Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 3 oC

2019 сыл ахсынньы ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн, 2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна төрүт омуктарын тылларын көмүскүүр уонна сайыннарар тус сыаллаах бырагыраама ылыллыбыта.

2019 сыл ахсынньы ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн, 2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна төрүт омуктарын тылларын көмүскүүр уонна сайыннарар тус сыаллаах бырагыраама ылыллыбыта.

Ааспыт сылга бырагыраамаҕа 100 тыһ. солк., оттон 2020 сылга – эмиэ 100 тыһ. солк. көрүллүбүт. Бары да сэрэйбиккит курдук, итиччэ “сэмэй” суумаҕа күттүөннээх үлэ-хамнас барбата чуолкай. Онон, алтынньы 29 күнүгэр, видео-кэмпириэнсийэ көрүҥүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ тыл-өс сайдыытын кыһалҕаларыгар аналлаах “төгүрүк остуол” буолан ааста. Көрсүһүүнү СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, иһитиннэриилэри киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай дьыалаларга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Мария Христофорова уонна “Кыым” норуот хаһыатын эрэдээксийэтэ тэрийэн ыыттылар.

“Төгүрүк остуолга” Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутааттара, өрөспүүбүлүкэ толорор былааһын уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, тыл учуонайдара, култуура үлэһиттэрэ, о.д.а. судаарыстыбаннай уонна төрүт омуктар тылларын дьылҕаларыгар ыалдьар, долгуйар дьон кыттыыны ыллылар. Ол курдук, видео-кэмпириэнсийэҕэ уопсайа 70-ча киһи холбонно.

Кыһалҕаҕа киирдэххэ...

Бары билэрбит курдук, өрөспүүбүлүкэ икки судаарыстыбаннай тыллаах: нуучча уонна саха. Ону таһынан, хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар түөлбэлээн олорор сирдэригэр бэйэлэрин төрүт тыллара “официальнай” буолаллар. Холобур, саха тыла Арассыыйаҕа “кэбирэх” (уязвимый) тыллар ахсааннарыгар сылдьар. Ол аата кэмигэр бүөбэйдэммэтэҕинэ, сайыннарыллыбатаҕына, дьаалытынан сырыттаҕына, сүтэр кутталлаах тыллар ахсааннарыгар кыбыллыан сөп. Этэргэ дылы, мөлүйүөн аҥаарын кыайбат эрэ киһи туттар тыла буоллаҕа. Оттон хотугу тыллары (эбээн, эбэҥки, чукча, дьүкээгир, дулган тылларын) киһи этэ да барыллыбат. Балар бары сүтэр кутталлаахтар. Онон, “глобализация” кэмигэр, төрөөбүт тылга улахан болҕомто ууруллуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, Чингиз Айтматов эппитин курдук, “омук өлбөт-сүппэт үйэлэниитэ – тылыгар” (“Бессмертие народа – в его языке”) буоллаҕа.

2015 сыллаахха ЮНЕСКО тыл боппуруоһугар улахан чинчийиитин түмүктэрэ тахсыбыттара. Онно этиллэринэн, XXI үйэ бүтүүтэ сир үрдүгэр баар тыллартан 10 % эрэ хаалара билгэлэммит. Онон өрөспүүбүлүкэ салалтата кэмигэр тылга бэлиитикэтин күүһүрдэн, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна төрүт омуктарын тылларын үйэлэрин уһатыыга үлэлиир ытык иэстээх. Ол 10 % иһигэр хапсар курдук сыал-сорук туруохтаах.

Бастакы уопут

Урутаан эттэххэ, “төгүрүк остуол” кэмигэр элбэх боппуруос чопчуланна. Кыһалҕалары быһаарыыга элбэх санаа, тус көрүү киирдэ. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников кэлэр 2021 сылга уонна 2022-2023 сылларга тыл бырагырааматын үбүлээһинин боппуруостарын сиһилии чуолкайдаата. Атыннык эттэххэ, мөлүйүөннэр, дьэ, көрүллэн эрэллэр иһитиннэрдэ. Ол гынан баран, ол мөлүйүөннэри ханнык хайысхаларынан туһалаахтык ыытан, чахчы киһи астынар түмүктэрин ылыы – “төгүрүк остуол” сүрүн тиэмэтинэн буолла . Ол иһин, бастаан көрсүһүү кыттыылаахтарын санааларын истиэххэ. Кыһалҕаны быһаарыыны ким хайдах көрөр эбитий? Онтон бүтэһиккэ Сергей Васильевич  сыыппараларыгар төннүөхпүт.   

Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, иһитиннэриилэри киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай дьыалаларга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева тыл бырагырааматын устуоруйатыттан билиһиннэрдэ.

– 2005 сыллаахха Дьобуруопа Сэбиэтин иһинэн Норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ Арассыыйаҕа аан бастакытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт тылларын көмүскүүр уонна сайыннарар бырагыраама ылылларын ситиспиппит. Ити бырагыраама көмөтүнэн тыл бастакы үтүө түмүктээх чинчийиилэрэ саҕаламмыттара. Хаттаан бырагыраама 2012 сыллаахха бигэргэммитэ. Онон балачча өр кэм устата биир систиэмэлээх үлэ барбыта. Билигин ол курдук уопсай сыаллары-соруктары туруоруохтаахпыт, чопчу тэрээһиннэри былаанныахтаахпыт. Оччоҕо эрэ төрөөбүт тыллар кыһалҕаларын кыайыахпыт”,  – диэн Феодосия Васильевна бэлиэтээтэ.

5a1135bf b53c 4131 a7b0 7d956c8150d7

“Улуустарга тыл бэлиитикэтэ тутуһуллубат”

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын тыллар сайдыыларын боппуруостарыгар салалтатын салайааччыта Римма Жиркова дьылабыай докумуон оҥоһуутугар уонна документацияҕа үөскүүр кыһалҕалар тустыранан билиһиннэрдэ.

– Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар тыл бэлиитикэтэ мөлтөхтүк олоххо киирэрин туһунан бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бастатан туран, дьылабыай докумуоҥҥа саха тыла туттуллубатын кэриэтэ. Иккиһинэн, географическай эбийиэктэри ааттааһыҥҥа биир кэлим ирдэбил суох. Холобур, Уус Алдаҥҥа Бэйдиҥэ диэни сахалыы “Бэйдингэ” диэн суруйаллар. Курбуһах – “Курбусах” буолар. Үсүһүнэн, сахалыы топонимнары суруйууга биир шрифт туттуллубат. Холобур, Хоро диэн топонимҥа “Х” үрдүгэр өйдөммөт омук бэлиэтэ турар. Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сыыһа-халты топоним арааһа элбэх. Онон улуустарга дьылабыай докумуоҥҥа, топонимикаҕа судаарыстыбаннай тыллары сөпкө тутталларыгар сорудахтаатыбыт.

Уопсайынан, тыл бары эйгэҕэ сөпкө туттуллар эрэ буоллаҕына, былаһыанньата бөҕөргүүр. Онон инникитин тыл бырагырааматын иһинэн мультимедийнай уонна анимационнай бырайыактары, судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары билии таһымын үрдэтэр куурустары тэрийиигэ, уопсастыбаннай тырааныспарга сөптөөх иһитиннэриилэри оҥорууга, Илкэн портал сайдыытыгар болҕомто уурулларыгар баҕарабын, – диэн Римма Романовна санаатын эттэ.  

Маны таһынан Римма Романовна Дьокуускай мусуойдарыгар уонна тыйаатырдарыгар саха тыла дэҥ кэриэтэ туттулларын бэлиэтээтэ. Ону кытта СӨ Култууратын миниистирин I солбуйааччы Владислав Левочкин сөбүлэспэтэ.

– Мусуойдар уонна тыйаатырдар биир эрэ судаарыстыбаннай тылынан үлэлииллэр диэҥҥэ олох сөбүлэспэппин. Аҥаардас операны ылан көрдөххө, аан дойдуга суос соҕотох дьүкээгир тылынан суруллубут опера толоруллар. Оттон тыйаатырдар бары тыллары туһанан үлэлииллэр. Бэл диэтэр, драматическай испэктээктэри туруораллар. Мусуойдарга эмиэ төрүт омуктар тыллара атаҕастаммат, – диэн кини хоруйдаата.

“Бичиги” хаһааҥҥа диэри кыһарыйаллар?

 “Төгүрүк” остуол үлэтин кэмигэр “Бичик” кинигэ кыһатын кыһалҕата элбэхтик ахтылынна. Санатан эттэххэ, бөдөҥ кинигэ таһаарааччы үбүлээһинэ сыллата сарбыллан-сарбыллан, муҥур уһукка тиийэрэ эрэ хаалла. Оттон, бары билэрбит курдук, “кинигэ – билии-көрүү бараммат байҕала”. Онтубут, дьэ, уолар, куурар кутталлаах. Дьиҥинэн, сахалыы суругу-бичиги таба суруйуу, сөптөөхтүк өйдөөһүн кинигэттэн саҕаланара саарбахтаммат. 

Норуот дьокутаата Мария Христофорова: “Бичик” – барыбытыгар холобур, эталон. Кини бородууксуйата Татарстан, Башкортостан курдук баай өрөспүүбүлүкэлэр кинигэлэрин кыһаларын кытта тэҥҥэ куоталаһар. Ардыгар хаачыстыбатынан баһыйан даҕаны. Онон, билиҥҥи уустук кэмҥэ кинигэбит кыһатын өйөөтөхпүтүнэ табыллар”, – диэтэ.

Саха тылын сайыннарыыга тус көрүүлэрин кытта “Бичик” кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров маннык үллэһиннэ.

– Аныгы оҕо аахпат буолла. Ол оннугар элбэх бириэмэни төлөпүөҥҥэ атаарар. Онон электроннай уонна мультимедийнай кинигэлэр нөҥүө киирэн саха тылыгар уһуйар, үөрэтэр уолдьаста. Инньэ гынан, тыл бырагырааматыгар хайаан даҕаны ааҕыыга аналлаах аныгы технологиялары туһаныы эмиэ туспа пуунунан киириэхтээх.  

Иккиһинэн, аан дойду уонна нуучча классик суруйааччыларын саха тылыгар тылбаастааһыны сөргүтүөххэ наада. Билигин үп-харчы кырыымчык буолан, тылбаас үлэтэ олох мэлийдэ, тохтотулунна. Ити курдук, саха классиктарын хаттаан бэчээттээһин наада. Нэһилиэнньэ көрдөһөр, туруорсар. Ол гынан баран, үп-харчы мэлдьи көстүбэт. 2005 сылтан саха литэрэтиирэтин “Көмүс пуондатын” таһаара сатыыбыт. Барыта 126 туом былааннаммыта. Ол эрээри, 15 сыл устата баара-суоҕа 67 туомҥа нэһиилэ күн сирин көрдөрдүбүт. Онон, Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, ити баараҕай бырайыагы олоххо киллэриэххэ баара. 

Билигин “Бичик” кыһалҕата үгүс. Үбүлээһинэ сарбылла турар. Холобур, Башкирия “Китап” диэн судаарыстыбаннай кинигэ кыһатыгар сыллата 140 мөл. солк. көрүллэр. Биһиги буоллаҕына, 16 мөл. солк. сор муҥунан ылабыт. Ону да сылын аайы сарбыйан сордууллар. Билигин 2022 сылга диэри үбүлээһин барылыгар син баар курдук. Ол гынан баран, 2023 сылтан туох да биллибэт. Онон, 2023 сылга саатар 16 мөл. солк. хаалларалларыгар көрдөһөбүн, – диэн Август Васильевич кыһалҕаны аһаҕастык эттэ.

“Бичик” кинигэ кыһатын боппуруоһугар СӨ Бырабыытылыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников:

– Кыһалҕаны билэбин. Быйыл кинигэ кыһатын үбүлээһинэ сарбыллан, коронавируһу кытта охсуһууга барбыта. Ол гынан баран, 2021 сылтан үбүлээһинин оннугар түһэриигэ үлэлэһэ сылдьабыт, – диэн балаһыанньаны чуолкайдаата. 

Павел Ксенофонтов туруорсуулара

Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутаата Павел Ксенофонтов уот кырдьыгы аһаҕастык этэр идэлээх. Бу да сырыыга эрчимнээхтик туруоруста. Павел Валериевич санааларын кылгастык билиһиннэрдэххэ, субу курдук:

29790561 1cad 43dc 9944 45104bc3b854

– Бастатан туран, өскөтүн тыл боппуруоһугар судаарыстыбаннай бэлиитикэ барар буоллаҕына, бүддьүөккэ 50 мөл. солк итэҕэһэ суох суума сыллата хайаан даҕаны көрүллүөхтээх. Федеральнай үп-харчы кэлэрин-кэлбэтин күүппэккэ эрэ;

– Иккиһинэн, тыл бырагырааматын хас да министиэристибэ, биэдимэстибэ сүрүннүүр. Манна чопчу биир уорган ылыстаҕына эрэ көдьүүстээх буолуоҕа.  Онон СӨ тылга судаарыстыбаннай кэмитиэтэ тэриллэн хонтуруоллуон наада;

– Үсүһүнэн, оҕо эйгэтигэр сахалыы сурук-бичик аҕыйаҕа бэрт. Онон Үөрэх министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ сокуонун тутуһара уолдьаста. Бары үөрэх тэрилтэлэригэр суруктары, биллэриилэри, араас иһитиннэриилэри сахалыы тылынан эмиэ суруйдуннар. Оҕолорбут үөрэнэ сылдьан сахалыы тылы-өһү мэлдьи көрүөхтээхтэр;

– Төрдүһүнэн, Тырааныспар министиэристибэтэ суол бэлиэлэрин, топонимнары сөптөөхтүк суруйан хаттаан ыйаатын. Ол былаанын көрдөрдүн;

– Бэсиһинэн, “Кэлэр көлүөнэлэр пуондаларыгар” көрүллэр үп-харчы 10 %-на сыллата тыл бырагырааматыгар көрүллэрин ситиһиэхтээхпит;

– “Саха” НКИХ ханаалы мэлдьи көрөбүн. Хампаанньа үчүгэйдик үлэлиирэ мэлдьэһиллибэт. Ол эрээри, каадыр өттүгэр кыһалҕалардаах. Ыытааччылар олус олуонатык сахалыы саҥараллар. Онон хампаанньа үлэһиттэрин төрөөбүт тылларын-өстөрүн сайыннаралларыгар анал тэрээһиннэри, куурустары ыытыан наада;

– Култуура уонна духуобунас министиэристибэтэ духуобунаска туох үлэни-хамнаһы ыытара көстүбэт. Аҥаардас култууранан эрэ дьарыктанар. Онон духуобунас боппуруоһугар туспа мунньах наада.

“Саха” НКИХ көмүскэлгэ эрэйэр

“Саха” НКИХ саха уонна төрүт омуктар тыллара, култууралара киэҥ эйгэҕэ тарҕаналларыгар мэлдьэһиллибэт сүҥкэн оруоллаах. Ол гынан баран, хампаанньа күн бүгүнүгэр диэри сокуонунан бигэргэтиллибит статуһа суох. Биллэн турар, ити элбэх киһини долгутар боппуруос. Бу дьыала ис дьиҥин кытта “Саха” НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марков билиһиннэрдэ.

– Күн бүгүн хампаанньа аан дойду таһымыгар тахсар кыахтанна. Ол курдук, “Саха” НКИХ анал сыһыарыытын кылгас кэм иһигэр Арассыыйа таһыгар 8000 төгүл хачайдаатылар. Ити омук дойдуларыгар олорор сахалар өрөспүүбүлүкэ олоҕун төрөөбүт тылларынан сэҥээрэллэрин туоһулуур. Ол гынан баран, сахалыы тэлэбиидэнньэ сибилигин ханнык да өрөспүүбүлүкэ сокуонунан көмүскэлэ суох. Ити олус дьиксиннэрэр. Онон Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕа саха тэлэбиидэнньэтигэр уонна араадьыйатыгар омук дастайаанньата курдук дуу, саха тылын көмүскүүр тэрилтэ курдук дуу, халбаҥнаабат өйдөбүлү сокуонунан бигэргэтиэн, иҥэриэн наада. Оччоҕо эрэ үбүлээһин сарбыллар, о.д.а. күүтүллүбэтэх түгэннэр күөрэйдэхтэринэ, хампаанньа көмүскэллээх буолар чинчилээх, – диэн Олег Олегович олус суолталаах боппуруоска тохтоото.

Сүрүн көрдөрүүлэр

Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын вице-спикера Антонина Григорьева тыл бырагырааматын сүрүн көрдөрүүлэрин санатан тыл эттэ.

– Бырагыраамаҕа этиллэринэн, 2024 сылга төрөөбүт тылынан саҥарар өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун ахсаана 52 % тиийиэхтээх. Оттон саха уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан үөрэтэр оскуолалар ахсааннара 82 % диэри элбиэхтээх. Онон оскуолалар, уһуйааннар тиһиктэрин, анал учуобунньуктары уонна методическай матырыйааллары оҥорууну сайыннарыахтаахпыт. Билигин 15 туомнаах саха тылын быһаарыылаах тылдьыта оҥоһуллан таҕыста. Маны булгуччу сыыппаралыахха уонна тарҕатыахха баара. Биллэн турар, улахан болҕомто “Бичик” кинигэ кыһатыгар ууруллуохтаах. Итиэннэ хас биирдии улууска тылы сайыннарар анал бырагыраамалар оҥоһуллан үлэлиэхтээхтэр, – диэтэ Антонина Афанасьевна.

Кэрэхсэбиллээх уонна сиэрдээх санаалар

Уопсайа 3 чаас усталаах “төгүрүк остуол” үлэтин кэмигэр элбэх киһи тыл этэн, бүгүҥҥү күҥҥэ үөскээбит кыһалҕалары сөптөөхтүк ыйда. Онтон быһа тардан холобурдаатахха, Өлөөн улууһуттан мусуой үлэһитэ Анна Николаева холбонон, улуус уһуйааннарыгар эбэҥки тылыгар үөрэтэр босуобуйалар тиийбэттэрин эттэ. СӨ Национальнай оскуолаларын чинчийэр үнүстүүтүн генеральнай дириэктэрэ Светлана Семенова үнүстүүт юридическай сирэйэ Москваҕа көспүтүн, аата уларыйан – “Арассыыйа Федерациятын норуоттарын төрүт тылларын федеральнай үнүстүүтэ” буолбутун уонна кинилэр Дьокуускайга салаа эрэ быһыытынан үлэлии хаалбыттарын кэпсээтэ. Ил Түмэн ыччакка, физическай култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев төрөөбүт тылга уонна култуураҕа ытыктабыллаах сыһыан уһуйаантан уонна оскуолаттан саҕаланарын бэлиэтээтэ. Онон: “Учуобунньуктары оҥорууттан саҕалаан тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа, интэриниэккэ анал биэриилэри бэлэмнээһиҥҥэ тиийэ биир систиэмэлээх үлэ барыахтаах”, – диэн тоһоҕолоото. Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин тыл бырагырааматын үбүлээһинин сууматын саҥаттан көрүөххэ наада диэтэ. “Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлинэн бигэргэммит бэрээдэгинэн, дьокутааттар бүддьүөт ылыллыытын кэмигэр үбүлээһин боппуруоһун этии киллэрэн, саҥаттан көрөр бырааптаахтар”, – диэн санаатын үллэһиннэ. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугу норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дириэктэрэ Гаврил Торотоев Дьокуускай 8 уокуругун барытын сахалыы кылаастаах оскуолаларынан уонна уһуйааннарынан хааччыйар наадатын эттэ. Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үнүстүүтүн саха тылын салаатын үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата Егор Николаев тыл бырагырааматын иһинэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго “Сахамультильм” диэн сахалыы мультик оҥорууну сайыннарар алын бырагырааманы киллэриэххэ уонна оскуола оҕолоругар төрөөбүт тылга анаммыт бастыҥ чинчийиилэригэр Ил Дархан бирииһин эбэтэр стипендиятын олохтуохха диэн этии көтөхтө.

Ити курдук, тыл кыһалҕатын быһаарыыга олус кэрэхсэбиллээх уонна сиэрдээх санаалар этилиннилэр.

Хас мөлүйүөн көрүллүөй?

Дьэ, билигин СӨ Бырабыытылыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников иһитиннэрбит үбүлээһин сыыппараларыгар киирэбит.

69575cd0c2df45ca6f28806cc6abd6a9b9b34141

– Бастаан, ыам ыйыгар, судаарыстыбаннай уонна төрүт омуктар тылларын сайдыытын бырагырааматын кытта билсэн баран, кырдьыгынан эттэххэ, соһуйбутум. Бырагыраама тэрээһиннэрэ ыйыллыбыттар этэ, ол гынан баран, үбүлээһиннэрэ – “нуул”. Аан бастакытын итинник бырагырааманы кытта көрсүбүтүм. Онон атын национальнай эрэгийиэннэр уопуттарын үөрэттим. Холобур, Татарстан маннык бырагырааматыгар 2020 сылга 123 мөл. солк., Башкортостан – 734 мөл. солк, Бурятия – 35 мөл. солк, Тыва – 6 мөл. 900 тыһ. солк. көрбүттэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2019 сылга 100 тыһ. солк, 2020 сылга – 100 тыһ. солк. үбүлээбит. Онон СӨ Бырабыытылыстыбатын Бэрэссэдээтэлин э.т. Андрей Тарасенко уонна Ил Түмэн дьокутааттара кыттыылаах мунньах буолан ааспыта. Онно бары кэлэр сылтан бырагырааманы толору үбүлүүргэ диэн биир сүбэҕэ кэлбиппит. Инньэ гынан, эһиилги 2021 сыллаах бүддьүөт барылыгар 56 мөл. 600 тыһ. солк көрүлүннэ. Оттон 2022 сылга – 55 мөл. 800 тыһ. солк, 2023 сылга – 55 мөл. 800 тыһ. солк былааннаннылар, – диэн Сергей Васильевич иһитиннэрдэ.

Норуот дьокутаата Мария Христофорова ити харчы бырагыраама үс сүрүн хайысхатынан хайдах үллэриллибитин чуолкайдаста.

– “Судаарыстыбаннай тыллар оруолларын үрдэтиигэ” 4 мөл. 700 тыһ. солк көрүллүөҕэ. “Судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларынан үөрэх сайдыытыгар” үбүлээһин 90 % барара былааннанар, о.э. 48 мөл. 200 тыһ. солк. Оттон “судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллар туттуллар эйгэлэрин кэҥэтиигэ” 3 мөл. 700 тыһ. солк. ананыаҕа. Онон төрөөбүт тылынан үөрэҕи ыытар “дистанционнай” портал оҥоһуллуоҕа. Ол гынан баран, бүддьүөт ылыллыбытын кэннэ, көрүллүбүт үбү хаттаан көдьүүстээх хайысхаларынан аттарар мунньаҕы ыытыахха наада, – диэн Сергей Местников хоруйдаата.

Биир систиэмэлээх үлэ күүтэр

– Бүгүҥҥү этиилэри систиэмэлиир, сүүмэрдиир, сүрүннүүр үлэлиир бөлөх тэриллэрэ сиэрдээх. Бүддьүөт иккис истиитин иннинэ бырагыраамаҕа көрүллүбүт үбү хайысхаларынан уонна чопчу тэрээһиннэринэн үллэрэр наада. Үлэлиир бөлөҕү бастайааннай көрүҥүнэн тэрийиэххэ сөп. Судаарыстыбаннай бырагыраама олоххо киириитин мэлдьи хонтуруоллуур, кэтээн көрөр курдук үлэлиэхтээх. Оччоҕо эрэ үлэ-хамнас сүнньүн кэмигэр көннөрөр, сөптөөх хайысханан салайан биэрэр кыах үөскүөҕэ. Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ ийэ тыл туһугар дьиҥнээхтик ыалдьар уонна бэриниилээх дьон кытыннылар. Инньэ гынан киэҥ хабааннаах уонна дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтии таҕыста. Инникитин бырагыраама кумааҕыга эрэ хаалбакка, дьиҥ олоххо киирэн өрөспүүбүлүкэ тылларын сайдыытын акылаата буолуо диэн эрэнэбин, – диэн Мария Христофорова “төгүрүк остуолу” түмүктээтэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением