Сөбүгэр тыаллаах, Аартыка оройуоннарыгар арҕааттан тыалырыа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 17 -22 м түргэннээх тыаллаах буолуо, силлиэриэ.
Салгын температурата түүнүн -23-28°С, халлаан халыннаҕына -28-33°С, Өймөкөөн, Томпо, Кэбээйи оройуоннарыгар сорох сиринэн -33-38°С, хотугулуу-арҕаа, Халыма, соҕуруулуу-арҕаа -15-20°С, күнүһүн -16-21°С, хаар түстэҕинэ -10-15°С, Аартыка кытылынан -5-10°С. буолар.
Дьокуускайга кыратык хаардыыр, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 1-5 м түргэннээх тыаллаах буолуо.
Салгын температурата күнүһүн -16-18°С буолар.
Хаартыска Гигачат Оҥоһуу өйүнэн таҥылынна.
-
1
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0















