Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин атырдьах ыйын 12 күнүгэр быйылгы 2025 сылга уонна былааннанар 2026-2027 сылларга кэккэ эрэгийиэннэргэ хомунаалынай инфраструктураны тутууга уонна саҥардан оҥорууга 5 млрд солкуобайы көрөр туһунан дьаһалга илии баттаата.

Харчы көрүллэр 16 эрэгийиэнин иһигэр Адыгея, Мордовия, Татарстан уонна Саха өрөспүүбүлүкэлэрэ, Белгород, Владимир уонна Челябинскай уобаластар, Алтай уонна Пермь кыраайдара киллэриллибиттэр. Федерация бүддьүөтүттэн көрүллүбүт үпкэ тирэҕирэн, кинилэр олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба сүрүн эбийиэктэрин, ол иһигэр, сылааһы итиэннэ итии-тымныы ууну хааччыйар ситимнэри уо.д.а. оҥоруохтара, тутуохтара, хапытаалынайдык өрөмүөннүөхтэрэ.
Субсидия «Олорорго аналлаах инфраструктура» диэн саҥа национальнай бырайыак иһигэр киирэр «Хомунаалынай инфраструктураны саҥардыы» диэн федеральнай бырайыак чэрчитинэн көрүллүөҕэ. Холобур, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кэлэр икки сылга 759,6 (2026 с. – 417,1 итиэннэ 2027 с. – 342,4) мөлүйүөн солкуобай харчы тыырыллыахтаах эбит. Бу туһунан Ил Түмэн саайта иһитиннэрэр.

Хаартыска: Мария Васильева (ЯСИА).

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21