Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Арассыыйа Федерациятын сенатора Егор Борисов сэтинньи 26 күнүгэр «Сахамедиа» пресс-киинигэр суруналыыстары кытары көрсөн, сыллааҕы үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ.

Арассыыйа Федерациятын сенатора Егор Борисов сэтинньи 26 күнүгэр «Сахамедиа» пресс-киинигэр суруналыыстары кытары көрсөн, сыллааҕы үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ.

Эппиэтинэстээх буолуу

– Үтүө күнүнэн, күндү доҕоттор. Сыллата маннык көрсөрбүт үгэскэ кубулуйда. Мин бастатан туран, эһиги болҕомтоҕутун манныкка туһаайыахпын баҕарабын. Билигин Арассыыйаҕа эрэ буолбатах, Аан дойду үрдүнэн быһыы-майгы атын. Ыраахтан саҕалаатахха, 1990-с сс. социалистическай тутулу киэр илгэн, дэмэкэрээтийэ суолун, арҕааҥҥы дойдулар сайдыыларын талабыт диэн, ис-тас бэлиитикэҕэ уонна экэниэмикэҕэ либеральнай хайысханы тутуспуппут, ырыынак сыһыаннаһыыларыгар киирбиппит. Көҥүл барыы бастаан эрэ үчүгэй курдуга. Биирдэ өйдөөбүппүт, туох да бырамыысаланнаһа суох хаалбыт, Сэбиэскэй былаас саҕана тэриллибит былааннаах үлэ-хамнас тиһигэ үрэллибит, арҕааҥҥы дойдулар бэйэлэрин усулуобуйаларын соҥнуур буолбуттар эбит. Бирэсидьиэнинэн талыллыаҕыттан Владимир Путин ону көннөрөр үлэни саҕалаабыта. Федеральнай Мунньахха быйылгы Этиитигэр 1990-с сс. ыытыллыбыт нейтральнай бэлиитикэ содулун тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ, дойдуну бөҕөргөтөр, саҥа Арассыыйаны тутар, аан дойду лиидэрэ оҥорор соругу туруорбута.

Барыбыт үлэбит-хамнаспыт дьэ онно туһуланыахтаах. Хас биирдиибит эппиэтинэстээх буолуохтаахпыт. Эппиэтинэс көрүҥнэрин билэҕит: киһи бэйэтин дьылҕатыгар тус эппиэтинэһэ, салайааччы дойдутун, норуотун туһугар бэлитиичэскэй эппиэтинэһэ уонна устуоруйа иннигэр эппиэтинэс. Быһаарыылаах кирбии кэмнэргэ интэлигиэннэр норуоту өйдөтөр-сырдатар эппиэтинэһи сүгэллэр. 1992 с. ахсынньы 15 күнүгэр ыытыллыбыт саха норуотун бастакы Кэнгириэһигэр норуот суруйааччыта Софрон Данилов «Саха норуота барҕарыы суолунан» дакылаатыгар Егор Гайдар баһылыктах бырабыыталыстыба дьалхааннаах дьаһалларыттан ытырыктатан, бары эйгэни хабан итэҕэһи-быһаҕаһы ыйбыта, салгыы хайдах дьаһаныахха сөбүн туһунан сүбэлээн-амалаан, кэс тылын эппитэ. Мин учууталым, суруйааччы Василий Яковлев-Далан, академик Владимир Ларионов бэйэлэрин санааларын эмиэ аһаҕастык этэр этилэр. Билигин, саҥа суолу-ииһи көрдөнөр кэмҥэ, интэлигиэнсийэ куолаһа иһиллиэхтээх. Ону умнумаҥ.

Ыччаты иитии

Ааспыт отут сыл устатыгар атын, арҕааҥҥы сыаннастар өрө тутуллубуттарын түмүгэр, төрөппүт тылын истэр, кырдьаҕаһы ытыктыыр, кыаммакка көмөлөһөр, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, Ийэ дойдуну таптыыр, киниэхэ бэриниилээх буолар өйдөбүлү билиммэт ыччат үөскээтэ. Дьэ ону көннөрүү иккис сүрүн сорукпут.

БЕА_-_пресс_конф.jpeg

Үлэ отчуота

Федерация Сэбиэтин үлэтэ киэҥ, ыйга аҕыйаабыта иккитэ пленарнай мунньах ыытыллар. Мин аграрнай бэлиитикэ уонна айылҕаны туһаныы сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйабын, хас да кэмитиэккэ баарбын. АПК, экология, сир-уот эйгэлэригэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин интэриэһигэр, Уһук Илиҥҥэ, Аартыкаҕа сыһыаннаах уо.д.а. боппуруостарга федеральнай уонна эрэгийиэннэрдээҕи судаарыстыбаннай биэдэмистибэлэри,министиэристибэлэри кытары үлэлэһэбин. «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа приемнайыгар үлэлиибин, нэһилиэнньэни кытары көрсөбүн, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, кинилэр кэргэттэрин уонна араас кыһалҕалаах дьон туруорсар боппуруостарын быһаарсабын. Холобур, хаарбах туруктаах дьиэҕэ олорор инбэлиит көрдөһүүтүнэн албакаат наймылаһан, суукка хотон, кыбартыыраланар кыахтанна.

Алтынньы 23 күнүгэр массыына суолун туһунан федеральнай сокуоҥҥа үс сыллаах мораторийы олохтуур сокуон барылын киллэрбиппит. Кытаанах хомунаалынай тобоҕу таһар массыына ыйааһына ирдэнэр таһымтан ыарахан буолла да, тустаах хампаанньа 400 тыһ. солк тиийэ ыстараабы төлүүрэ, оттон кыра массыынаны туһаннаҕына, өҥө сыаната аһары ыараан хаалар этэ. Эпэрээтэр тэрилтэлэри айгыраппат туһуттан мораторий биллэриллэн, бөх массыынатын ыйааһына ирдэнэр кээмэйтэн 10 %-ынан тахсара көҥүллэннэ.

Социальнай ыстандаарт

АПК эйгэтигэр дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбаларыы, кэпэрэтииптэри өйүүр ырычааҕы тупсарар үлэ тэтимэ мөлтөөбөт. Бу хайысханан сокуоннарга уларытыылары киллэрэр оробуочай хамыыһыйаны салайабын, сыллата бааһынай хаһаайыстыбалар уонна кэпэрэтииптэр сийиэстэрин ыытабыт.

Биир боччумнаах ситиһиинэн Бэрэсидьиэн Владимир Путин бааһынай хаһаайыстыбалар бородууксуйаларын батарыыны өйүүр, ол иһигэр, батарыы саҥа ырычаахтарын тобулар кииннэри (агроагрегатордары) тэрийэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта буолла! Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бу хамсаһынтан туора турбат – ааспыт сылларга «Чурапчы» кэпэрэтииби салайбыт Андрей Ноговицын улуустардаҕы астыыр кэпэрэтииптэри түмэн, бастакы таһымнаах агроагрегаторы тэрийэн эрэр.

Тыа сирин кэлим сайдыытын бырагырааматыгар быйыл 75 млрд солк. көрүллүбүтэ, 2025 сылга 115 млрд. былааннанна. Тыа сиригэр оскуолалары, балыыһалары тутабыт эрээри, ханнык ирдэбилинэн салайтарары билбэппит.

Дойду үрдүнэн 155 тыһыынча дэриэбинэ, ол иһигэр сүүһү кыайбат киһилээх 80 тыһыынча дэриэбинэ баар. Тыа сиригэр 36,6 мөл киһи олорор, бу нэһилиэнньэ 25 %-а. Дэриэбинэлэр сайдыыларын таһыма тус-туһунан эрээри, ханна да ыччат олохсуйбат, үлэһит илии тиийбэт кыһалҕата баар. Ити иһин, тыа сирин алын социальнай ыстандаартын олохтоон, олох-дьаһах туругун, инники сайдар кэскилин онон быһаарар ирдэнэр. Саас Валентина Матвиенко мунньаҕар бу боппуруоһу хамсатар быһаарыы ылыллыбыта, онон күһүн кэмитиэккэ биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрин ыҥыран, кэпсэтии тэрийэн, тыа сирин социальнай ыстандаартарын тобуларга көҕүлээһини оҥорбутум. Бу хас да сыллаах үлэ.

Хайата ордугуй: талар биитэр аныыр?

Сыллааҕы үлэтин туһунан кэпсээн баран, сенатор ыйытыыларга хоруйдаата. Суруналыыстар бары да Арассыыйа Федерациятын субъектарыгар аһаҕас (публичнай) былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан, норуокка судургутук этиллэринэн, КлиКра сокуонун туһунан истиэхтэрин баҕарар эбиттэр.

Егор Афанасьевич икки үйэ алтыһар кирбиитигэр олохтоох салайыныы тиһигэ икки таһымынан киллэриллэригэр нэһилиэнньэ бастаан эмиэ олус долгуйбутун, ситэ өйдөөбөтөҕүн санатта. Аһаҕас былаас туһунан сокуон барыла Арассыыйа Федерациятын 2020 с. ылыллыбыт Төрүт сокуонугар олоҕуран оҥоһуллубутун, ол чэрчитинэн, былаас уорганнара биир тиһиккэ киирэн, көдьүүстээхтик үлэлииллэригэр туһаайылларын туһунан сиһилии быһаарда. Бастакы ааҕыы кэнниттэн сокуон барылыгар 3000 этии киирэн, 300 көннөрүү оҥоһуллубут. Иккис ыйытыы дьаһалта баһылыгын талар ордугун дуу, аныыр үчүгэйин дуу ырытарга туһаайылынна.

– Биһиги ардыгар төрдүн-төбөтүн быһаара барбакка, үрдүттэн саба быраҕан: «Оннук үһү», -- дии-дии айдаарарбытын сөбүлүүбүт. Дьаһалта баһылыгын талыыга бары хайысханан, сокуон, экэниэмикэ уонна бэлиитикэ өттүнэн ыараҥнатар ордук. Холобур, Дьокуускай куорат баһылыгын талар буолуох. Дьэ манна бастатан туран, баһылыгы туохха анаан уонна хайдах киһини талар сыалбытын-сорукпутун дьэҥкэтик билиэхтээхпит. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын баһылыгынан муниципалитет сайдыытын быһаарар кыахтаах, идэтийбит исписэлиис, үп-харчы уонна экэниэмикэ боппуруостарын билэр, үчүгэй хаһаайыстыбанньык буолуохтаах. Талыы ырычааҕын туһунан эттэххэ, үгүстэр быыбары нэһилиэнньэ санаатын көрдөрөр саамай демократичнай ньыма быһыытынан саныыллар. Дьиҥинэн ыллахха, оннук буолбатах. Ааспыт быыбарга куорат уопсай быыбардааччытын 48 %-а кыттыбыта, кинилэр кыра аҥаардара эрэ билиҥҥи баһылык туһатыгар куоластаабыта. Оччотугар баһылыгы быыбардааччы 20 %-а эрэ талбыт буолбаат? Ону бүттүүн нэһилиэнньэ баҕата диир сөп дуо? Быыбардар маннык ыытыллар буоланнар, улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктарынан бэлэмэ, уопута суох, түбэһиэх дьон талыллан хаалаллара мэлдьэһиллибэт. Онон дьаһалта баһылыктарынан тустаах муниципалитет уратытын өйдүүр, экэниэмикэ уонна үлэни-хамнаһы тэрийии эридьиэстэрин үчүгэйдик билэр идэтийбит менеджердэри талар ордук көдьүстээҕин өйдүүргэ уолдьаста. Дьэ ити иһин, Арассыыйаҕа федеральнай, эрэгийиэннээҕи уонна олохтоох былаас уорганнара биир тиһиккэ киирэллэрин быһыытынан, дьаһалта баһылыктарын күөн күрэс түмүгүнэн талыы бэрээдэгин уларытар ирдэннэ, – диэтэ Егор Афанасьевич.

БЕА_-_3.jpeg

Хаартыскаҕа Денис Попов (Сахамедиа) түһэриитэ

  • 2
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04