Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Олохтоох бириэмэнэн лоп курдук 20:00 чааска куоластааһын түмүктэннэ, быыбардыыр учаастактар сабылыннылар.

Олохтоох бириэмэнэн лоп курдук 20:00 чааска куоластааһын түмүктэннэ, быыбардыыр учаастактар сабылыннылар.

Быыбар бастаан хотугулуу-илин сытар алта улууска: Абыйга, Аллайыахаҕа, Аллараа Халымаҕа, Муомаҕа, Орто Халымаҕа уонна Үөһээ Халымаҕа түмүктэнэн, быыбар сокуонун быһыытынан, быыбардыыр учаастактар чилиэннэрэ куолаһы ааҕыыны саҕалаабыттара.
Онтон атын улуустарга уонна Дьокуускай куоракка Дьокуускай бириэмэтинэн 20:00 чааска куоластааһын түмүктэннэ. Хамыыһыйа чилиэннэрэ куолаһы ааҕыыны саҕалаатылар. Ону хандьыдааттар, баартыйалар итиэннэ Уопсастыбаннай балаата туруорбут кэтээн көрөөччүлэрэ көрөллөр-истэллэр.
Куоластааһын барыллаан түмүгэ балаҕан ыйын 21 күнүгэр иһитиннэриллиэҕэ диэн Киин быыбардыыр хамыыһыйа МАХ ханаалга суруйда. 

Хаартыскаҕа: Сунтаар улууһун Арыылааҕар игирэ Артем уонна Максим Васильевтар аан бастаан куоластаатылар. Киин быыбардыыр хамыыһыйа МАХ ханаалыттан.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21