Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -15 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

«Ил Түмэн» хаһыакка 2025 сыл икки аҥаарыгар  сурутуу муус устар 1 күнүттэн саҕаланна

«Ил Түмэн» хаһыакка 2025 сыл икки аҥаарыгар  сурутуу муус устар 1 күнүттэн саҕаланна

Биһиги саайпытыгар норуот дьокутаата, Ил Түмэн аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин чилиэнэ Сергей Сивцев  «Хаһыакка сурутуҥ – олоҕу кытары тэҥҥэ хаамсыҥ» диэн ыҥырыыта муус устар 11 күнүгэр тахсыбыта.  

Бу ыҥырыыны бастакынан Томпо улууһунааҕы дьокутааттар Сэбиэттэрин чилиэнэ Галина Канашова өйөөн, «Ил Түмэн» хаһыакка онлайн киэбинэн бэйэтигэр итиэннэ  Кыайыы 80 сылынан, киин куоракка олорор үс бэтэрээҥҥэ суруттарда.               

-- «Ил Түмэн» хаһыат баай ис хоһоонноох, парламент үлэтин-хамнаһын киэҥник сырдатар, саҥа тахсар сокуоннары быһаарар, дьону-сэргэни долгутар ыйытыыларга норуот дьокутааттарын, толоруулаах былаас уонна быраап уорганын  бэрэстэбиитэллэрин хоруйдарын таһаарар. Мин бу хаһыаты сөбүлээн ааҕабын, үлэбэр мэлдьи туһанабын. Хаһыакка сурутуу муус устар 1 күнүттэн саҕаламмыт, онуоха дьиэҕэ олорон, куйаар куодунан киирэн, онлайн сурутар  олус табыгастаах эбит.  Билигин уоппускабар куоракка кэлэ сылдьабын, сотору дойдулуубун, тиийэммин бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбин, улуус дьокутааттарын хаһыакка онлайн киэбинэн сурутарга үөрэтиэҕим,  -- диэн санаатын үллэһиннэ Галина Канашова.  

подп_-_1.jpg

https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%90508

  • 13
  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0