Устудьуон уонна үөрэнээччи уолаттар уйаннарын-хатаннарын көрдөрөр маннык көрүҥнэргэ күөн көрүстүлэр: хапсаҕай, «үс төгүл үс», мас тардыһыыта, тааһы көтөҕүү, «өһөс торбос».
Сытыы киирсии түмүгэр көрүҥнэринэн кыайыылаахтар тахсан кэллилэр:

Хапсаҕайга: 1 миэстэ – Алексеев Саша, 2 миэстэ – Оленов Эрнест, 3 миэстэ – Слепцов Вася.

«Өһөс торбоско»: 1 миэстэ – Слепцов Вася, 2 миэстэ – Афонскай Түмэн, 3 миэстэ – Оконешников Саша.
«Үс төгүл үскэ»: 1 миэстэ – Собакин Виталий, 2 миэстэ – Оленов Эрнест, 3 миэстэ – Шадрин Александр.
Тааһы көтөҕүүгэ : 1 миэстэ – Слепцов Вася, 2 миэстэ – Степанов Айаал, 3 миэстэ – Оконешников Саша.
Мас тардыһыытыгар: 1 миэстэ – Слепцов Вася, 2 миэстэ – Громов Трофим, 3 миэстэ – Долгов Илья.

Бары көрүҥ түмүгүнэн муҥутуур чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктүлэр:
1 миэстэ – Слепцов Вася (МОГР-22) үһүс куурус устудьуона.
2 миэстэ – Алексеев Саша (Пож-22) үһүс куурус устудьуона.
3 миэстэ – Степанов Айаал (МОГР24) бастакы куурус устудьуона.
Маны таһынан, Винокуров Вадим (10 кыл.) «Кыайыыга дьулуурун иһин», Винокуров Ньургун (8 кыл.) «Саамай эдэр кыттааччы» анал ааттарынан бэлиэтэннилэр. Бары кыайыылаахтарга дипломнары уонна анал бириистэри туттардылар.
Бу курдук, сылбырҕа, бэйэни кыанар буоларга уһуйар араас күрэхтэр тиһигин быспакка ыытыллаллара олус туһалаах, кэскиллээх!

-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
