Оскуола оҕолоругар араас флешмобтар, биллэр эстрада, киинэ сулустарын, блогердары, ыытааччылары кытта аһаҕас быһа эфирдэр көстүөхтэрэ. Бу быһа эфирдэргэ дьоруойдар оскуола кэмин саҕанааҕы олохторун туһунан кэпсиэхтэрэ, оҕолору уонна учууталлары бырааһынньыгынан эҕэрдэлиэхтэрэ. Биэдэмистибэ иһитиннэрэринэн, онлайн тэрээһиннэр Mail.ru Group хампаанньа, Норуоттар икки ардыларынааҕы устудудьуоннар телевидениеларын Ассоциацията уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы оскуола оҕолорун хамсааһынын кытта оҥоһуллар.
Бүтүн Арассыыйатааҕы акция быһа эфирын ВКонтакте социальнай ситимин биэдэмистибэ страницатыгар https://vk.com/minprosvet көрүөххэ сөп. Акция ыам ыйын 25 күнүгэр, сарсын, Москва бириэмэтинэн сарсыарда 10 ч. саҕаланыаҕа.
Акция чэрчитинэн
ким баҕалаах социальнай ситимнэри туһанан учууталлары эҕэрдэлиэн сөп. Эҕэрдэ видеоустуутун ВКонтакте, Instagram, Одноклассники биитэр Facebook ситимнэргэ #СпасибоУчителям хештег суруйан уонна биэдэмистибэ страницатын бэлиэтээн таһаараҕыт. Оччотугар акциянан уопсай видеоустуу хомуурунньугар киириэн сөп.ВКонтакте социальнай ситимҥэ оскуоланы бүтэрэр сылы бэлиэтээн туруордахха акцияны тэрийээччи хамаандаттан эҕэрдэ сурук тутуоххут.Бииргэ үөрэнэр оҕолоргун кытта түспүт уопсай хаартысканы #МойКласс2020 хештег суруйан ВКонтакте, Instagram, Одноклассники биитэр Facebook таһаараҕыт. Акция түмүгүнэн бастыҥ хаартыскалар сайт анаммыт страницатыгар киириэхтэрэ. «К празднику готов!» флешмобка кыттыан баҕалаахтар TikTok ситимҥэ киирэн #КПраздникуГотов хештег суруйан тиһэх чуорааҥҥа анаммыт кылгас видеоустуу туруораҕыт. уо.д.а. тэрээһиннэр https://edu.gov.ru/posledniy-zvonok-2020 сайтка киирэн көрүөххэ сөп.
«Тиһэх чуораан» бырааһынньык төрүттэниитин историята
Тиһэх чуораан оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын саҕаланыыта ыам ыйын 25 күнүгэр ыытыллар. Бастаан бу бырааһынньыгы 70-с сылларга маассабайдык бэлиэтиир буолбуттара, дьиҥэр, бу күнү бэлиэтиир историята киэҥ эбит. Бырааһынньык ааптара – Краснодар кыраайын педагог-новатора Фёдор Брюховецкий. Ол курдук тиһэх чуораан историята Краснодар куораттан 1948 сыл ыам ыйын 25 күнүттэн саҕаланар.
Краснодардааҕы педагогическай институт выпускнига Фёдор Брюховецкий 1943 сыллаахха оскуола директоранынан анаммыта. Кини салайыытынан оскуолаҕа Краснодары босхолооһун кэннэ, педагогическай эксперименнары оҥорор дьиэнэн уонна ССРС педагогическай наукаҕа Академиятын педагогика историятын үөрэтиигэ уонна Наукаҕа, чинчийиигэ институтун опыт оҥорор былаһааккатынан буолар. Ити курдук, эдэр педагог краснодардааҕы 12№-дээх оскуолаҕа киллэрбит көрүүлэрэ кэлин сэбиэскэй үөрэхтээһин классиката буолар, салгыы аныгы үөрэхтээһин билиҥҥи кэмҥэ туттар көрүүлэрэ үгүс элбэх. Ол кэм саҕана бу оскуолаҕа сылга биирдэ үөрэнээччилэр бэйэ салайыныы күнүн ыытыллара – Антон Макаренко төрөөбүт күнүгэр –биир күн учуутал, завуч уонна оскуола директора буолан үлэлииллэрэ. Бу кэннэ оскуолаҕа үрдүнэн уопсай бырааһынньык тэрийэр туһунан санаа үөскээбитэ. Аан маҥнайгынан 1944 сыллаахха «Оскуола чиэһин туһугар» диэн Ленинград куорат көмүскээччитэ, бу оскуоланы бүтэрээччи, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Александр Мироненко аатын чиэстээн бырааһынньык ыытыллыбыта. Салгыы биллибит-көстүбүт үөрэнээччилэр ааттара оскуола Бочуоттаах кинигэҕэ суруллаллара, кэнсиэр тэриллэрэ, бэйэ оҥорбут бэлэхтэр бэриллэллэрэ.
Историяҕа киирбит аан маҥнайгы тиһэх чуораан краснодардааҕы 12№-дээх уонна москватааҕы 182№-дээх оскуолаларга тыаһаабыта уонна уопсай оскуола линейкатын ньыматынан тэриллибитэ. Оскуолаҕа киирэр бастакы кылаас оҕолоро үлэ уруогар бэйэ оҥорбут малларын бэлэх туттараллара. Бу күн оскуоланы бүтэрээччи оҕолор оскуола тиэргэнигэр мас олордоллоро. Бэлиэтээн этэр буоллахха, бу оскуолаттан тиһэх чуораан бырааһынньыгынан эрэ муҥурдаммат. Федор Брюховец салайыытынан «Букубаары кытта быраһаайдаһыы» уонна «Билии күнэ» бырааһынньыктар ССРС үрдүнэн киэҥник тарҕанан төрүттэммиттэрэ.
Быраhаай, оскуолам!
Николай Андросов тыллара уонна матыыба
Бүтэһик чуорааны тыаһатан,
Оскуола дьиэбиттэн тэйдэҕим,
Өссө биир үктэли дабайан,
Билии киэн аартыгар үктэнним.
Хос ырыата:
Быраһаай, оскуолам,
Быраһаай, быраһаай,
Кыталык буоламмын,
Көтөбүн мин алааспыттан, алааспыттан.
Өйдүүбүн сумкабын сүгэммин
Маҥнайгы кылааска киирбиппин,
Билии киэн аартыгар атаарбыт
Кырдьаҕас мин эбээм алгыһын.
Хос ырыата
Ойдуубун сибэкки тутуурдаах
Маннайгы чуоранна кэлбиппин,
Кулгаахпар бу баардыы иьиллэр
Маннайгы чуорааным чугдаарар!
Хос ырыата
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0