Исидор Никифорович Бараахабы доҕотторо М.Аммосов, С.Аржаков, С.Васильев, П.Ойуунускай даҕаны "старик" диэн бэйэ икки ардыгар таптаан ааттыыллар эбит. Ол кини сааһыттан буолбатах. Исидор Никифорович 1898 сыллаахха олунньу 12 күнүгэр төрөөбүтэ. Ойуунускай (1893 сыл, сэтинньи), 5 сыл курдук аҕа, Степан Васильев (1896 сыл ахсынньыга) 2 сыл курдук, Аммосов (1897 сыл ахсынньытыгар) 1 сылтан ордук аҕа этилэр эбээт. Оттон оҕо сааһыттан доҕоро Степан Аржаков (1899 сыл сэтинньитэ) киниттэн икки сылы арыый да кыайбат балыс этэ. Бараахабы кытары оҕо эрдэҕинэ бииргэ үөрэммит, оонньообут дьон ахтыыларыттан да көрдөххө, Исиидэр Үөһээ Бүлүүгэ оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан да мэник баҕайы, саҥарбыт-иҥэрбит оҕо буолбатах эбит. Биир эмит доҕордоох, саҥата-иҥэтэ суох, ойуччу соҕус туттар, дуоспуруннаах уол эбит. Оттон өрөспүүбүлүкэни салайан олорор кэмигэр дьон тойон диэн толлон, кабинетыгар киирэн баран, аан аттыгар тэпсэҥнии турдахтарына, утары туран кэлэн дорооболоһон, олоппос ылан аттытыгар олордон ыйыталаһан, кэпсэтэн барар эбит. Инньэ гынан ирэ-хоро кэпсэтэн, наадаларын бары этэн, ыйытан тахсаллар эбит. Ахтыбыт дьон бары Исидор Никифоровиһы бастаан көрдөххө нүһэр соҕус, саҥата-иҥэтэ суох курдук эрээри, кэпсэтэн бардаҕына сайаҕас майгылааҕын, олус болҕомтолоохтук истэрин, дьоҥҥо биир тэҥ сыһыаннааҕын бэлиэтииллэр.
Исидор Барахов туһунан төлөннөөх большевик Н.Н.Захаренко этэн турар: “В Якутской партийной организации он (Исидор Барахов) пользовался огромным и вполне заслуженным авторитетом. Я не смог бы назвать ни одного партийца тех времен, который не относился к нему с большим уважением. В равной степени это относилось и к беспартийным работникам, соприкасавшимся с ним. И это вполне понятно. Все хорошо знали его беззаветную преданность делу партии. Его необычайная скромность, объективность в больших и малых делах, уважительное отношение к каждому труженику, спокойный и уравновешенный характер, серьезность подхода к различным вопросам партийной работы были признаны всеми, с кем приходилось ему непосредственно общаться. И якутские коммунисты доверяли ему. Он был их полномочным представителем – делегатом X, XII и XV съездов партии, входил от Якутской партийной организации в Западно-Сибирский краевой комитет партии, а начиная с первого учредительного съезда Советов, много раз избирался в состав ЯЦИКа, ЦИКа СССР”
Барахов киһи быһыытынан эҥкилэ суох чиэһинэйин, наада буоллаҕына тыйыһын, баартыйа уонна революция дьыалатыгар бэриниилээҕин, норуотун туһугар олоҕун да толук уурарын кэрэйбэт халбаҥнаабат кытаанах майгылааҕын көрдөрбүт историческэй суолталаах түгэн, 1922 сыл кулун тутар 10-тан 11 түүнүгэр буолбут былаас уларыйыыта - переворот буолар. Мин ити биир түүннээҕи сабыытыйаҕа тохтуохпун баҕарабын. Ол тоҕо чуолаан ити түүҥҥэ диир буоллахха, ити саха норуотун дьылҕатын уларыппыт улахан историческэй суолталаах былаас уларыйыыта буолбут түүнэ этэ. Ону хомойуох иһин, ити түүннээҕи сабыытыйаны "Историяҕа оннук суох этэ! ", - диир, оннооҕор "Ити перевороту Бараахап оҥорботоҕо! Г.Ефимов Стродка "Дьэ кытаат!" диэн өй укпут, кини сүбэтинэн Стродтаах Широких-Полянскай былааһы уларыппыттарын курдук өйдүү сатыыр, Бараахап оруолун соруйан намтата сатыыр, олох да кыттыспатах оҥоро сатыыр дьон баара сөхтөрөр.
Ама да ааспытын иһин, 20-с сыллар хас саха дьылҕатыгар "Киһи буолар дуу, кии буолар дуу?" мөккүөрүн быһаарбыт сыллар. Чуолаан, былаас уларыйыыта норуоппут дьылҕатын быһаарбыта мэлдьэҕэ суох. Оччолорго Саха сирин салайан олорбут дьон, губбюро сэкирэтээрэ Г.И.Лебедев, ГПУ бэрэссэдээтэлэ А.В.Агеев, губревтрибунал бэрэссэдээтэлэ Козлов А.Г. этилэр. Бараахап ити кэмҥэ Бүлүү уеһын партийнай сэкирэтээринэн анаммыта. Ойуунускай ревком бэрэссэдээтэлинэн, П.И.Савлук сэбилэниилээх күүстэр командующайын эбээһинэһин толороро, оттон Аммосов Москваҕа саха норуотун бастакы бэрэстэбиитэлэ буолан олороро. Бу кэмнэргэ күүс өттүнэн кылааһынан араартыыр бэлиитикэ Саха сирин үрдүнэн партийнай-судаарыстыбаннай бэлиитикэҕэ кубулуйан, дьону кыыллаабыт, утарыта туруортаабыт кэмэ этэ. Бу кэмнэргэ дии, повстанецтар этэрээттэрэ хонон ааспыт ыалын "квартировали" диэн, ынахтарын, аттарын былдьаппыт ыалы "помогали продуктами" диэн буруйдаан, суута-сокуона суох дьону кэрдии, ытыалааһын. Муҥкук саха дьоно барахсаттар ол кэннэ "сэбиэскэй былаас, кыһыллар куһаҕаннар" диэн кыанар өттүлэрэ үрүҥнэргэ тыын тэскилэтэллэрэ ханна барыай! Куорат иһигэр "губподвал", "гублестница", "губшкаф" диэн дьону муҥнуур-сордуур тымныы, инчэҕэй оҥкучахтар оҥоһуллубуттар. Араас саагыбардары арыйбыта буола-буола дьону тутан хаайыы, пыткалааһыннар! Бу кэмнэргэ губбюроттан Лебедев сэкирэтээрэ Сиббюроҕа "Хамсааһын национальнай-норуодунай хайысханы ылла... саба баттыырга норуоту барытын кыргар эрэ кыах үөскээтэ" диэн тэлэгэрээмэ ыытар! Саха норуота сэбиэскэй былааһы бүттүүн утары турда диэн! Кыргарга көҥүл көрдүүллэр! Историяттан билэбит эбээт, оччолорго эмиэ биһи курдук кыра норуоту хакаастары төрдүттэн кыдыйбыттарын! Ити балаһыанньаны барытын билэ-көрө сылдьар Бараахап сахатан норуотун туһугар хайдах курдук аймаммытын кини ыстатыйаларыттан, үлэлэриттэн көрөбүт: "...началось нечто невообразимое и преступное. Массовые зарубывания шашками, бессистемные конфискации стали обычными явлениями" . Лебедев муҥур ыраахтааҕы курдук, талбытынан дьаһайа олорбута. Ол туһунан Бараахап: "Централизм достиг, таким образом, до полного единовластия секретаря Лебедева, еще тов. Агеева (предгубчека) и А.Козлова (предревтрибунала). Проявление какой бы то ни было инициативы со стороны партийных работников было сведено к нулю. Всякая попытка внутри партийной критики беспощадно преследовалось и рассматривалось чуть как не личное оскорбление Лебедева".
1922 сыл кулун тутар ыйа. Гражданскай сэрии урусхала, Автономияны туруорсуулар, кылааһынан арахсыы, повстанческай өрө туруулар, өлөрсүү, сүөһү-ас баранан, аччыктааһын... Аны былаас бэйэтинэн норуотун сойуолаһыыта! Сэбиэт былааһын утарсааччыларын саба баттыы кэлэн иһэр Каландаришвили этэрээтэ тоһуурга түбэһэн кыргыллыыта. Строд көмүү кэмигэр : "Бу саха үөрэхтээхтэрэ бандьыыттааһыны үөскэтэн биһиги дедушкабыт Каландаришвили көмүллэн эрэр. Онон биһиги, Каландаришвили этэрээттэрэ, эһигини даҕаны маннааҕар дириҥ иини хаһан бараммыт умса ууруохпут, дедушкабытын эһиги эккититтэн-хааҥҥытыттан хайаан даҕаны иэстэһиэхпит!" -- диэн хааннаах андаҕар тылларын ыһыктыбыта. Саха норуотун дьылҕата ыйааһыҥҥа ууруллубут ыар кэмнэрэ этилэр. (Бу күннэрдээҕи сабыытыйалар тустарынан сиһилии өрөспүүбүлүкэбит уонна КГБ архыыптарынан анаан хасыһан үөрэппит историческай наука дуоктара Е.Е.Алексеев "Исидор Никифорович Бараахов" диэн кинигэтигэр чуолкайдык суруйан турар). Каландаришвили этэрээтин политкөмөлөһөөччүтэ С.Широких-Полянскай Лебедевтээҕи кытары көрсөн кэпсэтэр. Ревком бэрэссэдээтэлин Ойуунускайы, бюро тэрийэр сэбиэдиссэйин Бараахабы, олохтоох кыһыл армеецтары кытары эмиэ кэпсэтэн балаһыанньаны үөрэтэр. Кини Лебедевтээххэ "Эһиги норуоту бэйэҕит утары туруорбуккут. Бэлиитикэ эйэлээхтик ыытыллыахтаах этэ" - диэбитин Лебедев өһүргэнэн "Эбэтэр биһиги, эбэтэр эһиги" диэн турбут. Широких-Полянскай Бараахабы кытары кэпсэтэригэр, Бараахап балаһыанньаны баарынан эппитэ чахчы. Ол да иһин бу киэҥ көҕүстээх, сүрдээх өйдөөх эдэр киһи Бараахаптыын тута өйдөһөн, биир санааҕа кэлэн, Лебедевтээх былааска олорбуттарынан хааллахтарына, балаһыанньа норуот туһугар ыарахан хайысхаланыаҕын өйдөөн, бу дьону былаастан устарга быһаарыныы ылыналлар. Манна көмө наадата биллэр: командующай Савлугу тылларыгар киллэрэллэр. Широких-Полянскай Строду тылыгар киллэрбит диир Е.Е.Алексеев. Ол өйдөнөр. "Бараахап уонна Строд бэйэ-бэйэлэрин билсибэт этилэр, уонна хайдах ити икки ардыгар биир тылы булуохтарай?" диэччилэр эмиэ бааллар. Ол эрээри Строд уонна Бараахап Иркутскай түрмэтигэр биир кэмҥэ хаайылла сылдьыбыттар. Нацархыыпка хараллан сытар докумуоннарга Строд Бараахапка суруйбут суруга баар. Ол сурукка Строд "Забудем Иркутск" диэбитэ баар. Ол тыллары Бараахап халлаан күөх харандааһынан аннынан тардыбыт уонна аллараа "Забудем" диэн суруйбута баар. Онон бэйэ-бэйэлэрин билсэр, ону ааһан Строд Бараахабы революция, баартыйа идиэйэлэригэр бэриниилээх большевик быһыытынан билэр, итэҕэйэр буолан, итиччэлээх хааннаах андаҕар биэрбит киһи санаата уларыйан Бараховтаах Широких-Полянскайы өйөөтөҕө. Дьиҥэр даҕаны, сахалары кырга кэлбит киһи этэ буоллаҕа. Оччолорго ол ханнык эрэ кыра норуот дьылҕатын туһугар санаатыгар оҕустарбатах, аһына оонньооботох киһи буолуохтаах. Строд Бараахабы дьиҥ чахчы билэр, итэҕэйэр буолан, Бараахап баар балаһыанньаны ыраастык арыйыыта ити переворот оҥоһулларыгар тиэрдибитэ чуолкай. Аны аныаха диэри ону мэлдьэһэ сатыыр, буолбуту "буолбатаҕа" диир чиэспитин сырдаппат ини. Ити күннэр тустарынан П.Ойуунускай суруйан хаалларбыт ахтыылара 1962 с. тахсыбыт сборнигар уонна 1993 с. тахсыбыт "Талыллыбыт айымньылар" диэн сборнигын иккис туомугар киирбиттэр. Лебедевтээх былаастан туоратыллыбыттар, Савлук бу дьону хаайар туһунан таһаарбыт бирикээһэ толоруллубут. "Историческэй суолталаах түгэн итинник барбыта. Манна, биллэн турар, уһулуччулаах оруолу И.Н.Бараахап ылбыта. Кини киһи быһыытынан тыйыһын, халбаҥнаабат кытаанах хараахтардааҕын, санаммыт дьыалата туругурарын туһугар, дьон-норуот иннигэр, төрөөбүт сахатын дьонун иһин өлөрүн да кэрэйбэтин көрдөрбүтэ. Кини суос соҕотоҕун революция романтическай дьоруойун Сергей Юльевич Широких-Полянскайы тылыгар киллэрэн норуотун быыһаабыта" - диэн суруйбута Е.Е.Алексеев. Маны таһынан И.Н.Бараахап аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлигэр хараллан сытар Нацархивтан ылыллыбыт докумуоннар куопуйалара ити буолбуту, ити күнү туоһулууллар. Арай ити переворот буолбатах буоллун? Арай кыргыы саҕаламмыт буоллун!? Саха сирин киин улуустарын эр дьоно, аҕаларбыт, эдэркээн уолаттарбыт бүтүннүү ойуурунан-тыанан өрө турааччылар этэрээттэрин саллааттара этилэр буолбаат? Кыргыллыах этилэр! Сахалар ахсааммыт билиҥҥибит саҕа буолуох этэ үһү дуо!? Ити кулун тутар 10-нун түүнэ. Биир түүн төһөлөөх элбэх дьон дьылҕатын быһаарбыта буолуой?! Ити түүнтэн сиэттэрэн саха норуотун быыһаабыт амнистия тахсыбыта буолбаат!? Ол амнистия буолан, дьоммут сааларын-саадахтарын ууран биэрэн, дьонноругар-сэргэлэригэр төннөн оттоон-мастаан, "һай-һат" түһэрэн, оҕо-уруу төрөтөн тэнийбиппит мэлдьэх буоллаҕай? Сэбиэскэй кэмҥэ "Биһиги бырааттаан сырыттахпытына.." -- диэн ахтар Чурапчы, Амма оҕонньотторо төһөлөөх элбэх ыччаты тэнитэн олохторун моҕоон орто дойдуттан арахсыбыттара буолуой? Сэбиэт былааһа туругуран, кэнэн, хамначчыт саха үрүҥ хараҕын өрө көрөн, үөрэхтэнэн, бэйэтин бэйэтэ бас билинэн, көҥүл тыыннаҕа.
Баар баарынан, буолбут буолбутунан, барыта бэйэтинэн ааттаныахтаах! Чахчы да үрүҥ хараҕын өрө көрбөтөх, хаһан да тото аһаабатах боростуой саха ахсаана, баай-тот, хамначчыттардаах сахалартан таһы быһа элбэх этэ буолбаат! Ол дьон эмиэ хайа муҥун батталга олоруон баҕарыай, кинилэр эмиэ үөрэхтэнэн, үлэлээн-хамсаан киһилии олороору, киһи буолаары былаас уларыйарын сөбүлэһэн, саа-саадах туппуттарын өйдөтө сатыыр наада буоллаҕай! Ити боростуой дьон автономия эрэ ыллахтарына туспа норуот быһыытынан сайдар, саха буолар кэскиллэниэхтээхтэрин өйдөөн биһи уолаттарбыт -- Аммосовтаах, Бараахаптаах, Ойуунускайдаах, Винокуровтаах, Аржаковтаах, Васильевтаах, Мегежекскэйдээх, Бояровтаах, Донскойдар уонна кинилэр доготторо турууластахтара дии. Оттон сэбиэт былааһын утарааччылар "саха автономияланын, сайыннын, хамначчыттаан бүттүн" диэн урүҥ хамсааһынын өйөөбүт, хааннарын тохпут үһүлэр дуо! Кинилэр кыра-хара норуоту баттаан олорбут ыраахтааҕылаах былааһы уонна бэйэлэрин баайдарын харысыһан саа-саадах туппуттара. Ол өйдөнөр: туһугар эмиэ бэйэлэрин былаастарын көмүскээтэхтэрэ, хайдах туран биэриэхтэрэй бэйэлэрин былаастарын, баайдарын! Ол эрээри, билигин этэллэрин курдук "саха норуотун кэскилин туһугар олохторун толук уурбут" дьон буолбатахтар.
Дьыл-күн ааһан истэҕин аайы бэлиитикэ эмиэ уларыйар, уруккуну-хойуккуну атын хараҕынан көрүү диэн эмиэ баар. Ааспыты анааран көрдөххө, ол сэбиэт былааһын туһугар охсуспут да, утаран охтубут, кыайтарбыт да төрүттэрэ, сыдьааннара буоллахпыт. Билигин аҥаардастыы сэбиэт былааһын олохтоспуттары эрэ ааттарын ааттааһын итэҕэс. Утарсааччылар кимнээх этилэрэй, туох идиэйэлээх-санаалаах этилэрэй диэн үөрэтэн, чинчийэн историяҕа бу дьон ааттара эмиэ киириэхтээх диэн бигэ санаа баар. Манан этиэхпин баҕарабын: сахалар эрээри, улуу дьоммут сырдык ааттарын киртитэн бүтүҥ. Олорбут олохторо дьэҥкэ, ыраас!
Светлана Копыленко, И.Н.Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын түмэлин сэбиэдиссэйэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0