2021 сылтан биэнсийэҕэ барарга үлэ ыстааһын сүтэрэр куттал суох буолар. Ол курдук, үлэһит Биэнсийэ пуондатыгар сайабылыанньа суруйдаҕына, үлэтин туһунан иһитиннэриилэри бүтүннүү электроннай үлэ киниискэтигэр көһөрөллөр. Оччоҕо биэнсийэҕэ барыы саҕана киһи үлэтин туһунан дааннайа Биэнсийэ пуондатыгар номнуо баар буолар. Урукку өттүгэр дьон кумааҕы киниискэлэрин сүтэрэн эбэтэр ыстаастарын туһунан сурук оҥорторбокко, барытын саҥаттан оҥорторон эрэйдэнэллэрэ.
РФ Бырабыыталыстыбата үлэ сыһыаннаһыыларыгар сыыппаралааһыны киллэрэргэ үлэлэһэр. Ол курдук, биэнсийэ булгуччу страховкатын туһунан сокуоҥҥа “тус учуот” (индивидуальный учёт) диэн өйдөбүл киириэҕэ. Ити сокуон үлэҕэ киирдэҕинэ, госуслуги портал нөҥүө үлэ ыстааһын туһунан сибидиэнньэлэри ылар кыах үөскүөҕэ.
2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр ыйдааҕы биэнсийэлэрэ 6,3 % үрдүөҕэ. Инньэ гынан, биэнсийэ орто кээмэйэ 17 444 солк. тэҥнэһиэҕэ.
Олунньу 1 күнүттэн бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр уонна инбэлииттэригэр эбии ыйдааҕы төлөбүрдэрэ үрдүөҕэ. Ол гынан баран, кээмэйэ сыана үрдээһинин индексэтиттэн тутулуктаах буолуоҕа. Билиҥҥитэ ити индекс – 3,8 % тэҥнэһэр.
Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэлэр үрдүөхтэрэ. Маннык биэнсийэ страховой биэнсийэни ыларга бааллара уонна ыстаастара тиийбэтэх дьоҥҥо ананар. Социальнай биэнсийэ сыллата үрдүүр. Онтуҥ кээмэйэ биэнсийэлээх тиийинэн олоруутун алын кээмэйин индексэтиттэн тутулуктаах. Билигин ити индекс – 2,6 % тэҥнэһэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0