Сэттэ төгүл сыстыганнаах
SARS-CoV-2 вирус араас штамнарга мутациялыыр. Аан дойду үрдүнэн 7 көрүҥэ тарҕаммыта биллэр, холобур, ордук сэрэхтээхтэрэ британскай «Альфа», африканскай «Бета», индийскэй «Дельта», эдэр дьону сутуйар бразильскай «Гамма» уонна ордук элбэх мутациялаах «Омикрон» буолар.
Ботсванаҕа уонна Соҕуруу Африкаҕа аан бастаан былырыын 2021 с. сэтинньитигэр булуллубут коронавирус «Омикрон» көрүҥэ аҕыйах нэдиэлэ иһигэр аан дойду үрдүнэн киэҥник тарҕанна. Саҥа штамм төһө түргэнник тарҕанарын билэр сыалтан, Британия чинчийээччилэрэ ыарыы тарҕаныытын 121 ыалга кэтээн көрөннөр, үс төгүл бытовой инфекцияны үөскэтэрин уонна сэттэ төгүл сыстыганнааҕын дакаастаабыттар. Ыалдьааччы 100-тэн тахса киһини сутуйара биллэр.
Ыарытыйар киһи күөмэйэ, төбөтө ордук ыалдьар, тумуулуур, сөтөллөр, иһэ-куртаҕа муокастыыр, утуйар эрэсиимэ кэһиллэр уонна этэ-сиинэ дьаралыйар. Ол эрээри чуолкай ханнык штамм буоларын мэдиссиинэ лабораторията эрэ быһаарар кыахтаах.
Арассыыйаҕа үрдүкү салалта «омикрон» вирус көрүҥэ тарҕаныытын улаатара күүтүллэрин туһунан эрдэ сэрэппитэ. Маннык балаһыанньа атын дойдуларга үгүөрү – сууккаҕа ыарыыга сутуллубут дьон ахсаана уонунан, сорох сирдэргэ сүүһүнэн тыһыынчанан ааҕыллаллар. Дойду вице-премьерэ Татьяна Голикова: «Омикрон» бастакы охсуутун Москуба бэйэтигэр ылыныаҕа», – диэн иһитиннэрэн турардаах. Ол курдук, дойду киин куоратыгар сууккаҕа 16 тыһ. тахса киһи ыалдьар – бу пандемия саҕаланыаҕыттан саамай муҥутуур көрдөрүү. Коронавирус бу саҥа штамма дойду 67 эрэгийиэнигэр тарҕанна.
Сууккаҕа 1500-тэн тахса киһи сутуллар
Саха сиригэр «Омикрон» хантан кэлбитэй? «Тохсунньу 14 күнүгэр Саха Сиригэр «омикрон» штаммыгар сутуллуу бастакы түгэнэ бэлиэтэннэ», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев «телеграм» ханаалыгар иһитиннэрбитэ.
Тутатына СӨ коронавируһу бохсууга суһал ыстаабын мунньаҕа ыытыллыбыта. «Омикрон» штаммынан сутуллубут ыал Турцияттан сынньанан кэлбиттэрэ биллибитэ уонна кимнээҕи кытта алтыспыттара быһаарыллыбыта. Эпидемиологическай балаһыанньа уустугурбутунан, СӨ сүрүн санитарнай бырааһын этиитин учуоттаан туран, тохсунньу 21 күнүттэн Дьокуускай куоракка эбии хааччахтыыр миэрэлэр киирдилэр. Ол курдук, нэдиэлэ бастакы уонна иккис күннэригэр атыы-эргиэн, аралдьытар кииннэргэ, атыы-тутуу комплекстарыгар, ырыынактарга Дьокуускай куорат дьаһалтата бигэргэппит графигынан (50% — бэнидиэнньиккэ, 50% —оптуорунньукка) дезинфекциялар ыытыллыахтара. Оттон элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ салайар (управляющай) хампаанньалар уонна бас билээччилэр табаарыстыбалара нэдиэлэ ахсын дезинфекциялыахтара.
Дьокуускайга рестораннар, кафелар, остолобуойдар, буфеттар, бардар, аһыыр сирдэр, баҥкыаттыыр саалалар, о.д.а. уопсастыбаннай аһылыгы тэрийэр сирдэр 23:00 ч. диэри үлэлииллэр. Маны таһынан, фудкортар (бэлэмнэниллибит аһылыгы ылааччыга тиэрдиини, атыылаһыллыбыты тиэрдэн биэриини киллэрбэккэ туран), аттракционнар, ону сэргэ оҕолор оонньуур хосторо, оҕолору оонньотор-аралдьытар кииннэр үлэлэрэ тохтотулунна.
Өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус ыарыыга сутуллубут дьон ахсаана сууккаҕа 1900-һү куоһарда. Ордук элбэх Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Алдаҥҥа уонна Хаҥаласка бэлиэтэнэр.
Санаттахха, Саха Сиригэр «омикрон» штамма булуллубутунан, кулун тутар 1 күнүгэр диэри хааччахтыыр миэрэлэр уһаттыллыбыттара: ыраахтан олорон үөрэнэбит, үлэлиибит, мааскабытын кэтэбит, барыыны-кэлиини төһө кыалларынан аҕыйатабыт.
Итини таһынан үлэ биэрээччигэ хас биирдии гражданин отрицательнай ПЦР эбэтэр ИХА-тест түмүгүн, уоппускаттан эбэтэр өрөспүүбүлүкэ таһыгар, атын дойдуларга сынньанан кэлээччилэр, сынньаммыт хонугун ахсааныттан тутулуга суох, көрдөрөр эбээһинэстээхтэр. Дьокуускайга элбэх киһи ыалдьар, онон ыйыллыбыт миэрэлэри тутуһуохха. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҥа коронавируснай инфекцияны утары маассабай вакцинация уонна ревакцинация ыытыллар. Бастакы компонены 560 тыһ. тахса киһи ылбыт, 118 тыһ. киһи ревакцинацияны ааспыт – бу өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 78,48%-на.
Итии лииньийэ нүөмэрэ – 122
«Омикрон» коронавирус штаммын утары охсуһууга тохсунньу 22 күнүгэр дойду бырабыыталыстыбата ыытыллыахтаах үлэ хайысхаларын бигэргэппитэ.Туһааннаах докумуону коронавирус тарҕаныытын утары бохсор координационнай Сэбиэт киэҥ мунньаҕар дьүүллэстилэр. Бырабыыталыстыба баһылыга Михаил Мишустин эрэгийиэннэр салайааччыларыгар былааны толорууну тус бэйэ хонтуруолугар ыларга сорудахтаата. Доруобуйа харыстабылын эрэгийиэннээҕи биэдэмистибэлэригэр мэдиссиинискэй көмө хаачыстыбатын түмүгүн сыаналаан ырытарга уонна мэдиссиинэ тэрилтэлэрин кытта тустаах үлэни ыытарга сүбэлиир. Доруобуйа харыстабылын, итиэннэ инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар министиэристибэлэр суһал көмө биир кэлим сулууспатын оператордарын ахсаанын («122 итии лииньийэ») нуорматын оҥорон ыыталларыгар эттэ. Маны таһынан сall-кииннэр оператордарынан хааччыллыыларын бэрэбиэркэлииргэ Мишустин дьаһайда. Бу сыалга ый ахсын 300 мөл. солк. итэҕэһэ суох үп көрүллэрэ сабаҕаланар.
Саха Сиригэр сall-киин офиһа СӨ Уопсастыбаннай палаататын дьиэтигэр тэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын биэс бөдөҥ поликлиниката билигин «122 итии лииньийэҕэ» холбонно: Дьокуускай куорат 1-кы, 2-с, 3-с нүөмэрдээх поликлиникалара, Мэдиссиинэ национальнай киинэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3-с №-дээх клиническэй балыыһа.
Суһал нүөмэргэ күннэтэ (өрөбүлэ суох) сарсыарда 8.00 чаастан киэһэ 18.00 ч. диэри куорат олохтоохторуттан ортотунан 15 тыһ. звонок киирэр. Бу нэдиэлэттэн төгүрүк суукка эрэсиимигэр көстүлэр. Түүҥҥү кэмҥэ СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин «итии лииньийэтэ» үлэлиир.
Холобур, эрэгийиэннээҕи сall-кииннэр 2020 сылтан үлэлээбиттэрэ. Маннык кииннэр оператордара нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаан, поликлиникалар регистратураларын ноҕуруускаларын кыччатарга көмөлөһөллөр. Сall-киин үлэтигэр мэдиссиинэ наукатын дуоктардарын, ХИФУ бэрэпиэссэрдэрин, мэдиссиинискэй үрдүк үөрэх кыһаларын, кэллиэстэр устудьуоннарын кытыннараллар.
Волонтердар үлэлэрэ кэҥээтэ
#МЫВМЕСТЕ бырайыак иһинэн мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр уонна нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөр өрөспүүбүлүкэтээҕи волонтердар куорпустара тастан эмтэнээччилэргэ, доруобуйаларыгар хааччахтаах уонна 60-нарыттан үөһэ саастаах дьоҥҥо эмтэрин-томторун тиэрдэн биэрэр үлэлэрин күүһүртүлэр.
Маны таһынан волонтердар мэдиссиинэ тэрилтэлэрин сall –кииннэригэр үлэлиэхтэрэ. Хааччахтааһын кэмигэр иллэҥэ суох үлэлиир эмчиттэр, быраабы араҥаччылааччылар оҕолоро бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларыгар уһуйааччы-волонтер, аниматордар көмөлөһүөхтэрэ. СӨ социальнай-психологическай киинин кытары коронавирус кэнниттэн чөлгө түһүү, хааччахтанан олоруу кэмигэр уйулҕаны бөҕөргөтүү туһунан иһитиннэриилэри, сүбэлэри биэриэхтэрэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, #МыВместе диэн хардарыта көмөлөһүүгэ туһуламмыт Арассыыйатааҕы аахсыйа. Дойду 85 эрэгийиэнигэр 2020 сыл кулун тутар 16 күнүттэн ситимнээхтик ыытыллар.
Көмөҕө ыҥыраллар
Үрдүк уонна орто мэдиссиинэ үөрэхтээх уонна билигин идэтинэн үлэлээбэт исписэлиистэр суһал көмөнү оҥорууга баҕа өттүнэн кыттыһалларыгар биллэрилиннэ. Маннык ыҥырыыны нэдиэлэ бастакы күнүгэр брифиҥҥэ вице-премьер Ольга Балабкина иһитиннэрдэ:
– Бүгүн өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа харыстабылын бары тиһигэ уонна Роспотребнадзор үрдүк бэлэмнээх эрэсииминэн түүннэри-күнүстэри тохтоло суох үлэлииллэр. Мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр көмө наада. Чуолаан Владимир Чичигинаров уонна Любовь Явловская курдук быраас идэлээх норуот дьокутааттарын мэдиссиинэ бастакы сүһүөҕэр көмөлөһөллөрүгэр ыҥырабыт, — диэн эбэн эттэ.
Норуот дьокутаата Владимир Чичигинаров саҥа коронавируснай инфекцияны утары охсуһууга быһаччы кыттарын уонна «Быраастарга махтанабыт!» аахсыйа көхтөөх кыттыылааҕа буоларын, стационарга үлэлиир эмчиттэргэ волонтердар сөптөөх көмөнү оҥороллорун бэлиэтээтэ. «Пандемия кэмигэр сall-киин эрэсиимигэр сылдьабын. Кэллиэгэлэрим-дьокутааттар, биирдиилээн дьон вакцинацияттан саҕалаан, санитарнай көтөр аалы хааччыйыыга тиийэ араас ыйытыктары биэрэллэр. Күн устата кинилэргэ сүбэлиибин, миэдиктэри кытта сүбэлэһэбин. Эмчиттэр күнүстэри-түүннэри үлэлииллэр, ол курдук бэйэм 15-тэн тахса сыл хирурдаабытым. Билигин хантаактаах буоламмын, дьиэбэр олоробун. Консультациялыыр өҥөлөрү салгыы оҥорорго бэлэммин», — диир кини.
Санатан эттэххэ, Владимир Чичигинаров – Арассыыйа доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Любовь Явловская — мэдиссиинэ наукатын дуоктара, өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын бырааһа.
«Триумф»-ка амбулаторнай киин үлэтин саҕалаата
Тохсунньу 27 күнүгэр киин куоракка «Триумфка» аһыллыбыт амбулаторнай киин бастакы үлэлиир күнүгэр 2300 киһини көрдө. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрдэ.
- Амбулаторнай кииҥҥэ бүгүн элбэх киһи муһунна. Бары коронавируска ИХА-тест туттарар баҕалаахтар. Элбэх киһи мустубутунан сибээстээн, миэдиктэр санитарнай нуормаларга олоҕуран, быстах кэмҥэ хааччахтыыр миэрэлэри киллэрдилэр. Билиҥҥи кэмҥэ киин уопсайа 2300 киһини көрдө, ол иһиттэн 40%-на ыарыыга сутуллубатахтара быһаарылынна», — диэтэ кини. Миниистир быһаарыытынан, амбулаторнай кииҥҥэ температурата 38 кыраадыстан намыһах, сытыы респираторнай вирус инфекциятынан ыалдьыбыт дьону эрэ көрүөхтэрэ.
«Өскөтүн температураҕыт 38 кыраадыстан үрдүк, ыараханнык тыынар, аҕылыыр эбэтэр интоксикация баар буоллаҕына суһал көмө биригээдэтин ыҥыраҕыт. Температураҕыт нуорма иһинэн, туох да симптом суох буоллаҕына, «Триумф» амбулаторнай кииҥҥэ кэлэргит наадата суох», — диэтэ Лена Николаевна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0