Маныаха бэһистэр уонна онустар дистанционнайдык үөрэнэллэрэ көҥүллэнэр. Ону сэргэ тохсустартан уонна уон бииристэртэн уратылар бары кэтэхтэн уонна күнүскү үөрэҕи аныгы технологиялар көмөлөрүнэн алтыһыннаран үөрэниэхтэрин сөп.
Төрөппүт: “Бу ыарыы үгэннээн турдаҕына, оҕобун оскуолаҕа үөрэттэрбэппин”, -- диир буоллаҕына, дьиэҕэ үөрэтиигэ сайабылыанньа суруйуон сөп. Маннык ыраахтан үөрэҕи, бастатан туран, вакцина ылбат, мөлтөх доруобуйалаах, диспансернай учуокка турар оҕолорго сүбэлииллэр. Оттон эбии үөрэх кыһалара дистанционнай үөрэтиини салгыыллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0