22 снайперы үөрэтэн, боруоҥҥа снайпер хамсааһынын төрүттэспитэ. 1942 с., бэс ыйын 15 күнүгэр «Бойобуой Кыһыл Знамя» уордьанынан наҕараадаламмыта. 1943 с. балаҕан ыйын 10 күнүгэр Смоленскай уобалас Петрово сэл. таһыгар кыргыһыыга өлбүтэ.
5. Степан Ковров – кыһыл армеец, саха. Ньиэмэс 30 автоматчигын ураты кыргыһыыга кыайыылааҕынан тахсыбыта.
«Социалистическай Саха Сирин бастыҥ үлэһиттэрин Бочуотун кинигэтигэр» «Бочуот кинигэтигэр» кини туһунан чахчы суох.
Степан Гурьевич Ковров (1919-1942) Горнай улууһун Октябрьскай нэһилиэгиттэн сэриигэ 1941 с. күһүн ыҥырыллыбыта. Олунньу 23 күнэ үүнэр түүнүгэр Смоленскай уобалас Карцево сэл. пуоска туран, өстөөх 30 автоматчигын утары тэҥэ суох кыргыһыыга хорсуннук киирсэн, хамаандабанньаттан махтал ылбыта. Кэлин снайпер буолбута, 1942 с. атырдьах ыйын 17 күнүгэр ыараханнык бааһырбыта. Өлбүтүн кэннэ «Кыһыл Сулус» уордьанынан наҕараадаламмыта.
Худуоһунньук бу мэтириэттэри 1942 сыл бастакы аҥарыгар уруһуйдаабыт, арыый хойут оҥорбута буоллар, Дмитрий Гуляевы «уордьан кавалера», Степан Коврову «уордьан кавалера, Ийэ дойду иһин олоҕун толук уурда» диэн ыйыа этэ.
6. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Зоя Космодемьянская.
Худуоһунньук Зоя Космодемьянскаяны сахалыы оһуорунан оҥоһуллубут кыһыл сулус ортотугар олордубут, аатын-суолун суруйбатах, алын өттүгэр «Ким» значогун оҥорбут.
Саха норуодунай худуоһунньуга, РСФСР ускуустубатын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Михайлович Носов 1887 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр нуучча аҕабыытын дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Амма Сулҕаччытыгар ааспыта. Дьокуускайдааҕы духуобунай сэминээрийэни бүтэрэн, 1908-1910 сс. Петербурга П.Ф. Лесгафт үрдүкү кууруһугар үөрэммитэ. Бэйэтин баҕатынан устуоруйаны, этнографияны, археологияны үөрэппитэ, худуоһунньук буолбута.
1912 с. Саха сиригэр төннөн, 1934 с. диэри учууталлаабыта. Кыраайы үөрэтээччи, худуоһунньук быһыытынан биллибитэ, саха таҥаһын-сабын, туттар тэрилин, иһитин-хомуоһун, ойуутун-мандарын холустаҕа түһэрбитэ. ССРС Наукаларын академиятын Саха сиринээҕи научнай-чинчийэр баазатыгар үлэлээбитэ, Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр мусуой эспэдииссийэлэригэр кыттыбыта, XVII-XIX үйэтээҕи саха матырыйаалынай култууратын 5 туомнаах Аталааһын оҥорбута, этнографияҕа элбэх ыстатыйаны суруйбута.
Норуодунай худуоһунньук Михаил Михайлович Носов үлэлэрэ саха матырыйаалынай култууратын уонна прикладной ускуустубатын чинчийиигэ, хомуйууга, сөргүтүүгэ сүҥкэн оруоллаахтар.
Матырыйаалы Регина Тимофеева хааччыйда
- 18
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0