Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Амма бибилэтиэкэтигэр ыҥырыаны иитии туһунан киэҥ кэпсэтии тэрилиннэ. Соторутааҕыта Амматааҕы киин бибилэтиэкэҕэ "Ыҥырыаны иитии кистэлэҥнэрэ" диэн бэрт интэриэһинэй төгүрүк остуол буолан ааста.

Амма бибилэтиэкэтигэр ыҥырыаны иитии туһунан киэҥ кэпсэтии тэрилиннэ. Соторутааҕыта Амматааҕы киин бибилэтиэкэҕэ "Ыҥырыаны иитии кистэлэҥнэрэ" диэн бэрт интэриэһинэй төгүрүк остуол буолан ааста.

Араас суортаах сибэккилэринэн, ньуолар-солко отунан  симэммит көнө, унаар хочолордоох, айылҕа анаан айбыт алаастардаах Аммаҕа кэлиҥҥи сылларга ыҥырыаны иитиинэн, мүөтү оҥоруунан дьоһуннаахтык ылсан дьарыктанар дьон элбээн иһэллэр. Онно бу барыстаах уонна кэскиллээх дьыаланан ылсан үлэлиир Амма энтузиастара үтүө холобурунан буолаллар.

03 copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy

Ол курдук,  практика уонна теория бииргэ холбоммут тэрээһинин Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога Марфа Дмитриева салайан ыытта. Кинини кытта биллиилээх урбаанньыт, Амма улууһугар хаһыс да сылын тигээйи иитээччилэрин үөрэтээччи,  Амма улууһугар куратор Марат Залялов кыттыыны ылла уонна үлэтин уопутун кэпсээтэ, сүбэлэри биэрдэ.

05 copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy

. Марат Залялов бу салааҕа уопуттаах киһи буоларынан кини Амма усулуобуйатыгар тигээйини иитии курдук курдук олус ымпыктаах-чымпыктаах дьарыкка хайдах гынан ыҥырыалары кыстатары, таөһырдьа таһаарары, сайын мүөтү оҥорууну көрдөрдө, кэпсээтэ. Кини ордук мүөтү хайдах гынан харайары, батарары, атыылыыры билиһиннэрбитин сэҥээрдилэр. 

Оттон олохтоох ыҥырыа иитээччилэрин салайааччыта Эльвира Пестерева билигин бу салааҕа туох хамсааһын, саҥа сүүрээннэр туһунан бэртээхэй иһитиннэриини оҥордо. Эльвира Васильевна ыҥырыаттан аҥардас мүөтү эрэ буолбакка, доруобуйаҕа туттарга атын араас туһалаах бородууксуйаны, маастары ылыахха сөбүн туһунан кэпсээтэ, олус наадалаах сүбэлэри биэрдэ. Кини 20-тэн тахса араас көрүҥ оҥорбут бородууксуйатыттан атыыга таһаарда.   

04 copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy

Ыҥырыаны иитиигэ интэриэстээх дьон бу тэрээһиҥҥэ кинигэ, хаһыат ыстатыйаларын, сарсыҥҥылаах салааҕа туттуллар маллар, инструменнар быыстапкаларын сэҥээрдилэр.

06 copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy

Бу көрсүһүүгэ Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Саргылаана Борисова, Амма улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай зоотехнига А. А. Фомин кытыннылар, инники үлэ былаанын торумнастылар.

01 copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy

Елизавета СИДОРОВА, Амматааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытары үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ.

Хаартыскалар ааптар тиксэриитинэн

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0