Улуус биэс нэһилиэгин: Байаҕантай, Мэҥэ Алдан, Ыҥаа, Саһыл уонна Охотскай Перевоз олохтоохторо ынах сүөһүнү иитэллэр. Саамай элбэх сүөһү Байаҕантайга баар. Манна кыстыгы 1706 ынах сүөһү, ол иһигэр 521 ыанар ынах уонна тиҥэһэ, туораата, 394 ньирэй ылылынна.
Быйыл улуус 600 туонна үүтү туттарар былааннаах. Ол иһигэр, Байаҕантай нэһилиэгин Кириэс Халдьаайы сэлиэнньэтин «Бигэ» бааһынай хаһаайыстыба (салайааччы Виктор Харлампьев) 205, Трофим Охлопков хаһаайыстыбата 175, «Хаадьыма» бааһынай хаһаайыстыба (салайааччы Николай Тополин) 11 туоннаны, Арыы-Толоон сэлиэнньэтигэр «Силээн» бааһынай хаһаайыстыба (салайааччы Сергей Атаков) 60 туоннаны, Ударник олохтооҕо Айаал Кузьмин 15 туонна үүтү туттарар соруктаахтар.
Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр 393 ынах сүөһү, ол иһигэр 119 ыанар ынах уонна тиҥэһэ күөххэ үктэннэ. 105 ньирэй төрөөтө. «Чэчир» бааһынай хаһаайыстыба 125 туонна үүтү туттарарга былаанныыр.
Ыҥаа нэһилиэгэр 178 ынах сүөһү, ол иһигэр 67 ыанар ынах уонна 21 ньирэй баар. Д. Охлопков бааһынай хаһаайыстыбата 8,6 туонна үүтү туттарар былааннаах.
Билигин элбэх сүөүлээх бааһынай хаһаайыстыбалар сайылыкка тахтан эрэллэр. Күөххэ үктэммит сүөһүлэр сотору кэминэн төлөһүйүөхтэрэ, ынахтар үүттэрэ эбиллиэ, хойдуо. Онон кэлэр күһүҥҥэ дылы хаһаайыстыбалар былааннарын толорорго эрэллээхтэр.
Хаартыска: Евдокия Неустроева.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0



