Кэнсиэри Лена Лукина-Омоллоон кыыһа иилээн-саҕалаан ыытта. Кэнсиэр саҕаланыытыгар нэһилиэк баһылыга Иван Зыков үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн туран, улуус баһылыгын Дмитрий Тихонов, улуус дьокутааттарын сэбиэтин, култуура отделын ааттарыттан грамоталары, махтал суруктару туттарда. Ансаамбыл салайааччытыгар Прасковья Давыдоваҕа өрөспүүбүлүкэ баянистарын, аккордионистарын ааттарыттан анал бэлэх туттарылынна, махтал этилиннэ. Ол кэнниттэн нэһилиэк тэрилтэлэрин, түмсүүлэрин салайааччылара талааннаах ырыаһыт дьонноругар дириҥ махталларын эттилэр, бэлэхтэрин туттардылар.
Үйэ чиэппэрэ! Эттэххэ дөбөҥ. 25 сыл устата өрөбүл, киэһэ диэн аахсыбакка эрэпэтииссийэ, кэнсиэр... Биирдэ киҥир-хаҥыр саҥарсыыта суох, өрүү үөрэ-көтө, кэлэктииби биир айар санааҕа киллэрэн илдьэ сылдьыы – салайааччы сатабыла, муудараһа. Прасковья Давыдова уһуйааҥҥа үлэлиир, айылҕаттан талааннаах музыкальнай салайааччы.
-- Бастаан уон икки буолан мустан, «Сандаара» ырыа ансаамбылын тэрийбиппит. Ыллыыр тональностарын куоластарынан туруоран, бастакы-иккис-үһүс-төрдүс куоластарга араартаан, араас ырыалары ыллаан эрчиллэрбит. Кыргыттарбар ырыаны таптыылларыгар, муусукаҕа сүгүрүйэллэригэр, тулуурдаахтык дьарыктаналларын иһин махтанабын. Хас биирдиилэрэ ыал ийэлэрэ, эбээлэрэ ээ... уонна ырыаны таптаан, ыытыллар тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттан кэллибит. Патриотическай, лирическэй ырыалары, норуот ырыаларын толоробут, сыллата репертуарбытын саҥа ырыаларынан киэргэтэбит, -- диир ансаамбыл салайааччыта.
Ансаамбылга айылҕаттан талааннаахтар элбэхтэр. Үбүлүөйдээх кэнсиэркэ олохтоох балыыһа үлэһитэ Надежда Иванова бэйэтэ айбыт «Хаар» диэн ырыатын толорбутун көрөөччүлэр долгуйа, астына иһиттилэр. Саргылаана Константинова, Елена Лукина хоһооннорун кинигэ оҥорон таһаарбыттара, олор эмиэ ырыа буолан дайалларын кэтэһэбит.
Ансаамбыл кыттыылаахтара: Мария Терентьева -- учуутал, Саргылаана Константинова – балыыһа үлэһитэ, Мотрена Афанасьева – биэнсийэҕэ олорор, урут уһуйаан салайааччыта, Акулина Федорова – медсиэстэрэ, Екатерина Дмитриева – Дириц ТХПК салайааччыта, Римма Афанасьева -- пиэнсийэҕэ олорор, урут уһуйаан иитээччитэ, Валентина Куприянова – оҕо уһуйаанын иитээччитэ, Валентина Иванова - пиэнсийэҕэ олорор, урут алын кылаас учуутала, Евдокия Федорова -- пиэнсийэҕэ олорор, Надежда Иванова – балыыһа сопхуоһа, медсиэстэрэ. Бары араас саастаах, араас идэлээх Далбар хотуттар, норуоттан тахсыбыт дьоннор. Кинилэри барыларын ырыаҕа таптал холбооттуур. 25 сыл устата нэһилиэккэ, улууска буолар кэнсиэртэри, ыһыахтары, култуура эстэпиэтэлэрин, уо.д.а. тэрээһиннэри ырыанан киэргэтэн кэллилэр. Нэһилиэнньэ кинилэр ыллыылларын олус астынар, таптыыр, кэтэһэр. Мин бэйэм тус баҕа санаам, бу ансаамбылга, үйэ чиэппэрэ үлэлээн кэлбит кэлэктиипкэ, норуот ансаамбылын аатын иҥэрэри ситиһиэххэ диэн. Онно туох ирдэнэрин толоруохха. Талааннаах, өссө да ыллыыр кыахтаах ансаамбылга сайдар кыаҕы оҥоруохха наада.
Зинаида Игнатьева, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0