Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

“Ил Түмэн” Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутаата Руслан Федотов Амма улууһун саҥа талыллыбыт баһылыктарыгар эҕэрдэтэ.

“Ил Түмэн” Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутаата Руслан Федотов Амма улууһун саҥа талыллыбыт баһылыктарыгар эҕэрдэтэ.

Балаҕан ыйын 13 күнүгэр Амма улууһун баһылыгынан Николай Архипович Архипов, Мээндиги нэһилиэгин баһылыгынан Илья Семенович Семенов, Соморсун нэһилиэгин баһылыгынан  Алексей Юрьевич Кононов, Чакыр нэһилиэгин баһылыгынан Прокопий Евгеньевич Прокопьев норуот итэҕэлин ылан, иккис болдьохторугар талылыннылар. Алтан нэһилиэгэр Николай Николаевич Карамзин, Бөтүҥ нэһилиэгэр Алексей Николаевич Никитин, Чапчылҕан нэһилиэгэр Дьулустан Авксентьевич Юшков, Эмис нэһилиэгэр Прокопий Петрович Бубякин баһылык “бурҕалдьытын” кэттилэр.

Амма улууһун быыбардааччылара кинилэргэ эрэнэн, итэҕэйэн, саҕалаабыт үлэлэрин сайыннаралларыгар, ылсыбыт дьыалаларын олоххо киллэрэллэригэр кыах биэрбиттэрэ улахан махталлаах суол.

Бары талыллыбыт баһылыктарга таһаарыылаах, кэскиллээх үлэни-хамнаһы, туруоруммут сыалларын-соруктарын ситиһэллэригэр баҕарабын!

Тапталлаах Аммабыт улууһа чэчирии сайдарыгар туох да ыарахаттартан иҥнибэккэ, нэһилиэнньэни биир өйгө-санааҕа түмэн, ситиһиилээхтик үлэлиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпин.

“Ил Түмэн” Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутаата Руслан Федотов.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31