Үөрүүлээхтик аһыллыыта
Бырааһынньыктыы киэргэтиллибит, көрөөччүлэринэн туолбут “Триумф” успуорт уораҕайа дьон үөрүүлээх кэпсэтиилэринэн өрө ньиргийэн олорор. Саамай үөрүүлээҕэ диэн оҕолор, ыччаттар, аҕам саастаахтар хото кэлбиттэрэ. Ыытааччылар Сардаана Федорова, Алексей Константинов, омук тылын тылбаасчыттара Дария Иванова (Обулахова), Айсен Прокопьев, модератор Петр Говоров арылхай, чуор куоластара сырдыкка, үрдүккэ угуйдулар. Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Саха нассынаалынай оркестрын салайааччыта уонна дирижера Николай Петров салалтатынан үөрүүлээх дьаһал сүрүн түгэннэрин доҕуһуоллаата. Саха эстрадатын үҥкүүһүттэрин, ырыаһыттарын уонна Саха цииркэтин тэйиэккэлэс артыыстарын толоруулара сүрэхтэри долгута сөхтөрдө. Араас өҥнөөх уоттарынан күлүмнүүр-чаҕылыҥныыр уот-күөс, кэпсии-ипсии турар улахан экраннар түһүлгэни тупсардылар, киэргэттилэр. Иккис этээс көрүдүөрүгэр буфеттар үлэлээтилэр. Илэ-чахчы успорт сүдү бырааһынньыга буолла.
Иһирдьэ, күөн-күрэс түрбүөннээх түһүлгэтигэр киирээти кытта Д.П. Коркин уонна чыпчаалы дабайбыт, саха норуотугар дьолу-соргуну аҕалбыт албан аатырбыт олимпиец-уолаттара Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов күлүмнүүр-чаҕылыҥныыр дьоһун мэтириэттэрэ харахха быраҕыллаллар.
СӨ Бырабыыталастыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков, Арассыыйа көҥүл тустууга бас-көс тириэньэрэ Хаджимурад Гацалов, Ил Түмэн дьокутаата, Олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин, Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера Александр Иванов киин түһүлгэҕэ тахсан турдулар, бар-дьоҥҥо туһаайан эҕэрдэлэрин анаатылар.
Кирилл Бычков улуу тириэньэр Д.П. Коркин 1950-60 сыллардаахха тустуу сиэксийэтин үлэлэппитин, успуортоскуоланы тэрийэн, ССРС, Европа, аан дойду, Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрин, призердарын, элбэх норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэр кыайыылаахтарын иитэн таһаартаабытын, тыйыс айылҕалаах хоту сиртэн, Чурапчы курдук тыа сирин кыра бөһүөлэгиттэн аан дойду үрдэллэригэр тиийиэххэ сөбүн бүтүн киһи аймахха итэҕэппитин, устуоруйа ити түгэниттэн ыла саха тустуута күн бүгүнүгэр диэри аар-саарга аатыра, киэҥник биллэ турарын, үтүө үгэстэр салҕана туралларын, онуоха, Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов номоххо сылдьар бөҕөстөр буолалларын, саха тустуутун аан дойдуга аатырдыбыттарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Д.П. Коркин норуоттар икки ардыларынааҕы турнира олимпийскай таһымҥа тэҥнээх улахан дьаһал буоларын, турнир тэрийээччилэригэр, СӨ Тустууга федерациятын бэрэсидьиэн, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаевка, Федерация вице-бэрэсидьиэнэ, аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Виктор Николаевич Лебедевкэ махталын биллэрдэ. Турнирга кыттыыны ыла кэлбит ыалдьыттарга эҕэрдэтин тиэртэ.
Салгыы Кирилл Бычков СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан физическэй култуураны уонна успуорду, чөл олоҕу пропагандалааһыҥҥа уонна сайыннарыыга киллэрбит уһулуччулаах кылаатын, итиэннэ, утумнаах уопсастыбаннай үлэтин иһин, “2026 с. физическэй култуура уонна успуорт эйгэтигэр Д.П. Коркин аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин уонна лауреатын” дастабырыанньатын уонна түөскэ анньыллар бэлиэни СӨ Успуорка албан аатын түмэлин дириэктэрэ, көҥүл тустууга ССРС успуордун маастара, СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Михаил Егорович Друзьяновка, итини сэргэ, 1976 с. Монреаль Олимпиадатыттан кыһыл уонна үрүҥ көмүс мэтээллэри аҕалбыт П.П. Пинигиҥҥэ, А.Н. Ивановка, Р.М. Дмитриев кэргэнигэр Антонина Софроновнаҕа 500-түү тыһ. солкуобайдаах сэртэпикээттэри туттартаабыта дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Олимпийскай чөмпүйүөн, Арассыыйа көҥүл тустууга бас-көс тириэньэрэ Хаджимурад Гацалов бэйэтин эҕэрдэтигэр, Коркин турнира үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбытыгар махтанна, ситиһиилэри баҕарда
Олимпийскай чөмпүйүөн, норуот дьокутаата Павел Пинигин элбэх күрэхтэһиигэ сылдьыбытын тухары Коркин турнирын курдук үрдүк тэрээһиннээх турниры билэ-көрө илигин бэлиэтээтэ уонна бу сылга тиксибит үөрүүлэрин кытта үллэһиннэ. Ол курдук, “Нөмүгү” килиэбин собуотун салайааччыта Вячеслав Нестеров сылгы үөрүн бэлэхтээбитин, Канаада Монреаль куоратыгар ыытан, 50 сыллааҕыта тустубут, сылдьыбыт сирдэринэн, дьэ, наҕылыччы көрөр кыаҕы үөскэппитин, Виктор Лебедев АХШ Лас-Вегас куоратыгар ыччаттарга аан дойду чөмпүйэнээтигэр командировкалаабытын, “Прогресс” тутуу тэрилтэтин салайааччыта, хаан быраата Алексей Пинигин мэлдьитин өйүүрүн, биир дойдулаахтара чурапчылар үс убаһа бэлэхтээбиттэрин, Тываттан кэлэ сылдьар доҕоругар, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастах успуорт маастара, успорка миниистирдээбит, норуот дьокутаата Радислав Наважапка дойдутугар ыҥыран сырытыннарбытын, Агинскай-Бурятскай уокурук бэрэсидьиэнэ, Азия чөмпүйүөнэ, успуорт үтүөлээх маастара Жамсо Лхамажапов ыҥыран ыалдьыттаппыттарын, ыраас хааннаах “Формигал” диэн сүүрүүк аты бэлэхтээбиттэрин туһунан махтанан туран кэпсээтэ.
Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера, ССРС успуордун үтүөлээх маастара Александр Иванов Д.П. Коркин уонна Р.М. Дмитриев сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн биир мүнүүтэ сүһүөххэ турарга көрдөстө.
Хапсыһыылар
Икки күн устата үс көбүөрүнэн сытыы бырахсыылардаах хапсыһыылар, олор истэригэр, ыйааһыннар аайы сахалар бааллара, болҕомто киинигэр турдулар. Элбэхтэн элбэх, аҕыйахтан аҕыйах оҕунна. Туоратыһан-туоратыһан, бастыҥнар финалга тиийдилэр.
57 кг биһиги тарбахха баттанар күүстээх бөҕөстөрбүт, аан дойду уонна Европа призера 33 саастаах Арыйаан Тютрин уонна Коркин турнирын икки төгүллээх кыайыылааҕа, эдэрдэргэ Европа чөмпүйүөнэ, Арассыыйа призера, 23 саастаах Лев Павлов иэмэх талахтыы эрийсибиттэригэр, баай уопуттаах Арыйаан Тютрин 6:4 баһыйда. Тываттан Аяндай Ондар, Кежик Седен үһүс буоллулар.
61 кг Акито Мукаида (Япония) бастакы, Баир Баяндуев (Бурятия) иккис, Яков Павлов (Саха Сирэ), Бато Сультимов (Бурятия) үһүс миэстэлэннилэр.
65 кг Чаян Монгуш (Иркутскай уобалас), Кежик Монгуш (Иркутскай уобалас), Владимир Кривошапкин (Саха Сирэ), Юлиан Григорьев (Саха), туһааннааҕынан, бастакы, иккис, үһүс буоллулар.
70 кг Игорь Матвеев (Саха), Константин Топшиноев (Иркутскай), Алик Хадарцев (Московскай уобалас), Алибек Осмонов (Кыргызстан) туһааннааҕынан бастакы, иккис, үһүс буоллулар.
74 кг Анзор Закуев (Крым), Владимир Бояновскай (Саха Сирэ), Резуан Кажаров (Адыгея), Алексей Вензель (Саха); 79 кг Никита Сучков (Красноярскай), Дмитрий Куприн (Красноярскай), Ахмед Магомедов (Македония) Дмитрий Будажапов (Иркутскай); 86 кг Артур Найфонов (Ханты-Мансийскай), Азрет Улимбашев (Красноярскай), Буянто Шадапов (Бурятия), Баир Бурцев (Саха Сирэ); 92 кг Азамат Хадзарагов (Запорожскай уобалас), Азамат Закуев (Крым), Никита Софронов (Саха Сирэ), Абубакр Абакаров (Азербайджан); 97 кг Бады-Маадыр Самдан (Тыва), Юрий Иванов (Иркутскай уобалас), Константин Пшеничников (Кемеровскай уобалас), Александр Гуштын (Белорусь) туһааннааҕынан бастакы, иккис, үһүс, төрдүс буоллулар.
125 кг Мухамад Гантемиров (Азербайджан), Никита Хабаров (Саха Сирэ), Остап Пасенок (Кемеровскай уобалас), Харысхан Баппаҕай (Хотугу Осетия – Саха Сирэ) бастакы, иккис, үһүс миэстэлэннилэр. Туһааннааҕынан, 300-200-100 тыһ. Солкуобайынан, өйдөбүнньүк мэтээллэринэн биһирэннилэр. Уолаттарбыт 11 мэтээллэннилэр, о.и. икки кыһыл көмүс, икки үрүҥ көмүс, сэттэ боруонса. Тустуулаахпытын итэҕэттибит.
Турнир сүрүн бирииһэ – "үрүҥ көмүс борцовка” Токиотааҕы Олимпийскай оонньуулар боруонса уонна аан дойду боруонса призера, Европа үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Артур Найфоновка туттарылынна.
Арыйаан Тютрин, турнир кыһыл көмүс хаһаайына (Уус Алдан):
--Турнир этэҥҥэ ааста. Көрөөччү элбэҕиттэн астынным. Беларусь сүүмэрдэммит хамаандатыгар бигэтик сылдьабын. Сыл устата Ярыгин, Медведь, Саркисян турнирдарын, Европа чөмпүйэнээтин мэтээллэрин ылаттаабытым. Алталыы ый буола-буола дойдубар кэлэн сынньанан, бултаан-алтаан, күүс-уох ылынан барабын. Айылҕаҕа сылдьарбын, бултуурбун сөбүлүүбүн, төрүттэрим үгэстэрин тутуһабын. Лев Павловтыын бииргэ эрчиллэбит. Тыҥааһаннаах финал буолара биллэрэ, оннук да буолла. Ярыгины көтүтэрим буолуо. Беларусь чөмпүйэнээтигэр, рейтинговай турнирдарга кыттыахтаахпын.
Владимир Бояновскай, үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситиспит (Чурапчы үнүстүүтэ):
--Хоттордум, туох да диэбэппин. Өссө күүстээх үлэ күүтэр. Санныбын эчэппитим балтараа сыл буолла, эпэрээссийэм үчүгэйдик оһо илик. Закуевы оҕо эрдэхпиттэн билэбин, үчүгэй уол. Тустуу табыллардаах-табыллыбаттаах. Кыайыам дии саныыбын. Кими баҕарар кытта киирсиэххэ сөп. Толлубаппын. Чурапчы успуортоскуолатыгар Иннокентий Семенович Посельскайга эрчиллибитим. Билигин Артур Константинович Константиновка дьарыктанабын. Коркин турнирын үрдэлигэр турар баҕа санаа уруккаттан баара. Былырыын төрдүс буолбутум, быйыл иккис буоллум. Онон эбиллии баар.
Никита Хабаров, саамай ыарахан ыйааһыннаахтарга үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына (Муома):
--Дьиҥинэн, бастыахпын баҕарбытым. Өр бэлэмнэммитим. Турнирга бэйэлэрин кыахтарыгар эрэнэр, күүстээхтэр уолаттар кэлэллэр. Мөлтөхпүн дэнэр тустуук суоҕа буолуо. Күүс өттүнэн үлэ наада. “Триумфка” дьарыктанабын. Мин ыйааһыммар уолаттар бааллар. Бу турнирга утарсааччыларым хайдах тусталларын көрбөтүм. Ханна ыыталларынан баран кыттааччыбын. Уопут ылар наада. Билигин А.Крылов турнирыгар кыттыам. Ярыгиҥҥа путевка баар буоллаҕына, кыттыам. Тириэньэрдэрим тугу дииллэринэн. Күн аайы дьарыктанабыт, көтүппэппин. Инникитин тустар санаа баар. Дойдубун ахтабын, сылдьыбатаҕым сылтан орто. Ситиһиибин ыстаада табаһыта убайбар Юрий Слепцовка аныыбын, миэхэ ыалдьар, наар сибээскэ баар. Тустууну көрүҥ, сэргээҥ, уолаттары өйөөҥ, барыта табыллыа.
Михаил Пахомов, СӨ Сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмниир киин дириэктэрэ:
--Коркин турнирын тустууну таптыыр көрөөччүлэрбитигэр, спортсменнарбытыгар, ыалдьыттарбытыгар анаан тэрийдибит, оҥордубут. Кыһалла сатаатыбыт. Көрөөччү элбэҕэ үөртэ. Үчүгэйдик ааста дииллэр. Бөҕөстөрбүт 10 ыйааһыҥҥа барытыгар туһуннулар. Левтээх Арыйаан киирсиилэрэ кэтэһиилээх буолла. Баай уопут кыайда. Лев инникитин өссө күүскэ дьарыктанан, Арыйаантан реванш ыларга дьулуһуохтаах. Биһиги сүрүн сорукпутунан саха уолаттара аан дойдуну, олимпиаданы кыайалларын ситиһии буолар. Ол иһин үчүгэй хапсыһыы буолла дии санаатым. Үчүгэйдик кииристилэр. Игорь Матвеев, Никита Хабаров бэркэ туһуннулар. Билигин Ярыгин турнирыгар бэлэмнэнии саҕаланар. Красноярскайга эрдэ сбордарга ыыталыахпыт. Сорохтор манна хаалан дьиэлэригэр-уоттарыгар дьарыктаныахтара. Успуорду көрүҥ, таптааҥ, саха тустуута инникилээх буоллун, инники сырыттын диэн баҕа санаалаахпын. Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов курдук олимпийскай чөмпүйүөннэр Сахабыт Сиригэр баар буолалларыгар баҕарабын.
Баһылай Посельскай. Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0





