Үлэнэн иитэн
Мария Слободчикова төрүт-уус Хаптаҕай олохтооҕо. Кырасдааныскай сэрии дьоруойа Кеша Алексеев аатынан орто оскуоланы бүтэрэн баран, Приморскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын үнүстүүтүгэр үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, 1991 с. агроном дипломнаах кэлбитэ. Социалистическай Үлэ Дьоруойа Екатерина Новгородова салайар оҕуруотчуттарын биригээдэтигэр үлэлээбитэ. Дэгиттэр мэхэньисээтэр Александр Слободчиковка кэргэн тахсан, ыал буолбута. Айыыһыттара араҥаччылаан, сэттэ оҕоломмуттара. Оҕону иитиигэ үгэстэрин туһунан кини маннык кэпсиир:
– Ыал буоларбытыгар икки өттүбүтүттэн төрөппүттэрбит сүөһү анаабыттара. Онон икки ыанар ынахтанан, сибинньэ, куурусса иитэн барбыппыт. Сопхуос ыһыллан, дьон бөҕө үлэтэ суох хаалбыт, дьиикэй ырыынак киирбит 1990-с сыллардаах ыарахан кэмнэри туоруурбутугар бэйэбит хаһаайыстыбалаахпыт абыраабыта. Үүтүнэн-сүөгэйинэн, ынах сүөһү, сибиинньэ, убаһа этинэн, хортуоппуйунан толору хааччынарбыт. Оҕуруот аһын арааһын үүннэрэн, кэнсиэрбэлээн хаһаанарбыт. Оҕолорбутун сибиэһэй аһынан-үөлүнэн аһатарбыт таһынан, ордугун атыылаан харчылаһан олорбуппут, ыарахан сыллары тулуйбуппут. Оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн бэйэбитин батыһа сылдьан көмөлөһө үөрэммиттэрэ. Оҕуруокка уу кутан, сыыс оту ыраастаан, кирээдэ буорун көбүтэн-көмөн, ынах ыаһан, хотон сыбаһан, кыһын ойбоҥҥо сүөһү уулатан, дал сааҕын ыраастаан, сайынын оттоһон көмөлөһөллөрө. Онон, үлэни аргыс оҥостон улааппыттара. Аҕабыт оччоттон баччаҕа диэри оҕуруот хаһаайыстыбатын солбуллубат мэхэньисээтэрэ, мин оҕолорум борбуйдарын көтөҕүүлэрэ оскуолаҕа үлэлээбитим. Оскуола аграрнай хайысхалаах буолан, саас арассаада тылыннаран, сайын араас оҕуруот аһын үүннэрэрэ. Мин оскуола таһынааҕы учаастакка уонна Үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар үлэлээбитим. Биһиги үлэҕэ сылдьар кэммитигэр оҕолорбут бэйэ-бэйэлэрин биэбэйдэһэллэрин таһынан, хаһаайыстыбаларын дьаһайаллара, кырдьаҕас эһэлэрин көрөллөрө.
Үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар Мария Михайловна элбэх оҕону сиртэн үүнээйини ылыы кистэлэҥнэригэр уһуйда, кинилэргэ сиргэ тапталы иҥэрдэ. Кэлин эбии үөрэнэн, социальнай педагог идэтин ылбыта, онон кыһынын оскуолаҕа бу идэтинэн үлэлээн кэллэ.
Үлэни өрө туппут, иллээх-эйэлээх ыал оҕолоро үөрэхтэрин бүтэрэн, идэлээх үлэһит дьон буолан эрэллэр. Кыра уол ытык иэһин төлүү аармыйаҕа барбыта, биир уол устудьуоннуу сылдьар.
– Оҕолорбут үлэни аргыс оҥостон улааппыттара бэйэлэригэр эрэллээх, хайа да үлэттэн чаҕыйбат буолалларыгар тирэх буолла. Сүрдээх дьиэмсэхтэр, дойдумсахтар. Кэлэ тураллар, дьиэ иһигэр-таһыгар, хаһаайыстыбаҕа көмөлөһө сылдьаллар. Дьиҥинэн тыа сиригэр оҕо барыта даҕаны үлэнэн иитиллэр, кыра саастарыттан төрөппүттэрин батыһа сылдьан үлэлээн-хамсаан, ас-таҥас хантан кэлэрин өйдүү үөрэнэллэр. Онон, куораттан итэҕэһэ суох олорорго, сайдарга сөптөөх усулуобуйа баара буоллар, элбэх ыччат дойдутугар олохсуйуо, үлэни-хамнаһы тэриниэ этэ, -- диир Мария Михайловна.
Үлэ Дьоруойун алгыһынан
Ленин аатынан сопхуос отделениетын оҕуруотчуттарын биригэдьиирэ, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Е.И. Новгородова быһаччы кэпсэтиитинэн, 1970-с – 1980-с сыллардаахха анал орто үөрэҕи бүтэрбит оҕуруотчут уонна агроном кыргыттар үлэлии кэлэллэрэ, быраактыкаларын бараллара, сорохтор өҥ сирдээх-уоттаах, эйэҕэс-сайаҕас дьонноох Хаптаҕайы сөбүлээн, олохсуйа хаалаллара. Оччолорго оҕуруокка үлэлээбит кырдьаҕастар ааҕалларынан, отуттан тахса кыыс Хаптаҕай уолаттарыгар кэргэн тахсан, дьоһун-мааны ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ буолан олороллор. Үлэҕэ такайбыт биригэдьиирдэрин, ирдэбиллээх салайааччы буоларын таһынан, кинилэр олохторугар-дьаһахтарыгар ийэлии кыһаммыт-мүһэммит, сүбэлээбит-амалаабыт Екатерина Иннокентьевнаны умнубаттар, махталынан ахталлар.
Чурапчы улууһун Дириҥиттэн төрүттээх Екатерина Дмитриева сопхуос саҕана оҕуруокка үлэлээбитэ, сопхуос эстибитин кэннэ, 1997 с. оҕуруотчуттар бэйэлэрэ тэрийбит «Дириҥ» диэн тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин бу ааспыт сүүрбэччэ сыл устата иилээн-саҕалаан, салайан кэллэ.
-- Сыллата хортуоппуй, моркуоп, сүбүөкүлэ, хаппыыста, оҕурсу, помидор үүннэрэн, илин эҥэр улуустары хааччыйабыт. Ол барыта, биллэн турар, элбэх сыраттан-хараттан тахсар. Тыа сиригэр үлэлиир хаһаайыстыбалары өйүүр хайаан да наада. Өйөбүлүҥ суох буоллаҕына, өнүйбэккин. Ону билиҥҥи эдэр салайааччылар табатык өйдүөхтэрин уонна үлэлиир-хамсыыр дьону кытары мэлдьи сибээстэһэн, кинилэр кыһалҕаларын быһаарсарга сүбэ-ама буолуохтарын наада. Тыа сирэ барыбытын аһатан олорор, онон, саха омук төрүт дьарыгын тута сылдьар дьон, хаһаайыстыбалар өйөбүллээх буолуохтаахтар. Оччоҕуна эрэ ыччат сүөһүгэ, сиргэ үлэлииригэр кэбэҕэс буолуоҕа, сүөһүбүт-сылгыбыт ахсаана аҕыйыа суоҕа, сирбит-уопут аналынан туһаныллыаҕа, -- диир кэпэрэтиип салайааччыта.
Екатерина Николаевна үс оҕолоох ыал ийэтэ. Кэргэнин, Павел Ивановиһы, кытары оҕолорун эмиэ кыра эрдэхтэриттэн батыһыннара сылдьан, үлэнэн иитэн-такайан улаатыннардылар. Инньэ гынан, оҕолор туох да үлэттэн иҥнэн-толлон турбаттар, сүөһү ииттэн, от оттоон, мас мастаан иннилэрин көрүнэллэр. Аҕалара булт албастарыгар такайбыт, сиэри-туому тутуһарга үөрэппит буолан, уолаттар иккиэн сорсуннаах булчуттар, билигин бэйэлэрэ бултаабыт бултарын-алтарын сыа-сым курдук тутар дьоһун дьоннор.
Дмитриевтар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһү-сылгы ииттэллэр, куурусса туталлар. Сыллата идэһэлэнэллэр, ону таһынан үүтү-сүөгэйи дэлэччи астаан, оҕолорун, сиэннэрин аһаталлар.
Маҥнайгы хараҥаччылар
Терентьевтар ыал буолбуттарыгар, дьонноро ходуһа сирэ анаан, сүөһү чаастаан хаалларбыттарын эппиэтинэс курдук ылынан, кинилэр үлэлээн кэлбит үлэлэрин салҕыыр соруктаах сүөһү-сылгы иитиитигэр ылсыбыттар. Учууталлыы сылдьар Парасковья кэргэнин Дмитрийи кытары сүбэлэһэн, дьоҕус бааһынай хаһаайыстыбатын тэриммиттэрэ. Ити уонча сыллааҕыта этэ. «Cаҥа саҕалыыр бааһынай хаһаайыстыба» бырагыраама куонкуруһугар кыттан, 1,5 мөл. солк суумалаах граны ылбыттара. Онно тирэҕирэн, нэһилиэккэ бастакынан саҥа хотон туттан, сүөһү эбии атыылаһан, быраҕыллыбыт бааһынаны сөргүтэн, күрүөлээн, сүөһү аһылыгар анаан күөх үүнээйини ыспыттара.
– Бэйэбит кэммитигэр «маҥнайгы хараҥаччы» буолбуппут. «Оннооҕор учуутал киһи хотон үлэтиттэн саллыбакка пиэрмэрдии сылдьар» диэн баһылыкпыт Екатерина Гаврильева холобур оҥостор эбит этэ. Билигин 40-чэ ынах сүөһүнү, 20-чэ сылгыны кыстатан турабыт. Сүрүннээн үүккэ үлэлиибит. Бэйэни аралдьытынан, сынньалаҥҥа диэн кус иитэбит, убаһа эрдэхтэриттэн бүөбэйдэһэн, миинэр миҥэ буолар аттары тутабыт. Оҕолорбут туһа дьоно. Уолбут аҕатын кытта ходуһаҕа от үлэтигэр, бааһынаҕа эбиэс ыһыытыгар, тиэхиньикэ өрөмүөнүгэр, күрүөнү-хаһааны тутууга, сүөһү-сылгы көрүүтүгэр кыра эрдэҕиттэн тэҥҥэ сылдьар, сатыыра үгүс, үөрэҕэр да оннук эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар. Кыыспыт эмиэ сүөһүгэ-сылгыга сүрдээх сыстаҕас, түргэн туттуулаах. Ат миинэрин, ньирэйдэри кытта бодьуустаһарын туохтааҕар да ордорор. Бу курдук үлэҕэ да, сынньалаҥҥа да дьиэ кэргэнинэн сылдьабыт, -- диэн кэпсиир ыал ийэтэ.
Зинаида ИГНАТЬЕВА,
Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ. Хаптаҕай.
Хаартыскалары ааптар хааччыйда
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0