Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25


        Ил Түмэн хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Конституцияҕа уларытыылар  чаастарынан Саха Сирин, Арассыыйа сирин-уотун көмүскүүрүн бэлиэтээн туран,   болҕомтотун ордук хотугу сир олохтоохторун интэриэстэрин көмүскэлигэр ананарын бэлиэтиир. 


        Ил Түмэн хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Конституцияҕа уларытыылар  чаастарынан Саха Сирин, Арассыыйа сирин-уотун көмүскүүрүн бэлиэтээн туран,   болҕомтотун ордук хотугу сир олохтоохторун интэриэстэрин көмүскэлигэр ананарын бэлиэтиир. 



--  Хотугу сирбит-уоппут устуоруйаҕа киирбитинэн, олоҕурбутунан  бу биһиги өрөспүүбүлүкэбит уратытынан буолар. Лаптевтар муораларын арҕаа өттө Севернай Земля архипелагтан саҕаланар уонна илин өттүгэр Новосибирскай арыыларынан бүтэр. Бу муора кыттыытыгар Тиксии турар.  Салгыы Илиҥҥи Сибиир муората салҕанан барар, манна Аллараа Халыма оройуонун сиригэр-уотугар “Медвежьи острова” нассынаалынай заповедник баар.

Өрөспүүбүлүкэ Төрүт сокуона 1992 сыллаахха ылыныллыбыта.  Олох ирдэбилинэн кэмиттэн кэмигэр уларытыылары киллэрии парламент үлэтэ.  Онон бу көрүллэр уларытыылар  өбүгэлэрбит үйэлэри уҥуордаан харыстаан, көмүскээн аҕалан биһиэхэ  туттарбыт  төрүт  сирбитин-уоппутун көмүскээһиҥҥэ уонна юридическай өттүнэн чопчуламмыт бырааппытын олохтуур.                   

Бу  нуорма биһиги быраап өттүнэн көмүскэнэр  куйахпытынан буолуохтаах.  Онно биһиги хотугу тыйыс айылҕаҕа олорорбут быһыытынан федеральнай былааһы кытта экологияны харыстааһын, ирбэт тоҥҥо тутуу нуормаларын, быраабылаларын тутуһуу, бырамыысыланнас үлэтин хонтуруоллааһын курдук тыын боппуруостарга бэйэбит бырааппытын көмүскүүрбүтүгэр көмөлөһүөҕэ.  Ил Түмэн билигин бу  сокуон бырайыагын оҥоруута, үлэлээһинэ биһиги Аартыка бэйэтэ ураты сокуонунан олорорун өйдөөһүммүтүттэн, ылыныыбытыттан үөскээн тахсар.

Бу көннөрүүлэр Төрүт сокуоҥҥа киирдэхтэринэ, 4 улахан хайысханан үлэлэлээн кэлбит сыһыан быраабылата уларыйыаҕа: 1. Уопсастыбаннай истиилэр ылыммыт быһаарыылара инвестордарга юридическай күүстээх эбээһинэс буолуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ сокуон хараҕынан ирдэбил түһэриэн сөп, вето туруорар бырааптанар. 2. Көннөрүүлэр Төрүт сокуон өрөспүүбүлүкэҕэ федеральнай сокуоннааҕар ордук кытаанах ирдэбиллээх экологическай сокуоннары ылынар быраабы биэрэр. 3. Экологияҕа хоромньу таһаарыллар түбэлтэтэ, өрөспүүбүлүкэҕэ хоромньуну оҥорууга тэҥнэнэр, толуйууну ылыыга ирдэбили түһэрэрэ быраап үөскүүр. Онон эппиэтинэс уонна  толуйуу боппуруоһа хонтуруолга ылыллыахтаах. 4.  Сир баайын хостооччулар айылҕаҕа ньиэп, убаҕас оттук тохтуутун суох гыныыга,  ыраастааһыны  ыытарга  анал пуонданы олохтуулларын ситиһиэхпитин сөп. Өрөспүүбүлүкэ онуоха ирдэбил ыытар бырааптанар, -- диэн норуот дьокутаата Төрүт сокуон биэрэр бырааптарын сөптөөхтүк өйдөөн,  толору туһанар кэммит кэлбитин, биисинэһи кытта аһыннарыынан буолбакка, сокуонунан үлэлиир наадатын ыйар.

 

Алексей МАТВЕЕВ 

Хаартыскаҕа  Василий Кононов  түһэриитэ.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0