Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Арассыыйа Генеральнай борокуруора Игорь Краснов COVID-19 сыстыганнаах ыарыыттан ПЦР чинчиийиини оҥорор өҥө сыаналарын бэрэбиэркэлииргэ сорудахтаата. Бу туһунан биэдэмистибэ саайтыгар суруллар.

Арассыыйа Генеральнай борокуруора Игорь Краснов COVID-19 сыстыганнаах ыарыыттан ПЦР чинчиийиини оҥорор өҥө сыаналарын бэрэбиэркэлииргэ сорудахтаата. Бу туһунан биэдэмистибэ саайтыгар суруллар.

Мэдиссинискэй лабораторияларга, чааһынай кииннэргэ, ону таһынан аптекаларга хонтуруол үлэлэрэ ыытыллара чуолкайданна.

«Борокуруордар болҕомтолорун киинигэр - COVID-19 сыстыганнаах ыарыыттан ПЦР чинчиийиини тэрийиигэ нормативтары толоруу, колл-кииннэргэ исписэлиистэринэн сөптөөх хааччыллыыларын ситиһиллибитин үөрэтии», - диэн иһитиннэриигэ ыйыллар. Кэһии тахсыбыт түбэлтэтигэр борокуруор тустаах миэрэлэри ылынара сабаҕаланар.

Бу иннинэ Госдума бырамыысыланнаска уонна атыы-эргиэн кэмитиэтин баһылыга Владимир Гутенев Федеральнай антимонопольнай сулууспаҕа ПЦР-чинчийии тест, өҥө сыаналарын үрдээһинин хонтуруолга ылалларыгар көрдөспүтэ. Кини этэринэн, ырыынакка ПЦР-тест сыаната 800-1000 солк. куоһарыа суохтаах. Ол эрэн, «Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот фронун» (ОНФ) дааннайынан, ПЦР-тест сыаната 2,5 тыһ.солк. диэри тиийэр.

Санатар буоллахха, ПЦР-чинчийии өҥө оҥоруу сыанатын ырыынакка олохтооһунун кыһалҕаларын быһаарыыга, хонтуруолга ылалларыгар уонна тыын суолталаах эмп испииһэгэр киллэрэр кыаҕы көрөллөрүгэр РФ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко аатыгар Санкт-Петербург дьокутааттара көрдөһүү сурук ыыппыттара.

Билигин киин куоракка ханнык тэрилтэҕэ үлэлиириттэн тутулуга суох уоппускаттан тахсыбыт уонна эрэгийиэн тас өттүттэн кэлбит дьон ПЦР ньыматынан COVID-19 сыстыганнаах ыарыыттан бэрэбиэркэни ааһаллара хайаан да ирдэниллэр. Маныаха  «Яннамед», «Кристалл», «Аврора», «Медэкспресс», «Медлайн», М.К. Аммосов аатынан  ХИФУ Мэдиссиинискэй килииникэтэ  бу тэрилтэлэргэ эмтэнээччилэргэ босхо ПЦР-чинчийиини оҥороллор.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21