Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -25 oC

Нерюнгри куорат почтата аныгылыы тииптэннэ. Ол курдук, Нерюнгритааҕы почтамт саҥардыллан, үгүс өҥөлөрө автоматизированнай буоллулар. Билиҥҥитэ маннык тииптээх почта Саха сиригэр суос соҕотох.

Нерюнгри куорат почтата аныгылыы тииптэннэ. Ол курдук, Нерюнгритааҕы почтамт саҥардыллан, үгүс өҥөлөрө автоматизированнай буоллулар. Билиҥҥитэ маннык тииптээх почта Саха сиригэр суос соҕотох.

Саҥардыллыбыт почта үлэтин саҕалыыр үөрүүлээх түгэнигэр “Ар” Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Петр Птицын тиийэн кыттыыны ылла, үлэһиттэри эҕэрдэлээтэ. Бүгүҥҥү почта үлэтин сүрүн соругунан – табыгастаах уонна элбэх көрүҥнээх өҥөлөрү оҥоруу буолар.

Билигин Нерюнгри почтата аныгылыы тииптээх үлэлиир кыахтанна. Ол эбэтэр, почтаҕа үгүс өҥө автоматизированнай буолла. Ол курдук, Арассыыйаҕа оҥоһуллубут бырагыраамалар уонна саҥа аппарааттар турдулар. Холобур, электроннай уочарат киирдэ. Онон почта салалтата хас биирдии оператор үлэтин хонтуруоллуур, үлэтин көдьүүһүн көрөр кыахтанна. Аны туран, почтальоннар үлэлэрин усулуобуйата тубуста. Хас биирдии почтальон таҥас ыйыыр анал ыскааптаах уонна үлэлиир остуоллаах буолла. Күнүн аайы үлэлэрин кэннэ сынньанар хостоннулар. Ону таһынан, “Арассыыйа почтата” анал сыһыарыылаах уонна кассалаах смартфон ыллылар. Ону туһанан почта килийиэннэрэ почтальон көмөтүнэн ДьУоХХ, суотабай сибээс, нолуок, госпошлина уонна ГИБДД ыстырааптарын төлүөхтэрин сөп. Маннык өҥөну ордук аҕа саастаах дьон биһирээтилэр. Ол курдук, почтаҕа эрийэн “мобильнай почтальону” ыҥыраллар уонна араас өҥөлөрүнэн дьиэттэн тахсыбакка эрэ туһаналлар. Бу хамсык кэмигэр олус туһалаах өҥө.

Саҥардыллыбыт почта бастакы килийиэннэрэ аныгылыы көрүҥнээх киэҥ саала баар буолбутун бэлиэтээтилэр. Почта иэнэ –  516 кв.м. Бу дьиэҕэ 25 киһи үлэлиир.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Цифровизация

Телеграммы из прошлого

«Состоялось еще одно знаковое событие, которое меня искренне тронуло. Гость нашего форума…
13.11.24 09:29