Быйылгы үөрэх сылыттан үлэбит саҥа кэрдиискэ тахсан, ис хоһооно кэҥээн, «Саха сирин судаарыстыбаннаһын саҥа кирбиитигэр» диэн ааттаан, аптаныамыйаны олохтообут улуу убайдарбыт үтүө дьыалаларын салҕааччы, саха бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев норуотугар анаабыт олоҕун, үлэтин үөрэтэр, ыччакка тиэрдэр үлэни былааннаан саҕалаатыбыт.
Бэҕэһээ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас түмэлигэр Платон Алексеевич 131 сылыгар анаммыт телемост-көрсүһүү буолла. Манна Нам Хатырыгыттан М.К. Аммосов аатынан, Үөһээ Бүлүүттэн И.Н. Барахов аатынан уонна Чөркөөхтөн П.А. Ойуунускай аатынан оскуолалар кыттыннылар.
Чөркөөх оскуолатын историяҕа учуутала А.А. Егоров саха национальнай успуордун көрүҥнэрин көрдөрөр Манчаары Баһылай аатынан төрүт күрэхтэһиибит 1968 сылтан ыытылларын эттэ. Эһиил Оонньуулар XXII төгүлүн үгэс, култуура, духуобунас киининэн аатырар, Олоҥхо үөскээбит түөлбэтинэн биллэр ытык Тааттаҕа ыытылларынан, улууска ыытыллар тутуулары, ону тэҥэ «Кэрэ Кытыл», «Талах Бэргэн», «Тоттооной» диэн ааттаммыт оонньуу ымыыларын билиһиннэрдэ. 12 көрүҥҥэ күрэхтэһии буоларын уонна биир интэриэһинэй чахчыны, 1968 с. ыытыллыбыт бастакы оонньууга 12 улуустан 253 спортсмен кыттыбыт буоллаҕына, эhиил 7000 тахса күрэхтэһээччи кэлэрэ күүтүллэрин сырдатта.
П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас түмэлин исписэлииһэ А.С. Борисова архыып докумуоннарыгар олоҕуран, Ойуунускай Саха сиригэр успуорт сайдыытыгар ыыппыт үлэлэрин оҕолорго билиһиннэриитэ буолла. Үөһээ Бүлүү учууталлара «Былааһы Сэбиэккэ» ырыаны бөлөҕүнэн толорон, оҕолор хоhоон ааҕан, Нам Хатырыгын үөрэнээччилэрэ Былатыан уонна Максим доҕордоһууларын туһунан олус үчүгэй дьүһүйүүнү оҥорон тэрээһини киэргэттилэр. Чөркөөх үөрэнээччилэрэ суруйааччы хоhоонун уонна «Таатта үрэх үрдүгэр» ырыаны ылбаҕайдык толордулар. Бу курдук инники өттүгэр өссө элбэх үлэ ыытыллара күүтүллэр. Бырайыак үлэтэ салгыы үүнэн-сайдан истин.
Эмма Кашкина, бырайыагы салайааччы.
Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ.
- 5
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0