СӨ салалтатыттан, суруналыыстары бэлэмниир үрдүк үөрэх кыһаларыттан салайааччылар, бэрэстэбиитэллэр, “Эҥсиэли”, “Саҥа олох”, “Дьааҥы аартыга”, “Мүрү саһарҕата”, “Сардаҥа” уо.д.а улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыттан эрэдээктэрдэр, СМИ үлэһиттэрэ кытыннылар. "Төгүрүк остуолга" бүгүҥҥү күҥҥэ быһаарыллыбакка турар, мөккүөрү таһаарар, аһаҕас кэпсэтиини эрэйэр боппуруостары таарыйдылар. “Земскэй суруналыыс” сокуон бырайыага хайдах үлэлээн эрэрий? Улуус хаһыаттарын бүгүҥҥү балаһыанньалара хайдаҕый? Каадырынан төһө хааччыллыылаахтарый? Суруналыыска салалта өттүттэн туох социальнай өйөбүл көрүллэрий? Суруналыыс көмүскэллээх дуо? РФ үлэҕэ кодексатын 144-с ыстатыйатыгар тирэҕирэн, СМИ бэрэстэбиитэллэрин култуура үлэһиттэрин эйгэтигэр киллэрэн туран, хамнастарын үрдэтии туһунан уо.д.а кэпсэттилэр.
Бу эйгэҕэ быһаччы сыһыаннаах дьон санааларын, көрүүлэрин аһаҕастык этиннилэр, тоҕоостоох этиилэри киирдилэр. Сиһилии «Ил Түмэн» хаһыат кэлэр нүөмэригэр билсэргитигэр сүбэлиибит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0