«Дьокуускайдааҕы эпидиэмийэни утары охсуһар санитарнай хамыыһыйа бүгүҥҥү мунньаҕар ылыммыт быһаарыытынан, сэтинньи 8 күнүттэн куорат, итиэннэ куорат таһынааҕы оскуолаларга I-XI кылаас үөрэнээччилэрэ санитарнай ирдэбиллэри тутуһан, үгэс үөрэх көрүҥэр көһүөхтэрэ. Хааччахтыыр миэрэлэр куруһуоктарга, сиэксийэлэргэ, эбии үөрэххэ, оскуола иһигэр уонна таһыгар буолар тэрээһиннэргэ салгыы үлэлиэҕэ”, – диэн пресс-сулууспа кэпсиир.
Ол эрээри, куораттааҕы үөрэх управлениета чопчулуурунан, эбии үөрэхтээһин соҕотох үөрэнээччи эрэ сылдьар куруһуоктарыгар сирэй үөрэнии көрүҥүнэн ыытыллар.
Эрдэ бэлиэтэммитин курдук, Саха сиригэр өрөбүллэр салҕамматтар, сэтинньи 8 күнүттэн тэрилтэлэр бары ыстаат эрэсииминэн үлэҕэ тахсыахтара, маныаха санитарнай ирдэбили тутуһуллуохтаах, QR-код бэрэбиэркэлэниэхтээх.
Оттон коллективнай иммунитет үөскүүрүгэр сокуоннай сааһын сиппит нэһилиэнньэ 80 %-на быһыыны ылбыт буолуохтаах. Ил Дархан Айсен Николаев социальнай ситимнэргэ быһа биэриитигэр иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ хоруона хамсыгын утары быһыыны нэһилиэнньэ 52 %-на ылбыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0