Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Сиринээҕи метеокиин иһитиннэрэринэн, бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар кыратык хаардыыр. Соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу уонна киин улуустарга сорох сиринэн хаар түһүөҕэ.

Саха Сиринээҕи метеокиин иһитиннэрэринэн, бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар кыратык хаардыыр. Соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу уонна киин улуустарга сорох сиринэн хаар түһүөҕэ.

Сөбүгэр соҕус тыаллаах, арҕаа улуустарга тыал сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээх буолуо, тибиилээх. Аартыка кытылыгар сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээхтик тыалырыа, буурҕарыа.

Салгын температурата түүнүн -28…-33°С, хотугулуу-илиҥҥэ -34…-39°С, Өймөкөөҥҥө -40…-45° С буолар. Арҕаа -18…-23°, соҕуруулуу-арҕаа -5…-10°С, күнүһүн -27…-32°, хотугулуу-илин хайалаах сиргэ -33…-38°, арҕаа -13…-18°, соҕуруулуу-арҕаа улуустарга -2…-7°С буолара күүтүллэр.

Дьокуускай куоракка кыралаан хаардыыр, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-7 түргэннээхтик тыалырар. Салгын температурата түүнүн -29…-31°, күнүһүн -25…-27° буолар.

Хаартыска Гигачат Оҥоһуу өйүнэн таҥылынна.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0