Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Сунтаардааҕы «Харысхал» түмсүү Анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга көмөнү тэрийэр, хахха буолар сиэккэлэри өрөр.

Сунтаардааҕы «Харысхал» түмсүү Анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга көмөнү тэрийэр, хахха буолар сиэккэлэри өрөр.

Бэҕэһээ түмсүү кыттыылаахтара биэс баһыылканы оҥорон, ыытарга бэлэмнээтилэр. Онно 30 устуука малы-салы хаалыыр мөһөөччүк, 45 устуука госпитальга кэтэр халаат, 27 устуука футболка, 50 устуука мэдиссиинэ халаата, 145 устуука кармашек уонна 77 устуука ис таҥас бааллар.

Бу баһыылкалары Сунтаартан Мииринэйгэ диэри айанныыр таксистар босхо илдьэн, «Мы — вместе!» диэн түмсүүгэ туттараллар. Ону «АЛРОСА» хампаанньа сөмөлүөттэрэ тиэрдэллэр.

Бу курдук Кыайыы туһугар бары кыһаллабыт.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21