Парламентарий анал суругар суотабай сибээс оператордара коронавирус дьаҥа турбутун уонна ыраахтан олорон үөрэтии саҕаламмытын күүскэ туһанан нэһилиэнньэттэн элбэх барыһы эрэ ылар сыаллаах үлэлии олороллорун туһунан этиллэр. Тустаах баартыйа бэрэссэдээтэлэ «Суотабай сибээс сүрүн оператордарын тарыыптарын үрдэтиилэригэр бэрэбиэркэни ыытан уонна сокуон өттүнэн сыыһалаах-халтылаах буоллахтарына, сөптөөх миэрэни ыларгытыгар», -- диэн анал суругар ыйыллыбыт.
«Мобильнай интэриниэт нэһилиэнньэҕэ социальнай өҥө быһыытынан билиниллэр. Онон судаарыстыба суотабай сибээс тарыыбын өрүү болҕомтоҕо ылан бэрэбиэркэлиэхтээх уонна үрдэтии таһаарыллыбыт буоллаҕына, оннун булларыахтаах», -- диэн бэлиитик санаатын үллэстэр. Бу иннинэ Сергей Миронов суотабай сибээс оператордара коронавирус дьаҥын туһанан мобильнай интэриниэт өҥөтүн үрдэтэ уонна лимиитэ суох тарыыбы суох оҥоро сатыылларын туһунан кытаанахтык кириитикэлээбитэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0